Саха сирэ 25 миллиард солкуобайдаах сөбүлэҥҥэ илии баттаата
Илиҥҥи экономическай форум чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 25 млрд. солкуобайдаах 40-тан тахса сөбүлэҥҥэ илии баттаата. Ол туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Форумҥа Саха сирэ үгэс быһыытынан ситиһиилээхтик кытынна. Биһиги 25 млрд. солкуобай суумалаах 41 сөбүлэҥи түһэристибит. Сөбүлэҥнэр бары киэҥ хабааннаахтар», – диэн эппит Ил Дархан.
Ол курдук, сөбүлэҥнэр креативнай индустрияттан саҕалаан регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар тиийэ хабааннаахтар.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бары сөбүлэҥнэр эрдэттэн бэлэмнэнэн оҥоһуллубуттар.
VI Илиҥҥи экономическай форум дьыалабыай бырагырааматын сүрүн тиэмэтэ – «Новые возможности Дальнего Востока в меняющемся мире».
Ил Дархан Айсен Николаев сөбүлэҥнэр түмүктэринэн Саха сирин дьонун олохторун хаачыстыбата үрдүөҕэ диэн бигэ эрэллээх.