30.06.2021 | 14:30

Саха сиригэр 40 тыһыынча дуоза вакциина эбии кэллэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус дьаҥын утары «ЭпиВакКорона» вакциина 40 тыһыынча кэриҥэ ахсааннаах дуозата кэллэ. 
Ол туһунан күн ахсын ыытыллар брифиҥҥэ коронавирус дьаҥын утары охсуһар регионнааҕы суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ. 
«Кэлбит вакциина барыта Саха сирин оройуоннарынан түҥэтиллиэҕэ», - диэн эттэ Ольга Балабкина. Кини информациятынан, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан коронавирус инфекциятын утары быһыыны 204 551 киһи ылбыт.
Саҥа кэлбит вакциина баартыйатын аахпакка туран, уопсайа өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбиттэн 92% вакциина туттуллубут. 
«Коронавирустан киһи өлүүтүн түбэлтэтин туһунан биһиэхэ күн аайы биллэриллэрин кэриэтэ. Ити ыарыыны вакцинация эрэ тохтотуон сөп», - диэн эбэн эттэ регионнааҕы суһал штаб салайааччытын солбуйааччы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...