08.05.2021 | 15:01

Саха сирэ тыылга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

* 1941-1944 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыылга барыта 58962 киһи өлбүтэ, ол иһигэр тыа сиригэр олорор киһитин ахсаана 43364 тэҥнэһэр. 
* 1942-1943 сыллар ордук кытаанах, ыарахан этилэр, сылларынан ыллахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта: 1942 с. – 18770, 1943 c.  16040 киһи өлбүтэ. Манна даҕатан эттэххэ, хоргуйуу 1940 сылтан саҕаламмыт, бу сыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 12118 киһи өлбүт.
* Оройуоннартан дьон өлүүтэ ордук Сунтаар оройуонугар тахсыбыта, ол курдук 1940 с. 706 киһи өлбүт, оттон сэрии сылларыгар – 1941-1944 сылларга барыта 4500 киһи өлбүт. 
* Атын оройуоннары ылан көрөр эбит буоллахха, 1941-1944 сылларга: Мэҥэ Хаҥаласка 3534 киһи (1940 с. 791 киһи өлбүт), Ньурба оройуонугар 3552 кићи (1940 с. 752 киһи өлбүт), Уус Алдаҥҥа 3322 кићи (1940 с. 626 киһи өлбүт), Бүлүү оройуонугар 2848 кићи (1940 с. 420 киһи өлбүт), Тааттаҕа  2370 киһи (1940 с. 673 киһи өлбүт), Үөһээ Бүлүүгэ 2848 киһи (1940 с. 430 киһи өлбүт), Чурапчыга 2301 киһи өлбүт (1940 c. 590 киһи өлбүт). 


* 1942 сыл балаҕан ыйыгар Чурапчы оройуонун 41 холкуоһа хоту көһөрүллүбүтэ, киһитин ахсаана 4890, оттон үлэһит илиитэ 2000 киһи этэ. Чурапчы холкуостара көһөн тиийэн олохсуйбут оройуоннара: Кэбээйи оройуонугар 18 холкуос, Булуҥҥа 10 холкуос, Эдьигээҥҥэ 13 холкуос. Бу холкуостар бары олохтоох холкуостары кытта холбоһоннор, барыта 32 (Кэбээйигэ – 15, Булуҥҥа – 10, Эдьигээҥҥэ – 7) балыгынан дьарыгырар холкуос үөскээбитэ. Ону таһынан «спецпереселенецтэртэн» 23 холкуос олохтонуохтааҕа.
* Докумуоннартан көрдөххө, 1944 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балык үлэтигэр илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх оройуоннар холкуостарыттан барыта 1737 үлэһит илии хабыллыбыт. Олортон 940 сэриигэ барартан сыыйыллыбыт дьон этилэр. Холкуостарга балык үлэтигэр үлэһит илии тиийбэтинэн оҕо-дьахтар үлэлиирэ.
* Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1941-1942 сылларга холкуостарга сүөһү өлүүтэ 42 344 төбөҕө тэҥнэспитэ. Холкуостаахтар кэтэх хаһаайыстыбалара эстэр уһукка тиийбитэ, ынах сүөһү ахсаана чааһынай бас билиигэ 1941 сыл тохсунньутугар 172 616 төбө баар буоллаҕына, 1943 сыл тохсунньутугар тиийэн 48 971 төбөнөн көҕүрээбит. Сылгы олох эстэр турукка тиийбит, 20804-тан баара-суоҕа 1914 сылгы хаалбыт. Ити көҕүрээбит биричиинэтэ биллэр, үгүс ыаллар хоргуйаары ыксаан бэстилиэнэй ынахтарын эспиттэрэ. 1943 сыл тохсунньутааҕы сибидиэнньэнэн холкуостаах хаһаайыстыба 45,2% ыанар ынаҕа суох хаалбыт.
* 1940-1945 сылларга Сунтаар норуодунай суутунан барыта 1877 киһи сууттаммытыттан 1625 киһи хаайыыга түбэспит.
* 1944-1945 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 30 дьахтар үлэҕэ килбиэннэрин иһин Сэбиэскэй Сойуус уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Сүүһүнэн бастыҥтан бастыҥ үлэһит дьахтар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ. 1938 сылтан 1945 сылга диэри барыта 325 дьахтар Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан уонна «Саха АССР 15 сыла» өйдөбүнньүк бэлиэтинэн наҕараадаламмыттара, ол иһиттэн 179-һа аҥаардас сэрии сылларыгар.

(“Саха сирэ тыылга” матырыйаалга дааннайдар Наталия Степановна Степанова “История чахчылара: суругунан суруллубут суоруллубат” диэн кинигэттэн ылылыннылар)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...