12.06.2020 | 19:58

САХА КЫЫҺА “KPMG” ТУТААХ ҮЛЭҺИТЭ

САХА КЫЫҺА “KPMG” ТУТААХ ҮЛЭҺИТЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иван Шамаев дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччилэрэ бары кэриэтэ аан дойду биллэр-көстөр тэрилтэлэригэр үлэлииллэр диэҥҥэ өссө төгүл итэҕийдим. Бүгүн кэпсиир ыччатым KPMG диэн аан дойдуга биллэр IT хампаанньа тарбахха баттанар үлэһитэ Наталья Александрова.

– Наталья, IT-га ханна үөрэммиккиний?

2011 сыллаахха Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей «математика” кылааһын кэнниттэн Санк-Петербург куоракка үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбитим. Алта сыл үөрэнэн, икки хайысханан дипломнаах бүтэрбитим. Идэм «интэриниэт уонна аан дойдуну баһылыыр аныгы технология сибээһин үлэһитэ” диэн. 2015 сыллаахха «Интернет вещей IT» диэн хайысха Арассыыйаҕа аан бастаан арыллан, Арассыыйа үрдүнэн бастакы итинник идэлээх специалистар ахсааннарыгар киирбитим. 2017 сыллаахха ити идэбинэн Казахстаҥҥа аныгы технологиялары олохтуур сыаллаах үлэлии кэлбитим.

Билигин Киин Азияны уонна Казахстаны хааччыйар, аан дойдуга кыаҕын ылбыт KPMG тэрилтэҕэ IT салаатыгар наука сайдыытын чинчийэр (Iead Data Scientist) исписэлииһинэн үлэлиибин. Бу тэрилтэҕэ бастакы «дата – сайентист” буолабын. Ол эбэтэр улахан чахчыларынан дьарыктанар, закономерноһы булар уонна тэрилтэҕэ туһалаах түмүктэри оҥорор специалист диэн өйдүөххэ сөп.

– Судургутук эттэххэ, улахан бырайыактары кытта үлэлиир специалист буоллаҕыҥ?

Биллэр тэрилтэлэргэ бэлэм бородууксуйаны оҥорон биэрэбин. Холобур, үлэлэрин роботизациялыыбын/автоматизациялыыбын, роботтары киhи курдук толкуйдуурга үөрэтэбин, “искусственнай интеллект” диэн ыарахан, киhи толкуйдаан булбат эттиктэрин буларга үлэлиибин. IT тылынан “машинное обучение” диэн буолар. Улахан тэрилтэлэр үлэлиир  процесстарын үөрэтэбин, ханна баран иhэллэрин, тугу гыныахха наадатын сүбэлиибин.

– IT-ны хаһааҥҥыттан интэриэһиргээбиккиний?

Оҕо эрдэхпиттэн “математика”, “физика”, “информатика” уруоктарыгар умсугуйан үөрэнэрим. Математик буолуохпун баҕарарым. Ол эрээри оскуола саастарбар «математик учуутал эбэтэр профессор эрэ буолар” диэн сыыhа өйдөбүллээх улааппыт эбиппин. Кэлин наука уонна техника икки ардынан баар IT наукатын талбытым. Билигин аан дойду сайдыытын, тутулун барытын бас билбит IT хайысхатыгар үлэлиирбиттэн олус үөрэбин.

Казахстаҥҥа кэлбиппин дьолбунан ааҕабын. Билигин үлэлиир тэрилтэбэр бастаан Питергэ үөрэнэ сылдьан стажировкаламмытым. Манна кэлэн биир кыыстыын олус үчүгэйдик доҕордоһон, дьүөгэлии буолбуппут. Дьүөгэм ыал буоларыгар миэхэ “шафердаа” диэн көрдөспүтэ. Төһө да дойдубар көтөөрү сырыттарбын, дьүөгэм эрэлин түһэн биэрбэккэ, Казахстаҥҥа көтөн тиийбитим. Сыбаайба кэнниттэн дьиэлээри сырыттахпына... төлөпүөн кэллэ. KPMG эрийэр. «Биһиэхэ үлэҕэ киириэҥ этэ дуо?” – диэн ыйыталлар. Тутатына сөбүлэстим. Дьонум эмиэ олус үөрбүттэрэ. Быйыл номнуо үһүс сылбын бу тэрилтэҕэ үлэлиибин.

– Хайдах үлэлиигитий?

Үлэм биир уратыта – тэрилтэбитигэр үксүн эдэр дьон үлэлиир. Аны туран, холобура, бүгүн үлэлии олорон, сарсын туох буоларын билбэппит. Күн ахсын атын-атын бырайыактарга үлэлиэхпитин эбэтэр дойду ханнык эрэ муннугар көтөн эрэр буолуохпутун эмиэ сөп.

– IT хайысхатыгар үлэлииргэ киһиттэн ханнык хаачыстыба ирдэнэрий?

Бу хайысхаҕа дьоҕурдаах уонна дьаныардаах буолуохха наада. Түргэн-тарҕан толкуй ирдэнэр. Омук тылын төрөөбүт тылгыттан итэҕэһэ суох билиэхтээххин.

– Казахстан олохтоохторун туһунан тугу этиэҥ этэй? Сахаҥ сиригэр кэлэ сылдьаҕын дуо?

Олохтоохтор олус үчүгэйдэр. Хайдах эрэ Сахам сиригэр сылдьар курдук сананабын. Дьоммун көрбөппүн диир кыаҕым суох, күн аайы сибээстэһэ олоробут. Оттон Питергэ сылдьан хайдах эрэ атын дойдуга сылдьар курдук сананарым. Ааһа баран Арассыыйаҕа да баарбын диэхпин баҕарбат курдугум. Оттон манна оннук буолбатах.

Бэйэм Бүлүүттэн төрүттээхпин. Дьонум айылҕаҕа наһаа чугастар – кырабыттан окко, сир аһыгар, балыкка, булка куруук илдьэ сылдьаллар этэ. Ол иһин сайын дьиэбэр барарбын олус кэтэһэбин. Атын дойдуга хайкинг диэн биир сөбүлүүр дьарык булуммутум, иллэҥ кэммэр хайаларга тахсабын.

– Казахтар Саха сирин төһө ыйыталлар?

Миигин «бэйэлэрин киһилэрин» курдук ылыналлар. Дьүһүммүт да майгынныыр, тылбыт да уруулуу. Ол эрээри Саха сирин туһунан куруук ыйыталаһаллар.

– «Цифровая трансформация” диэн бырайыак Казахстаны «өрө тарта” аҕай быһыылаах...

Билигин бу бырагыраамаҕа элбэх дойду киирдэ. “Умные вещи/ Умный город» диэн салааҕа Казахстан элбэх харчыны ууран, иннин диэки кимиилээхтик киирэр. “Өйдөөх” светофордар, камералар, суол-иис быраабылата барыта аныгылыы оҥоһуллан турар.

– IT оргуйар киинигэр сылдьар киһи туох бырайыактааххын?

Роботтары оҥоробун уонна инники олоҕу (прогнозтаан) анааран үөрэтэбин. Холобур, биир сылынан дуоллар куурса хайдах уларыйыай, бу киhи кирэдьиитин төлүүрэ дуу, суоҕа дуу диэн. Маны таһынан, идентификациянан дьарыктанабын. Холобура, анал бырагыраамаҕа киллэрэн, киһини куолаһынан, тарбаҕын суолунан, хараҕын дьаабылакатынан көрөн араарар бырайыактаахпын.

Науканы кытта дьүөрэлээммин роботтары киһи курдук оҥоруохпун сөп. Роботым илиитэ-атаҕа хамсыан, хаамыан сөп.

– Роботтар сотору дойдуну бас билэллэрэ буолуо...

Оннук буолуон сөп. Барыта онно баран иһэр диэтэхпинэ, сыыспаппын. Оннооҕор роботтар аан дойдуга ким да кыайбатах саахыматчыттарын  кыайаллар дии.

– Тыа сиригэр IT сайдыытын туох дии саныыгын?

Мин санаабар, бытааннык да буоллар, сайдыы кэлиэҕэ. Олохтоохтук, үчүгэйдик тыа сиригэр баар кыһалҕалары үөрэтэн, ханна туох тиийбэтин, туох ыарахан, кыаллыбат кыһалҕалары ырытан, улахан таһымҥа таһаардахха, быһаарыллар бөҕө буоллаҕа.

Бэйэм баҕа санаалаахпын – хаhан эмит, туох эрэ улаханы толкуйдаан, оҥорон, Сахам сиригэр бэлэхтиэм этэ диэн.

– Аныгы ыччат, эн санааҕар, хайдаҕый?

Билиҥҥи ыччат наhаа талааннаах, өйдөөх көлүөнэ. «Оҕолорбут биhигиннээҕэр үчүгэй буолуохтаахтар» дииллэрэ чахчы баар. Биһиги тэрилтэбитигэр, холобура, 18-20 саастаах оҕолор, эдэр дьон үлэлииллэр. Барытын түргэнник ылыналлар, информацияны толору баһылаабыт дьон.

– Саха ыччата билигин үөрэххэ киирээри оҥосто сылльар. IT-га туттарсар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?

Билигин информационнай технологиялар биһиги олохпутугар олус сабыдыаллыыллар. Ыччат аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ сайдыахтаах, үүнүөхтээх, олорон хаалымыан наада. Үөрэҕи, науканы баһылыахтаах. Көмпүүтэр бырагырааматын науката мантан ыла олох инники күөнүгэр туруоҕа. Онон IT-ны үөрэтэр билиҥҥи кэмҥэ инникилээх уонна үлэ миэстэтин буларга табыгастаах. Уустук үйэ кэллэ дэһэбит да, мин санаабар, олус интэриэһинэй уонна чуолаан олоҕу тупсарарга анаммыт үйэ кэллэ. Онно сүрүн оруол IT-га бэриллэр.

– Наталья, кэпсээниҥ иһин махтал! Үлэҥ таһаарыылаах буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...