05.04.2021 | 08:00 | Просмотров: 652

Саха сиригэр – Инклюзивнай үөрэхтээһин күннэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрэх уонна наука министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, муус устар 5-16 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Инклюзивнай үөрэхтээһин күннэрэ ыытыллар. Икки нэдиэлэ устата төрөппүттэргэ уонна оҕолорго, ону таһынан ураты оҕолору кытта үлэлиир специалистарга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Төрөппүттэр үөрэхтээһин, психолог-медик-педагог хамыыһыйатын, реабилитация, профориентация туһунан ыйытыыларыгар хоруй ылыахтара. Ону таһынан эрдэтээҕи көмө сулууспатын, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин (ол иһигэр коррекционнай, эбии үөрэхтээһин уонна орто анал үөрэхтээһин) үлэлэрин сиһилии билсиэхтэрэ. С.Н. Донской аатынан Үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтии институтугар семинардар ыытыллыахтара.

“Харысхал” аһыма пуонда, “Радуга” реабилитационнай киин оҕолорго ментальнай арифметикаҕа, мультипликацияҕа уонна театральнай маастарыстыбаҕа маастар-кылаастары тэрийиэхтэрэ. Тэрээһиннэр тустарынан сиһилии үөрэх уонна наука министиэристибэтин сайтыгар булан көрүөххүтүн сөп. Билсэр төл. 8(4112)506945.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.