25.06.2021 | 12:00

Саха өрөспүүбүлүкэтэ “Уус-Алдан улууһа” (оройуона)” олохтоох бэйэни салайыныы оройуонун дьаһалтата

Эҕэрдэ сурук
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Убаастабыллаах Иван Петрович !
Эйигин, киэн туттар биир дойдулаахпытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитин, Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнин, “Киин куорат” хаһыат кылаабынай редакторын, тумус туттар биир дойдулаахпыт, В.В.Никифоров –Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата үрдүк аат иҥэриллибитинэн, “Уус-Алдан улууһа (оройуона)” олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалтатын аатыттан,  истиҥник үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэбитин ыытабыт.
Айылҕаттан бэриллибит айар дьоҕургунан, дьылҕаҕынан бэриллибит суруналыыс идэҕэр бэриниилээхтик, умсугутуулаахтык үлэлээн, “Эдэр саас” хаһыаты төрүттээн,  киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн, элбэх дьону кытта алтыһан өрөспүүбүлүкэбит суруналыыстыката сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбиккинэн, биһиги биир дойдулаахтарын киэн туттабыт, үөрэбит.
Күндү Иван Петрович, баҕарабыт эйиэхэ, эн дьиэ-кэргэҥҥэр чэгиэн туругу, ситиһиилэри, уйгулаах олоҕу!

 “Уус-Алдан улууһа (оройуона) МО баһылыга” А.В.Федотов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...