15.08.2022 | 16:00

Саха сиригэр 11 ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар суукка иһигэр Өлүөхүмэ оройуонугар 5 га сиргэ 1 ойуур баһаара булулунна диэн иһитиннэрэр СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Саха сиригэр 11 ойуур баһаара бэлиэтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өймөкөөн улууһугар 59 га иэннээх сиргэ биир ойуур баһаара умуруорулунна.

Бүгүн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 69 693 га сиргэ 11 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Ол курдук, 4 баһаар Уус Маайаҕа, 3 – Орто Халымаҕа, биирдии – Өймөкөөн, Томпо, Өлүөхүмэ, Аллараа Халыма улуустарыгар.

Итини сэргэ Өймөкөөн улууһугар 7 га сиргэ биир баһаар умайа турар.

Былырыын бу кэмҥэ 4,5 мөл га сиргэ 163 ойуур баһаара баара.

Билиҥҥи туругунан Уус Маайа уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 53 705 га иэннээх сиргэ үс баһаары умуруораллар. Итиннэ 541 киһи, ол иһигэр 484 парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа сотрудниктара, 52 ойуур баһаарын утары сулууспа сотруднига, 5 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн,  8 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 520 307,01 га сиргэ 518 ойуур баһаара регистрацияланна. Былырыын баччаларга 6 169 148,17 га сиргэ 1 460 баһаар баара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Дьон | 11.10.2024 | 10:00
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Кинилэр – биһиги дьоруойдарбыт, кинилэр – өлөллөрүн кэрэйбэккэ эйэлээх олох туһугар охсуһаллар, бааһырбыт доҕотторун өстөөх уотун аннынан быыһыыллар, бука бары быраат, убай диэн ыҥырсаллар.   Бу анал байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, элбэх кэпсэниэ, элбэх кистэлэҥ арыллыа, ким эрэ ол саҕана кимиэхэ да эппэтэх санаатын дьэ этиэ турдаҕа. Сорох ардыгар киһи дьиибэргиир, итэҕэйиэ...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...