25.03.2022 | 19:17

Саха сиригэр эбии 2 526 туонна бурдук кэлиэҕэ

Саха сиригэр эбии 2 526 туонна бурдук кэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын информациятынан, Саха сиригэр социальнай суолталаах ас-үөл саппааһын элбэтэр сорук турар, ол иһигэр бурдук эмиэ киирсэр. Оройуоннарга бурдук саппааһа нэһилиэнньэни 180 хонукка хааччыйыыга тиийэр. Бу туһунан улуус баһылыктарын кытта мунньах түмүгүнэн Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко иһитиннэрдэ. 
Бу иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев регион тэрилтэлэригэр аһы-үөлү урутуур эрэсииминэн аҕалыыны өйүүр уонна өрөспүүбүлүкэбит аһа-үөлэ бүтэр куттала суох буолуутун соругун туруорбута.
«Стабильнай туруктаах оройуоннар бааллар, ол эрэн, сорох сирдэргэ саппааһы мөлтөхтүк дьаһанааччылар эмиэ бааллар. Оройуон баһылыктара миэстэлэринэн ас-үөл кыһалҕата хайдаҕын билиэхтээхтээхтэр. Булгуччу предпринимателлэри кытта сибээскитин тутуҥ уонна бородууктаны аҕалыыга, таһаҕаһы тиэйиигэ тахсыбыт кыһалҕаны түргэнник быһаарар курдук, аһы-үөлү аҕалааччы вагоннар нүөмэрдэрин кытта, суһаллык биһиэхэ биллэрэн иһиҥ», - диэтэ Андрей Тарасенко муниципальнай тэриллиилэр салайааччыларыгар туһаайан.


Өрөспүүбүлүкэбит 7 улахан атыы-эргиэн тэрилтэлэрин дааннайдарынан, билиҥҥи туругунан 2 800 туонна бурдук саппааһа баар.
Андрей Тарасенко өрөспүүбүлүкэбитигэр предпринимателлэри өйүүр миэрэлэр ылыллыбыттарын туһунан санатта уонна бу туһунан сырдатыыны хас биирдии аһы-үөлү тиэйэр тэрилтэлэргэ тиэрдиҥ диэн оройуоннар баһылыктарыгар сорудахтаата.
Санатар буоллахха, кууһунан эбэтэр биирдиилээн атыы-эргиэн эйгэтин дьоҕус, орто предпринимательствотын субъектарыгар чэпчэтиилээх иэс ылааһын уонна сылга 8%-х кредиттэригэр 1 сыллаах болдьоххо рефинансирование баар буолбут. Нолуогу судургу систиэмэнэн төлүүр бары көрүҥ предпринимателлэргэ административнай хааччахтар уһуллубуттар уонна кредит ылалларыгар ставкаларын бырыһыана кыччаан биэрбит.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр бурдугу атыылаһарга 114,3 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия көрүллүбүт. Арктика уонна уустук суоллаах-иистээх оройуоннарга ас-үөл эбии саппааһын оҥорорго «Якутоптторг» тэрилтэҕэ 208,1 мөл. солк. субсидия бэриллибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...