Саха сиригэр коронавирус дьаҥын 238 түбэлтэтэ регистрацияланна
Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар ааспыт сууккаҕа коронавирус дьаҥынан 238 киһи ыалдьыбыта билиннэ. Бу туһунан регионнааҕы баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Киин куоракка 125 түбэлтэ, Таатта улууһугар – 12, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар – 11, Сунтаар улууһугар – 8, Кэбээйи улууһугар – 6 киһи ыалдьыбыттара регистрцияланна.
Алдан уонна Ленскэй оройуоннарыгар – 9-туу, Амма, Бүлүү уонна Нам улуустарыгар – 5-тии, Булуҥ, Мирнэй, Томпо уонна Чурапчы оройуоннарыгар – 4-түү киһи ыалдьыбыта билиннэ.
Итини таһынан, Үөһээ Дьааҥы, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Уус-Майа уонна Хаҥалас оройуоннарыгар – 3-түү, Үөһээ Бүлүү, Горнай уонна Орто Халыма улуустарыгар иккилии, Үөһээ Халыма, Уус-Алдан уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар биирдии киһи ыалдьыбыт.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавирус инфекциятынан 5 290 чинчийиини оҥорбуттар.