25.08.2021 | 17:30

102 тыһыынча доза вакцина баар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уочараттаах брифиҥҥэ этиллибитинэн, Саха сиригэр коронавирус дьаҥын утары 102 тыһыынча доза вакцина баар. Быһыыны ылбыттара сыл аҥаара буолбут дьону ревакцинацияҕа ыҥыраллар. 
Атырдьах ыйын 25 күнүгэр коронавируһунан ыалдьыы 144 саҥа түбэлтэтэ биллибит. Дьокуускайга — 82 киһи, Мииринэй оройуонугар — 13, Үөһээ Бүлүү улууһугар —  7, Тааттаҕа —  7,  Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар — 6-лыы, Чурапчыга —  5, Кэбээйи улууһугар — 4, Бүлүү уонна Сунтаар улуустарыгар —  3-түү киһи. Амма, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Нам, Хаҥалас улуустарыгар — 2-лии, Аллайыаха, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарыгар — 1-дии киһи ыалдьыбыт.
Коронавирус дьаҥа ыраах сытар оройуоннарга булуллубут, итинник сирдэргэ  санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэри туттар уустук. Онон регион тас өттүттэн кэлбит эбэтэр регион ыраах муннуктарыгар барар дьон ханна да сылдьыбакка, бэйэ изоляциятын эрэсиимин тутуһаллара ирдэнэр. 
Өрөспүүбүлүкэ лабораториялара быыстала суох үлэлииллэр. Ол курдук, суукка иһигэр 3 438 анаалыһы оҥорбуттар. 
Саха сиригэр пандемия саҕаланыаҕыттан 414 355 доза вакцина кэлбит. Вакцинация бастакы түһүмэҕин 308 800 киһи ааспыт, олортон 59 341 – 65-тэн үөһэ саастаахтар. Толору вакцинацияны 270 966 киһи ааспыт, олор истэригэр 54 147 – 65-тэн үөһэ саастаах дьон. Быһыы былаана нэһилиэнньэ 80% эбит буоллаҕына, билиҥҥи туругунан вакцина 70% туттуллубут.
Вакцинацияны оҥорор эбии пууннар үлэлииллэр, наада буоллаҕына быраастар тэрилтэҕэ да кэлэн оҥоруохтарын сөп. Ревакцинацияҕа бастакы ылбыт вакциналарыттан атыны талаллара көҥүллэнэр. Билигин региоҥҥа «Спутник V», «ЭпиВакКорона» уонна «Спутник лайт» вакциналар бааллар.
Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ реанимацияларыгар сытар 102 ыарыһахтан биир да киһи вакцинаны ылбатах. Медиктэр бэлиэтииллэринэн, быһыы толору кууруһун ылбыт дьон ыараханнык ыалдьыбаттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....