05.10.2023 | 18:00

Саха сиригэр чөлүгэр түһүүнү 142 байыас ааста

Ил Дархан сорудаҕар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин социальнай чөлүгэр түһэрии салҕанар диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр чөлүгэр түһүүнү 142 байыас ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү күҥҥэ региоҥҥа биир кэлим чөлүгэр түһэриини 142 байыаннай сулууспалаах уонна 300-тэн тахса дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, ол иһигэр 199 оҕо аастылар. Бу туһунан бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ СӨ  Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Социальнай политикаҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта Анастасия Никифорова иһитиннэрдэ.

«Бу үлэ министиэристибэ биэдэмистибэлэрин базатыгар ыытыллар – Дьокуускай, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ньурба чөлүгэр түһэрэр, итиэннэ Амма, Өлөөн уонна Орто Халыма улуустарын нэһилиэнньэ социальнай харысхалын кииннэригэр», – диэн бэлиэтээтэ Анастасия Никифорова.

Итини сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи техникум-интэринээт базатыгар профориентационнай үлэ, атын хайысханнан үөрэтии уонна үлэҕэ киллэрии, итиэннэ  медико-социальнай чөлүгэр түһэрии ыытыллар.

Итини таһынан, байыаннай сулууспалаахтарга уонна дьиэ кэргэттэригэр социальнай хантыраакка олоҕуран, судаарыстыбаннай социальнай көмө оҥоһуллар. Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр 200 итинник социальнай хантыраак түһэрсилиннэ, ол иһигэр 30-тан тахса урбаанньыт быһыытынан үлэни саҕалыылларыгар, 20 – кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ, сайыннарарга уонна сороҕо уустук балаһыанньаттан тахсарга көмө быһыытынан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...