20.12.2022 | 12:00

Саха сирэ суол оҥоруутугар рекордун хатылаата

2022 сылга Саха сиригэр 582 км суол оҥоһулунна. 7 муостанан туоруур суол үлэҕэ киирдэ. 2023 сылга тутуу тэтимин ыһыктыбат. Бу туһунан ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ парламеныгар анал этиитигэр иһитиннэрдэ.
Саха сирэ суол оҥоруутугар рекордун хатылаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Дьокуускайдааҕы ГАИ пуоһуттан Владимировкаҕа диэри «Умнас» массыына суолугар үлэ саҕаланна. Марха өттүттэн «Нам» массыына суолун учаастагын саҥардан оҥоруу салҕанар. Ленскэй, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарыгар 4 муостаны үлэҕэ киллэрии былааннанар. Быйыл куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Дьокуускай куоракка Ленин проспегын саҥардан оҥоруу тэтимэ долгутта. Ити үлэ толору эһиил алтынньы 31 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Киин куорат Олохтоох дьаһалтатын проспегы чопчу болдьоҕор арыйыыны хааччыйарыгар көрдөһөбүн», - диэтэ Айсен Николаев.

Санатар буоллахха, 2021 сыл түмүгүнэн, Саха сиригэр 501 км суол өрөмүөннэммит, итинтэн 48,5 км – Дьокуускайга. «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2018-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 2,5 тыһыынча км массыына суола уонна 47 муоста тутулунна. 

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2030 сылга диэри, өрөспүүбүлүкэҕэ «Өлүөнэ», «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай суолларынан төгүрүк сылынан айан хааччыллыаҕа. Ураты миэстэни Өлүөнэ муостата ылар, бырайыак Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах. Муоста биир кэлим тырааныспар сибээһинэн үс федеральнай суолу уонна тимир суолун ситимниэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....