Саха сиригэр хааччахтыыр миэрэлэр атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри уһатылыннылар
Ил Дархан Айсен Николаев саҥа ыйааҕынан, коронавируһунан сибээстээн хааччахтыыр миэрэлэр от ыйын 16 күнүттэн атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри уһатылыннылар. Ол туһунан баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыйаахха этиллэринэн, COVID-free зоналарга киирсэр тэрилтэлэргэ сылдьарга коронавирус дьаҥын утары вакцинацияны ылбыт, ону сэргэ 72 чаастан ырааппатах ПЦР эбэтэр ИХА анаалыстара вирус суоҕун көрдөрбүт буоллаҕына мааска кэтиэ уонна социальнай дистанцияны тутуһуо суохтарын сөп.
«Уоппускаттан тахсар үлэһиттэр тест ааһыахтаахтар уонна 72 чаастан ырааппатах ПЦР эбэтэр ИХА анаалыстарын түмүгүн көрдөрүөхтээхтэр», - диэн этиллэр иһитиннэриигэ. Уоппуска икки хонук уһуннаах, ону сэргэ вакцинацияламмыт эбэтэр ковидынан алта ый иһигэр ыалдьыбыт дьон тест туттарыа суохтарын сөп.
ПЦР эбэтэр ИХА анаалыстары оҥорор чинчийэр лабораториялар информацияны Роспотребнадзор Киин эпидемиология научнай-чинчийэр институтугар тиэрдиэхтээхтэр.
От ыйын 24 күнүттэн COVID-free зоналарга киирсэр тэрилтэлэргэ сылдьалларга «Госуслуги.Стопкоронавирус» судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларыттан ылан QR-коду көрдөрүллүөхтээх.