06.09.2021 | 10:00

Саха сиригэр 29 ойуур баһаара баар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа суһал дааннайдарынан, СӨ территориятыгар 29 ойуур баһаара баар, балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан 113 гектардаах сиргэ биир баһаар умуруоруллубут. Ол туһунан СӨ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Баһаары умуорууга 444 киһи уонна 27 тиэхиньикэ үлэлээбиттэр. 
Билиҥҥи туругунан нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт баһаардар суохтар, куттал суоһаабат. 
Чурапчы улууһун территориятыгар 10 км зонаҕа биир бохсуллубут көрдүгэн умайа сытар. Күүстээх үлэ Уус-Майа оройуонугар ыытыллар, онно ойуур баһаарын сэттэ көрдүгэнэ баар. Ону умуруорарга 143 киһилээх уонна 13 тиэхиньикэлээх бөлөх үлэлиир. 
«Нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскээһиҥҥэ туһаайыллыбыт сэрэтэр тэрээһиннэр бары ыытылыннылар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар быһыыны-майгыны кэтээн көрүүгэ уонна личнай састаабы биир сиртэн атын сиргэ көһөрүүгэ салгын суудуналарын үлэтэ былааннанна», – диэн иһитиннэрдэ РФ СӨ ЫБММ Кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...