31.08.2022 | 18:00

Саха политехническай лицейгэ өрөмүөн үлэтэ биир бастакынан түмүктэннэ

Быйыл сааскыттан саҕалаан, «Үөрэҕирии систиэмэтин саҥатытыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, киин куорат 11 оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Саха политехническай лицейгэ өрөмүөн үлэтэ биир бастакынан түмүктэннэ.
Саха политехническай лицейгэ өрөмүөн үлэтэ биир бастакынан түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хапытаалынай өрөмүөн 10-с, 20-с, 21-с, 23-с, 27-с, 31-с, 33-с, 36-с №-дээх орто оскуолаларга, Саха политехническай лицейга, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа, Марха дьоҕус оройуонун 1-гы №-дээх оскуолатыгар оҥоһулунна. «Главстрой» МХТ (муниципальнай сакаасчыт) информациятынан, хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга  900 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп көрүллүбүт, итинтэн 800 мөлүйүөн солкуобайа – федеральнай, 89 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суума – олохтоох бүддьүөттэртэн.

Саха политехническай лицей дириэктэрэ Надежда Константиновна Тимофеева информациятынан, 117 мөлүйүөн солкуобай суумалаах өрөмүөн оҥоһуллубут, итиэннэ материальнай-техническэй өттүнэн хааччыйыыга 11 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт, инньэ гынан  аактабай саалаҕа, остолобуойга наһаа үчүгэй тэриллэри, итиэннэ көмпүүтэрдэри атыыласпыттар.

Хапытаалынай өрөмүөнү «Монтажник»  диэн производственнай кооператив муус устар 20 күнүттэн саҕалаан атырдьах ыйын 18 күнүгэр диэри ыыппыт. Оскуола кэлэктиибэ бэдэрээтчит хаачыстыбалаахтык үлэлээтэ, болдьоҕор түмүктээтэ,  бастаан хойутуохпут диэн куттаммыттарын биллэрдэ.

Оскуолалара 1978 сыллаахха тутуллубут, баччааҥҥа диэри хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубатах, кэлэктиип өрөмүөнү олус өр күүппүт. Арай 2017 сыллаахха федеральнай бырагырааманан «сейсмоусиление» диэҥҥэ хабыллан хамсаабаттарын курдук сыбаайаларын, муосталарын, түннүктэрин уларыппыттар, истиэнэлэрин бөҕөргөппүттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...