Саха сирэ субсидиялаах авиабилиэттэри туруорсар
Бүгүҥҥү күҥҥэ, Саха сирэ Арассыыйа тырааныспарга Министиэристибэтин кытта, дойду бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан авиабилиэттэри субсидиялыырга үп көрүллэрин курдук туруорсар. Ол туһунан регион экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова иһитиннэрэр.
РФ бырабыыталыстыбатын бүтэһик уурааҕынан авиабилиэттэр Уһук Илин 21 эрэ хайысхатыгар сааһыттан тутулуга суох субсидиялаахтар. Ити испииһэккэ Саха сирэ киирбэтэх.
«Бары хайысханы хааччыйар курдук 5 млрд солк. тахса үп, ол иһигэр «Дьокуускай – Москва», «Дьокуускай – Санкт-Петербург» хайысхаларга 1 млрд солк. ирдэнэр. Биһиги РФ тырааныспарга Министиэристибэтин кытта дойду бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан авиабилиэттэри субсидиялыырга үп көрүллэрин курдук туруорсабыт», - диир Майя Данилова.
Саха сиригэр федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр регионнар икки ардыларынааҕы уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн олохтоох социальнай суолталаах хайысхаларынан субсидиялааһын 4 бырагыраамата үлэлиир.
Ити сыалга 2021 сылга 195 тыһ. тахса пассажирдары анал тарифтарынан таһарга 1 774 мөл. солкуобай көрүллүбүт, ити пассажирдары таһыыны былырыыҥҥытааҕар 157% элбэтэр.