Саха сиригэр алта ойуур баһаара баар
Бэс ыйын 9 күнүн сарсыардатыгар Саха сирин территориятыгар 6 ойуур баһаара баар диэн иһитиннэрдэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб.
Ол курдук, Алдан, Хаҥалас, Уус Майа, Өлүөхүмэ улуустарыгар 4, Үөһээ Дьааҥы уонна Өлүөхүмэ хонтуруолланар зоналарыгар 2 ойуур баһаара регистрацияланнылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ түөрт баһаар бохсулунна. Уот сиэбит уопсай иэнэ – 800 га сир.
Баһаары умуорууга «Авиалесоохрана» 188 парашютист-десантнига, итиэннэ ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ, ЫБММ сотрудниктара уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн мобилизацияламмыт дьон, 15 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Ааспыт сууккаҕа Өймөкөөн улууһун Төрүт сэлиэнньэтиттэн 62,6 км сиргэ баар биир баһаар умуруорулунна.