16.02.2022 | 14:00

Саха сиригэр былырыын 4 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ оҥоһулунна

Саха сиригэр былырыын 4 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ оҥоһулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр үлэнэн хааччыллыбыт нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтэргэ туһаайыллыбыт миэрэлэр чэрчилэринэн, былырыын 4414 саҥа үлэ миэстэтэ оҥоһуллубут, олортон тутууга – 2681, промышленноска – 1292, тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар – 148, экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар – 85, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар – 20, Арктическай зуонаҕа – 98 (резиденнар). Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтин биир дьоһун хайысхатынан саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийии буолар. Ити – Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ төһүү күүһүнэн буолар. Хайысха сүрүн кыаҕа промышленноска уонна ИТ эйгэҕэ сытар», – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа үлэ миэстэтин таһаарар Саха сирин сүрүн инвестициялаах бырайыактарынан Эльгинскай чох хостуур сир үс хайаны байытар фабрикатын үлэҕэ киллэрии, кыра күүрүүлээх атом станциятын тутааһыннаах «Кючус» көмүс хостуур сири баһылыырга бэлэмнэнии түһүмэх саҕаланыыта, Сиваглинскай тимир рудатын карьерыттан бастакы руданы тиэйии, Сыллахтааҕы чох разреһын үлэҕэ киллэрии буолаллар. Ити түөрт бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ 20 тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтин таһаарыахтаах.
 Итини таһынан, Нежданинскайдааҕы саҥа хайаны байытар фабрика бырайыактаммыт таһымыгар тиийдэҕинэ тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Эмиэ итиччэ миэстэ Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу саҕаланнаҕына баар буолуоҕа.
«ИТ-пааркаҕа» уонна  «Якутия» технопааркаҕа былырыын 367 саҥа үлэ миэстэтэ арыллыбыт. ИТ-салааҕа инновационнай экосистиэмэ сайыннаҕына итиннэ үлэлээччи ахсаана 2024 сылга диэри 10 тыһыынча киһиэхэ тиийиэхтээх.
Промышленность эйгэтигэр сүрүн суолталааҕынан «Олохтоох кадрдары промышленноска» бырагыраама буолар, кини чэрчитинэн промышленнай хампаанньалары, тутуу тэрилтэлэрин, суол, энергетика уонна тырааныспар хаһаайыстыбаларын кытта үлэҕэ уонна анал үөрэххэ киллэрэр туһунан 43 сөбүлэҥ түһэрсиллибит. 2021 сыл түмүгүнэн ити бырагырааманан 11 тыһыынча олохтоох дьон үлэҕэ киирбит.  Саҥа оробуочай миэстэлэр Саха сирин көмүс хостуур салаатыгар эмиэ тахсыбыттар. Ол курдук былырыын итиннэ 1811 киһи үлэ булбут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....