20.09.2021 | 14:51

Саха сиригэр быыбарга хомуньуустар хоппуттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир


Өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа РФ Судаарыстыбаннай Думатыгар депутаттары талар куоластааһын түмүгүн таһаарда. КПРФ куолас 35,15% ылан политическай баартыйалар ортолоругар инники күөҥҥэ тахсыбыт. Баартыйа бэрэстэбиитэлэ Петр Аммосов биир мандааттаах уокурукка быыбардааччылар саамай элбэх куоластарын ылбыт. 
Регион олохтоохторо атын баартыйаларга биэрбит куоластара – «Биир ньыгыл Арассыыйа» (33,22%), «Саҥа дьон» (9,87%), «Сиэрдээх Арассыыйа – Кырдьык иһин» (8,19%). Дьокуускайга хомуньуустар 38,59%, «Биир ньыгыл Арассыыйа» 26,63%, «Сиэрдээх Арассыыйа – Кырдьык иһин» — 11,09%, «Саҥа дьон» — 10,9% куолаһы ылбыттар.
Биир мандааттаах уокурукка быыбардааччылар саамай элбэх куоластарын хомуньуус Петр Аммосов ылбыт. Кини туһугар 69 215 тыһыынча быыбардааччы куолаһын биэрбит, ол эбэтэр 21,61%.  Петр Черкашин («Биир ньыгыл Арассыыйа»), кыранан хаалан 20,07% куолаһы ылбыт. Федот Тумусов үһүс миэстэҕэ тиксибит – кини туһугар өрөспүүбүлүкэ 62 597 олохтооҕо, ол эбэтэр 19,55% куоластаабыт. 
Киин куоракка Аммосов иһин 18,68%, Федот Тумусов иһин 21,23%, Черкашин иһин 16,69% быыбардааччы куолаһын биэрбит. «Саҥа дьон» баартыйа бэрэстэбиитэлэ Василий Николаев иһин 15,22%, Анатолий Ноговицын иһин («Яблоко» баартыйа) 10,27% быыбардааччы куоластаабыт.
Ил Түмэн депутаттарын эбии таларга Университеттааҕы уокурукка ХИФУ ректора Анатолий Николаев 43,22% куоластаах кыайыылааҕынан тахсыбыт, Халыма-Индигиир 3 №-дээх биир мандаттаах уокуругугар Сахамин Афанасьев хоппут, экология миниистирин туһугар  3535 быыбардааччы куоластаабыт. 
Куоластааһыҥҥа барыта 337 758 киһи кыттыбыт (51,23%), Дьокуускай куоракка — 43,83%, ол эбэтэр 217 тыһыынча киһи Конституциянан көрүллэр быраабынан туһаммыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...