Саха сиригэр эбии 2,5 тыһ. дуоза вакцина кэлэрэ күүтүллэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһу утары эбии 2,5 тыһ. дуоза вакцина кэлэрэ күүтүллэр.
«Быһа холоон бүгүн эбии 2,5 тыһ. дуозаны тутуохтаахпыт», – диэн эпидемиологическэй балаһыанньаны сырдатар брифиҥҥэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова иһитиннэрдэ.
Итини таһынан, кини биэс оройуоҥҥа нэһилиэнньэ 50%-тан аҕыйах киһи быһыы ылбытын, ити олох намыһах көрдөрүү буоларын туһунан эттэ.
Регионнааҕы суһал штаб иһитиннэриитинэн, от ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһу утары 271 187 дуоза вакцина кэлбит, бастакы түһүмэҕи 250 911 киһи ылбыт, 193 231 киһи толору кууруһу ааспыт. Саха сиригэр кэлбит вакцинаттан 92,12% туттуллубут.
«760-ча тыһ. оҕо өрөспүүбүлүкэ территориятынан кэлэр-барар, ити коронавируснай инфекция тарҕанарыгар төрүөт буолар. Мааскалары көхтөөхтүк кэтэ сылдьаргытыгар ыҥырабын, кинилэр вирустан эрэ буолбакка, тыҥаҕа буруо киирэриттэн эмиэ харыстыыллар», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир Елена Борисова.
Ааспыт сууккаҕа коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт 94 киһи баара биллибит.