05.12.2023 | 18:00

Саха сиригэр фашизмы утары форум тэриллэр

Ахсынньы 8 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн, Аҕа дойду Геройдарын күнүн көрсө, фашизмы утары форум тэриллэр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр фашизмы утары форум тэриллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Форум сүрүн сыала – фашизм суоһуурун туһунан сэрэтии, XXI үйэҕэ неофашизм чөлүгэр түһүүтүн утары күүстээх миэрэлэри ылыныы.

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, фашизмы утары форум дойду үрдүнэн Саха сиригэр аан бастакынан, РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн, ыытыллар.

«Уопсастыбаҕа неофашизм бары көрүҥүн утарар өйү-санааны үөскэтиэхтээхпит, XXI үйэҕэ неофашизмы уонна нацизмы кыайарга антифашистскай күүһү барытын түмүөхтээхпит, үгэс буолбут сыаннастарбытын көмүскүөхтээхпит уонна бөҕөргөтүөхтээхпит. Фашизмы утары форум биир сүрүн тиэмэтэ – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бары өттүнэн өйөөһүн», – диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев.

Форумҥа Иккис аан дойду сэриитин устуоруйатын сымыйанан уларытыы боппуруостарын, дьиҥ-чахчыны көмүскүүр үлэни уонна устуоруйаны саҥаттан суруйууну утары охсуһууну күүһүрдээһини дьүүллэһиэхтэрэ.  

Тэрээһин кыттыылаахтарын ортотугар федеральнай экспертэр бааллар: «Наука. Общество. Оборона» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, Арассыыйа Ракетнай уонна артиллерийскай наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Владимир Кикнадзе, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ Игорь Кимаковскай.

Итини сэргэ, форумҥа онлайн көрүҥүнэн атын экспертэр кытталлара былааннанар, ол иһигэр Судаарыстыбаннай Дуума Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Антон Басанскай, «Арассыыйа офицердара» уопсастыбаннай тэрилтэ киин исполкомун салайааччыта Александр Михайлов, байыаннай кэрэспэдьиэннэр Никола Стариков уонна Андрей Афанасьев, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Москватааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Ольга Макеева, Арассыыйатааҕы наука академиятын техногеннай куттал суох буолуутугар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Махутов уо.д.а.

Форум үлэтин түмүгүнэн резолюция ылыныллыаҕа.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....