Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыы намтаабат
Билиҥҥи туругунан, коронавируснай инфекциянан ыалдьыы түбэлтэлэринэн Саха сирэ Арассыыйа субъектарын ортотугар 40-50-с миэстэҕэ сылдьар. Ыарыы намтааһына көстүбэт. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб муниципальнай тэриллиилэр уонна куорат уокуруктарын баһылыктарын кыттыылаах уочараттаах мунньаҕар этиллибитинэн, Саха сиригэр коронавируснай инфекцияны кытта сибээстээх санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы уустугунан хаалар. Ол туһунан мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
Ыарыы таһыма үрдээбит улуустара – Бүлүү, Горнай, Уус-Майа, Хаҥалас. Дьокуускай куорат уонна 14 өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын реанимационнай салааларыгар 102 ыарыһах, ол иһигэр 21 киһи ыарахан туруктаах тыҥа вентиляциятын аппараатыгар холбонон сыталлар.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, кэнники кэмҥэ оройуоннар баһылыктара ойуур баһаарынан уонна оттооһунунан сибээстээн коронавирус дьаҥын кытта охсуһууга улахан болҕомтону уурбат буолбуттар, ол олох сатаммат быһыы. Билигин ОРВИ сезона саҕаланыытыгар коронавирус ахсаана үрдээбэтин курдук эрдэттэн миэрэ ылыллар сорук турара этилиннэ.
Профилактика миэрэлэрин сэргэ баһылыктарга ОРВИ-га майгынныырдык ыалдьыбыт дьон медицинскэй тэрилтэлэргэ суһаллык көрдөрөллөрүн курдук үлэни ыытарга сорудахтанна. Ити коронавируснай инфекцияны эрдэтинэ буларга, ыарахан турукка тиэрдибэт буолууга улахан суолталаах. Итини сэргэ муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара медицинскэй тэрилтэлэри кытта эминэн хааччыйыыга үлэлэһиэхтээхтэр.
Дьоһун соруктартан биирдэстэрэ – оҕо уһуйааннарыгар уонна оскуолаларга санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбили тутуһууну хонтуруоллааһын. Итиннэ оҕолор уонна педагогтар ортолоругар ыалдьааһын түбэлтэрэ тиһиктээхтик анаалыстаныахтаах.
Баһылыктар оскуолаларга уонна уһуйааннарга температурнай эрэсиими кэтээһини олохтуур, ититиини кэмигэр биэрэр усулуобуйаларынан хааччыйыахтаахтар.
Биир кэлим куоластааһын күнэ чугаһаабытынан сибээстээн, быыбардыыр учаастактар санитарнай-эпидемиологическэй өттүнэн куттала суох буолууларын хааччыйыы баһылыктар ураты болҕомтолоругар сылдьыахтаах.
Вакцинацияҕа сыһыаннаан, Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥи туругунан быһыы бастакы түһүмэҕин 326 318 киһи, иккис түһүмэҕин – 302 168 киһи ааспытын бэлиэтээтэ. Оройуоннарынан көрдөххө вакцинация араас тэтимнээх. Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма оройуоннарыгар улахан дьоҥҥо быһыыны туруорааһыҥҥа былаан 90 уонна 100% туолбут.
Сорох улуустарга былаан 60% да туолбатах, ити Нам уонна Чурапчы улуустара. Амма, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Нерюнгри, Уус-Алдан оройуоннарыгар былаан 65%-тан намыһах туолбут.
Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ 5 305 олохтооҕо ревакцинацияны ааспыт.
Мунньах чэрчитинэн Өлүөхүмэ, Мирнэй уонна Хаҥалас оройуоннарын баһылыктара санитарнай-эпидемиологическэй балаһыанньа уонна коронавируһу утары ыытыллар миэрэлэр тустарынан иһитиннэриини оҥордулар.