16.11.2023 | 13:00

Саха режиссердара саҥа киинэ павильонун туһунан санаалара

Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата Дьокуускай куорат 68-с кыбаарталыгар элбэх хайысхалаах киинэ павильона тутуллуоҕа диэн иһитиннэрдэ. Саха режиссердара бу сонун туһунан туох санаалаахтарый?
Саха режиссердара саҥа киинэ павильонун туһунан санаалара
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка киинэ павильонун 2027 сылга диэри тутарга Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудахтаан турар. Куорат маастар-былааныгар олоҕуран, тутуу учаастага киин куорат 68-с кыбаарталын территориятыгар ананна.

Ол курдук, Владимир Путин бу саас ыам ыйын 30 күнүгэр Арассыыйа креативнай экономикатын сайыннарыы» быыстапка кэнниттэн Кремль саайтыгар таһаарбыт 1593№-дээх уопсайа 33 пууннаах сорудахтарын испииһэгэр 5-с нүөмэринэн Дьокуускай куоракка элбэх хайысхалаах киинэ павильонун тутуу киирбитэ. Докумуоҥҥа: «Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин толоруулаах былааһын уорганнарын кытта «Дьокуускай куорат» куораттааҕы Уһук Илин концессиятын ньымаларын туһанан сылы эргиччи үлэлиир элбэх хайысхалаах киинэ павильонун тутууну хааччыйарга сорудахтанар. Ылыллыбыт быһаарыынан дакылааты 2023 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри күүтэбин, салгыы  – сыл аҥаарыгар биирдэ. Эппиэтинэстээх сирэйдэр: Мишустин М.В., Николаев А.С.», –  диэн суруллубута.

Бу улахан эрэл уонна итэҕэл этэ. Бэлиэтээн эттэххэ, 2022 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ киинэ индустириятыгар судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү оҥорор туһунан сокуону ылыммыта. Ол чэрчитинэн киинэ оҥорооччулар ортолоругар ыытыллар күрэх кыайыылааҕар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллэр.

Оттон «Уһук Илиҥҥи концессия» диэн тугуй? Бу ньыма 2021 сыл балаҕан ыйыгар тобуллубута. Ис хоһооно – Уһук Илин регионугар инвестордар көмөлөрүнэн инфраструктурнай тутуулары ыытыы. Маныаха тутууну инвестор маҥнай бэйэтин үбүнэн тутар, оттон судаарыстыба бу үбү эбийиэк үлэҕэ киллэриллибитин кэннэ 10-20 сылга тардан төннөрөр.

Ити курдук Санкт-Петербурга ыытыллар уочараттаах аан дойдутааҕы экономическай форум түмүгүнэн РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха сирин маастар-былаанын эбийиэктэрин тутуу туһунан сөбүлэһиини түһэрсэллэр. Манна Дьокуускай куорат уулуссаларын сырдатыыны, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын саҥардан тутууну сэргэ киинэ устар павильону тутуу кытта киирэр.

Бу – Москва, Санкт-Петербург куораттар кэннилэриттэн Уһук Илиҥҥэ соҕотох, сылы эргиччи үлэлиир, ол аата кыһыннары-сайыннары киинэ устар кыаҕы хааччыйар, тыас-уус устуудьуйалаах, ол аата бүтүн оркестры кытта устар кыахтаах, киинэни хайа баҕарар бэйэтэ таҥар, уотун-күөһүн, анал эффектэри оҥорор, ол эбэтэр айылҕа бары көстүүтүн тыыннааҕымсытар, көстүүм тигэр, реквизит харайар сыахтардаах, грим оҥорор хостордоох, араас мастарыскыайдардаах, этэргэ дылы, сүүнэ улахан эбийиэк. Павильон биир киэн туттуутунан 360 кыраадыһы хабар эргийэ сылдьар XR-экраннааҕа буолуохтаах.

Онон Ил Дархан Айсен Николаев: "Бу тутуу саха киинэтин үрдүк чыпчаалга таһаарыаҕа, киинэни оҥорон таһаарыы икки бүк элбиэҕэ. Ону сэргэ туһааннаах бизнес-хайысхалары сайынарыаҕа",– диэн этэрин кытта сөпсөспөт киһи суоҕа чахчы.

Сэтинньи 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ мунньахха бэлиэтээбитинэн, кэнники сылларга Саха сирин киинэ хампаанньаларын өҥөлөрүнэн, саха киинэтэ киэҥник тарҕанна уонна аптарытыата үрдээтэ.

«Биллэн турар, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга киинэ павильонун тутар туһунан сорудаҕа үөскүүрүгэр кинилэр кылааттара сүҥкэн»,– диэтэ Ил Дархан.

Мунньах түмүгүнэн, Айсен Николаев сорудаҕынан, территория былаанын уонна тыырыытын, итиэннэ архитектурнай эскиһин бырайыага оҥоһуллуоҕа, туһааннаах кадастровай үлэ ыытыллыаҕа. Эбийиэги тутуу 2025 сылтан саҕаланыаҕа.

«Ил Дархан Айсен Николаев киинэ индустриятын оҥоруу экономическэй өрүтүгэр улахан болҕомтону уурар. Киинэ павильона олохтоох оҥорон таһаарааччылары эрэ буолбакка, атын регион бэрэстэбиитэллэрин эмиэ түмэр сиринэн буолуон баҕарабыт. Киинэ оҥоруутун эрэ буолбакка, туризм уонна өҥө таһымын эмиэ үрдэтэр былааннаахпыт. Улахан сорук турда, бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ, экономическэй өттүнэн таһаарыылаах буоларыгар эрэнэбин»,– диэтэ өрөспүүбүлүкэ инновацияларга, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Василий Ефимов.

Оттон киинэ павильона, биллэрин курдук, 2027 сылга диэри тутуллан бүтүөхтээх. Куорат маастар-былааныгар олоҕуран, тутуу учаастага – Дьокуускай 68-с кыбаарталын территорията буолар. Тутууга “Shang Bao International Film Culture Media Co. Ltd” диэн Кытайга киинэ устар хампаанньа көмөлөһүөҕэ. Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов уонна “Shang Bao” аан дойдутааҕы киинэ хампаанньатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Ли Баохуа түһэрсибиттэрэ. Дуогабардаһааччы өрүттэр өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх хайысхалаах киинэ павильонун тутууга эрэ буолбакка, норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээллэригэр, куонкурустарыгар кыттыыны, стажировкалары, араас жанрдардаах национальнай киинэлэри атастаһыыны тэрийиэхтэрэ.

Павильон Саха сирин кинематографистарын эрэ буолбакка, Уһук Илин регионнарын киинэ бэрэстэбиитэллэрин эмиэ түмүөҕэ, креативнай индустрия сайдыытыгар тутаах бырайыак буолуоҕа. 

Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха Саха сирэ креативнай экономиканы сайыннарыы эрэгийиэннээҕи нуорма-быраап аактатын – 2025 сылга диэри креативнай экономиканы сайыннарыы кэнсиэпсийэтин оҥорбута. 2022 сыллаахха “СӨ кинематографияны судаарыстыбаттан өйөөһүн туһунан” өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыллыбыта. Саха сирин көҕүлээһининэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук киинэҕэ хамыыһыйата тэриллибитэ. Бу сыл олунньу 27 күнүгэр киинэ индустриятын, анимацияны уонна Саха сиринээҕи цифровой контены оҥоруутун сайыннарыы саҥа кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ.


Алексей Романов, киинэ режиссера, «Сахафильм» уус-уран салайааччыта:

— Киинэ павильонун туруорсубуппут, дьиҥинэн, ыраатта. Тоҕо диэтэххэ “Сахафильм” киинэ хампаанньатын быһыытынан сайдыахтаах. Ол иһин биһиги 2019 сыллаахха Ил Дархаҥҥа саха киинэтин тула мунньахха аан бастаан элбэх хайысхалаах киинэ павильона тутуллуохтаах диэн этии киллэрбиппит. Ону Айсен Николаев өйөөбүтэ, 3 сыл ол боппуруос быһаарыыга турбута. Онтон дьэ бу Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйүөҕүттэн уонна сорук туруоруоҕуттан бу элбэх хайысхалаах павильон тутуллар буолла. Онтон биһиги үөрэбит, тоҕо диэтэххэ саха киинэтэ аан дойду таһымыгар номнуо таҕыста, атын дойдулар киинэлэрин кытта бары өттүнэн күрэстэһэр кыахха тиийдэ — профессиональнай, креативнай өттүнэн даҕаны, ис хоһоонунан даҕаны. Тэхиньиичэскэй эрэ өттүнэн хаалан иһэбит. Онон, бу павильон үлэҕэ киирдэҕинэ, саха киинэтэ өссө үрдүк таһымҥа тахсыаҕа. Инньэ гынан бу киинэ павильона тутуллан олоххо киирэрин саха киинэтин үлэһиттэрэ бары күүтэбит уонна эрэнэбит. Манна биири бэлиэтиэм этэ. Мин санаабар, “элбэх хайысхалаах павильон” диэн аата табыгаһа суох курдук. Тоҕо диэтэххэ бу павильон эрэ курдук буолбатах, чуолаан толору цикллаах технологическай киин буолар. Онон, холобура, “Уһук Илиҥҥи кинотехнологическай киин” диэн ааттанара быдан табыгастаах буолуо этэ. Манна киинэ толору цикла барыта оҥоһуллуоҕа: сценарийыттан саҕалаан, бүтэһик бэлэм буолан тахсар бородууксуйаҕа тиийэ. Ону таһынан араас аныгы технологическай оборудование туттуллар буолуоҕа: уустук видеоэффектар, анимация да өттүнэн. Этэргэ диэри, “Властелин колец” курдук таһымнаах киинэлэри оҥорор кыахтаныахпытын сөп.

Степан Бурнашев, киинэ режиссера:

— Киинэ павильона диэн үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Уопсайынан, бу мээнэ киинэ павильона буолбат, бу тутуу иһигэр павильонтан ураты худуоһунньуктар сыахтара, артыыстар дьиэлэрэ, аныгылыы киинэ устуутугар наадалаах туох баар инфраструктура, оборудование барыта тэриллиэҕэ. Ону таһынан маннык курдук киинэ павильона бүтүн Уһук Илин үрдүнэн суох. Билигин миигин бу киинэ павильона саха киинэтин эйгэтигэр үлэлиир дьону кытта хайдах алтыһан үлэлиирэ долгуппат буолуон сатаммат: бизнес-модель курдук дуу, социальнай-экономическай сыаллаах-соруктаах дуу, эбэтэр судаарыстыбаннай буолар дуу? Сотору кэминэн иннэ-кэннэ быһаарыллар ини диэн эрэнэбин.

Любовь Борисова, киинэ режиссера:

— Саҥа тутуу үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Билигин бары «Сахафильм» павильонугар, урукку цирка дьиэтигэр усталлар. Эргэ тутуу, биллэн турар, киинэ павильона буоларга анала суох, кыараҕас даҕаны. Сиһилии саҥа павильон бырайыагын көрдөххө уонна тутааччы Кытай хампаанньатын кытта туох усулуобуйаҕа дуогабар түһэрсибиттэрин биллэхпитинэ эрэ этиэхпитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...