21.12.2022 | 11:00

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун VII-с сийиэһэ буолан ааста

Сойууска 145 чилиэн баарыттан бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ 81 киһи (кэлин элбээн) кыттыыны ылла.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун VII-с сийиэһэ буолан ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Президиумҥа СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ И.В. Мигалкин, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы А.И. Ноев, СӨ Суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ О.И. Сидоров, "Айар" кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ А.В. Егоров, "Полярная звезда" сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ В.С. Доллонов олордулар.

Мунньаҕы Г.И. Адамов иилээн-саҕалаан ыытта. Сэкирэтээрдэринэн Г.Г. Басылайканова, Т.М. Борисова, К.С. Маркова талыллан үлэлээтилэр.

Афанасий Ноев "СӨ култууратын туйгуна" бэлиэлэри, култуура министиэристибэтин бочуотунай грамоталарын туттарда.

Олег Сидоров тылбааска күүскэ ылсан үлэлиэххэ, суруйааччыларбыт айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыахха наада диэн ыҥырда. Ону сэргэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһа улуустары, литературнай түмсүүлэри кытта үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.

Август Егоров СӨ Ил Дархана Айсен Николаев национальнай литератураны өйөөн, 20 мөл. 800 тыһ.солк.  үбү көрөр туһунан дьаһалы таһаарбытын иһитиннэрдэ. Арассыыйаҕа 22 национальнай субъект баарыттан билиҥҥи туругунан 4 эрэ региоҥҥа национальнай бэчээт сайда турар чинчилээх диэтэ. Ол курдук, Саха сирэ кинигэни таһаарыы уонна ааҕыы таһымынан Башкортостан, Татарстан курдук өрөспүүбүлүкэлэртэн хаалсыбатын бэлиэтээтэ. Төрөөбүт тылбытын, литературабытын харааннаан, харыстаан, инникитин да бу курдук айымньылаахтык үлэлэһиэхпит диэн эрэнэрин биллэрдэ.

Иван Мигалкин Сойууска саҥа киирбит чилиэннэргэ – Р.Сибиряковаҕа, И.Васильев-Хоточчуга, З.Д. Федотоваҕа билиэттэрин туттарда.

Лоп курдук уон сыл бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Иван Мигалкин алта сыллаах үлэтин отчуоттаата.

Салгыы Хара Көмүс, Арылы Дуйдаах, Уйана, Сайа, В.Г. Семенова, Уһук Уйбаан уо.д.а. тыл эттилэр, санааларын үллэһиннилэр.

Сийиэс сүрүн чааһынан бэрэссэдээтэли талыы быыбара буолла. Ол курдук, икки кандидат турда: И.В. Мигалкин, А.Г. Гуринов-Арчылан.

Куоластааһын түмүгүнэн бэрэссэдээтэлинэн СӨ норуодунай поэта Иван Васильевич Мигалкин үһүс болдьоххо талылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...