05.08.2021 | 10:00

Саха сиригэр гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тутуу министиэристибэтигэр 2022 сыллааҕы сайаапкаларынан үлэ тэтимнээхтик барар. Дьиэ хаһан хаарбах туруктааҕынан билиниллибититтэн көрөн, олохтоохтору көһөрүү болдьоҕо чуолкайданар. Киһи доруобуйатыгар уонна олоҕор куттал суоһуур буоллаҕына көһөрүү болдьоҕо түргэтээн биэрэр. Ол туһунан социальнай ситимҥэ ыытыллыбыт быһа эфиргэ өрөспүүбүлүкэ тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов  кэпсээтэ. 
Хаарбах туруктаах дьиэттэн гражданнары көһөрүү бырагыраамата 6 түһүмэхтээх. 2019 сыллааҕы түһүмэх бүппүт, аны быйыл 2020 сыллааҕы түһүмэх түмүктэнэр. Хас биирдии түһүмэх 2 сыллаах халандаарынай кэмнээх. Өрөспүүбүлүкэ тутуутун Министиэристибэтигэр сыл саҥатыттан 2022 сыллааҕы түһүмэх сайаапкаларын көмүскээһиҥҥэ үлэ ыытыллар. 
«Сайаапка көмүскэннэ, тэтимнээхтик үлэлээн эрэбит. Бу сыл бүтүүтэ 2023 сыллааҕы сайаапкалар көмүскээһиннэрин саҕалыахпыт. Биһиги бырагыраамабыт түргэнник олоххо киирэригэр, гражданнар түргэнник саҥа дьиэни, эбэтэр компенсацияны ылалларыгар интириэстээхпит. Үлэ бырабыыталыстыба таһымыгар ыытыллар. Бэйэни салайыныы уорганнарыгар сайаапкалары Министиэристибэҕэ түргэнник биэрэр курдук үлэ эмиэ барар»,  – диир миниистир.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, дьиэ хаарбах чинчилээх, конструкцията хамсаабыт, уларыйбыт буоллаҕына олохтоохтор бэйэлэрэ аналлаах тэрилтэлэртэн чинчийии сакаастаан оҥотторуохтарын сөп. Ол кэннэ муниципальнай хамыыһыйа дьиэ хаарбах туруктааҕын туһунан быһаарыныы ылынар. 
«Дьиэни бас билээччилэр чинчийии ыытыллыбытын туһунан уонна отчуоттаах докумуоннары илдьэ муниципальнай хамыыһыйаҕа кэлэн дьиэ хаарбаҕынан ааҕылларын дуу, суоҕун дуу чуолкайдаһыахтарын наада», – диир Павел Кылатчанов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...