09.08.2021 | 16:00 | Просмотров: 664

Саха сиригэр 67 баһаарынай эбии кэлэрэ күүтүллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сарсын, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Саха сиригэр 67 баһаарынай эбии кэлэрэ күүтүллэр. Ол туһунан баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Эбии күүс кэлэрин туһунан регионнааҕы суһал штаб мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбит. 
Ол курдук, испэсэлиистэр Коми, Карелия, Архангельскай уонна Мурманскай уобаластартан кэлэн ордук уустук, сэрэхтээх учаастактарга үлэлиэхтэрэ. 
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 4 097 киһи уонна 584 тиэхиньикэ 72 ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. Итини таһынан, Арассыыйа оборонаҕа Министиэристибэтин инженернэй этэрээтин байыаннай тиэхиньикэтэ, барыта 17 единица кэллэ: уон бронетранспортер, үс «Урал», икки «КамАЗ», икки «БАТ-М» путепрокладчик, ону сэргэ 128 тус састаап киһитэ. Кинилэри Горнай улууһугар ыыталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.