18.06.2021 | 16:11

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа коронавируһунан ыалдьыы 94 түбэлтэтэ регистрацияланна

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа коронавируһунан ыалдьыы 94 түбэлтэтэ регистрацияланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа коронавируһунан ыалдьыы 94 түбэлтэтэ регистрацияланна диэн коронавирус дьаҥын кытта охсуһар суһал штаб биллэрдэ. 
Ол иннинээҕи сууккаҕа 91 ыалдьыбыта биллибитэ. Дьокуускайга саамай элбэх ыалдьыбыт киһи ахсаана – 59 (ол иннинэ 57 этэ). Өрөспүүбүлүкэҕэ ыалдьыбыт киһи уопсай ахсаана 40 229 буолбут. 
Ити курдук, бэс ыйын 18 күнүгэр 94 коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт киһи баара биллибит:
- Дьокуускай куорат – 59;
- Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннара 6-лыы түбэлтэ;
- Амма, Үөһээ Дьааҥы, Мирнэй оройуоннара – 4-түү;
- Бүлүү, Нам, Уус-Алдан оройуоннара – 3-түү;
- Үөһээ Бүлүү оройуона – 2 түбэлтэ.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируһу бэрэбиэркэлээн 3 035 чинчийиини оҥорбуттар. 
Суһал штаб кэнники көрдөрүүлэринэн, Саха сиригэр 729 коронавируһунан ыалдьыбыт киһи олохтон туораабыт. 36 425 үтүөрбүт. Барыта төһө киһи быһыы ылбыта чуолкайданар. 
Санатан эттэххэ, Саха сирин үрдүнэн коронавируһунан сибээстээн хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйын 25 күнүгэр диэри уһатыллыбыттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...