02.08.2022 | 15:30
Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыы элбээтэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрбитинэн, коронавирус дьаҥынан ыалдьыы элбээн иһэр. Ол курдук, биир суукка иһигэр 119 сутуллубут киһи регистрацияланна.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
«Ааспыт сууккаҕа регионнааҕы балыыһаларга аҕыс ыарыһах киирдэ, ити ыалдьыбыт дьон 6,7%-на, уопсайа 119 киһи ыарыйда. Итинтэн 42,9% Дьокуускай куоракка регистрацияланна, 57,1% – улуустарга», — диэн иһитиннэрдилэр суһал штабка. Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, 101 ыалдьыбыт киһи регистрацияламмыт.
Билиҥҥи туругунан стационардарга 7,5% ыарыһах эмтэнэр, таһыттан амбулаторнай усулуобуйаҕа – 92,5%.
Быһыы бастакы түһүмэҕин 642 017 киһи ааспыт, ити өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин улахан дьонун 89,5%-на. Ревакцинацияны 169 538 киһи ааста, ити хос быһыыны ылыахтаах дьон 68%-на.
Ревакцинацияҕа намыһах көрдөрүүлээх улуустар – Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Орто Халыма уонна Дьокуускай куорат.
Сонуннар
05.12.2024 | 21:21
Сир аһын хомуйуу бэрээдэктэниэҕэ
05.12.2024 | 18:00
Кыайыы биһиэнэ буолуо!
05.12.2024 | 16:46
«Сырдык киин куорат» 2024 сыллааҕы үлэтин түмүктээтэ
05.12.2024 | 16:24
Элбэх оҕолоохторго сир учаастагын Бүлүүлүүр суол 16 км биэрдилэр
05.12.2024 | 16:00
«Дьокуускай» аэропорт наадалаах нүөмэрдэрэ
05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
05.12.2024 | 12:00
«Үүнэр көлүөнэ паарката» — креативнай индустрия сайдыытын тирэҕэ
03.12.2024 | 19:29
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл түмүктэрэ
03.12.2024 | 19:00
“Амма Куо уонна Харама Боотур” олоҥхо-моноиспэктээк премьерата буолла
03.12.2024 | 19:00
Нэдиэлэ иһигэр 115 лиитэрэ кэриҥэ арыгылаах утах тутулунна
03.12.2024 | 13:12
XII-с «МЭР-2024» кыайыылаахтара ааттаннылар
03.12.2024 | 12:51
Ахсынньы 4 күнүгэр куорат салалтата уонна структуралар салайааччылара нэһилиэнньэни кытта көрсүөхтэрэ
01.12.2024 | 14:00
Бодох түбэтинээҕи «Конституция» холкуос
01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
01.12.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата ахсынньы 2-8 күннэригэр
30.11.2024 | 14:00
Боропсойуус үлэтэ бүппэт түбүктээх
30.11.2024 | 12:26
Куорат пааркатыгар ураты харыйа турда!
30.11.2024 | 10:00
Тиһиктээх үлэ хаһан баҕарар үтүө түмүктээх
29.11.2024 | 22:10
Аккырыыкката ыыт – чугас дьоҥҥор Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны бэлэхтээ
29.11.2024 | 21:55
«МЭР» оонньуу быйылгы тиэмэтэ – патриотизм
Ордук ааҕаллар
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар:
– Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!
Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу?
Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.
Светлана Петровна:
— Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...