20.11.2019 | 13:16

САХА КЫЫҺА АМЕРИКАҔА НУУЧЧА ТЫЛЫН ҮӨРЭТЭР

САХА КЫЫҺА АМЕРИКАҔА НУУЧЧА ТЫЛЫН ҮӨРЭТЭР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үс ый аннараа өттүгэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты бүтэрбит Күннэй Иннокентьева “Фулбрайт” норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэхтээһин гранын ылары ситиспитэ.

Аныгы үйэ сиэринэн биһиги Күннэйдиин социальнай ситим нөҥүө сибээстэһэ сырыттыбыт.

“ФУЛБРАЙТ” ДИЭН ТУГУЙ?

“Фулбрайт” – бу култуурунай-академическай сибээһи бөҕөргөтөргө 1946 сыллаахха төрүттэммит аан дойдутааҕы хардарыта үөрэтии бырагырааматын грана. Бу граҥҥа Америка холбоһуктаах штаттарыгар үөрэнии, стипендияны ылыы, айан уонна олорор ороскуот барыта киирэр. Биһиги кыыспыт  стипендияны ылар иһин сыл кэриҥэ үс түһүмэҕинэн үлэлээбит. Сыллата Арассыыйаттан 500-тэн тахса киһи кыттар, онтон 30-та тургутууну ааһан граны сүүйэр эбит.

БАСТАКЫ СЫЛ

«Фулбрайт” туһунан профессордарбыт, преподавателларбыт элбэҕи кэпсииллэр этэ. Маҥнайгы куурустан омук тылын ис-испиттэн тартаран үөрэппитим. Тоҕо диэтэххэ Америкаҕа үөрэниэхпин эбэтэр үлэлиэхпин оҕо эрдэхпиттэн баҕарар этим. Оттон бу “Фулбрайт” стипендиям нуучча тылын Америка устудьуоннарыгар үөрэтэр уонна бэйэм омук тылын баһылыырбар кыах биэрэр.

АХШ-ка бу сайын атырдьах ыйын 5 күнүгэр көтөн кэлбитим. Бастакы биэс хонугум Мичиган куоракка ааспыта. Үөрэҕим бырагыраамата – учууталлары бэлэмниир куурус. Мин университетым уопсайыгар Ири куоракка Пенсильвания штатыгар олоробун. Бастаан утаа билбэт эйгэбин атыҥыраабытым. Ол эрээри киһи, үөрэниэн, сайдыан баҕардаҕына, ону умнар. Төһө кыалларынан туохха барытыгар көхтөөхтүк кытта сатаан, өйдөөбөтөхпүн ыйытан испитим.

Куонкуруһу ааспыккын билэн баран, хайдах турукка киирдиҥ?

– Бу стипендияҕа бастаан 2017 с. магистратураҕа үөрэнэ сылдьан сайаапка биэртим. Ол эрэн оччолорго иккис да тууру ааспакка, санаам түспүтэ. Ол эрээри быйыл саас хаттаан холонон көрбүтүм. Тургутууну ааспыппыттан бэйэм да соһуйан хаалбытым. Иккис туур кэннэ харах уута тахсыар диэри үөрэммин, нэһиилэ уоскуйбутум.

Иккис түһүмэх туох буолар эбитий?

Тутар хамыыһыйаны кытта кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолар. Манна эн төһө тулуурдааххын, араас кыһалҕаттан хайдах тахсаргын, олоххо төһө бэлэмнээххин бэрэбиэркэлииллэр. Ол кэннэ биир ый устата түмүк тахсарын маныыгын. Иккис түһүмэх олус интэриэһинэйдик уонна чэпчэки соҕустук ааспыт буолан, бэйэбин 100% ууран туран эппиэттээбитим.

“FLTA”  БЫРАГЫРААМА

– Үөрэтэр уонна үөрэнэр бырагыраамам биирдэр –  FLTA, Арассыыйаҕа 2001 сылтан үлэлиир. Мин анараа устудьуоннарга нуучча тылын, литературатын, култууратын кэпсиибин. Оттон бэйэм бу бырагырааманан 160 араас омук тылыттан талбыппын үөрэтиэхпин сөп.

Куонкурус сүрүн түһүмэхтэрин туһунан биһиги хаһыаппыт ааҕаччыларгыар сырдат эрэ.

– Уопсайа үс улахан түһүмэх баар. Мин саныахпар, туттарсааччы Фулбрайт сайтыгар  киирэн бырагырааманы көрөрө ордук. Сайаапканы олунньу ыйтан ыам ыйыгар диэри сайтка киирэн толороҕун. Билигин даҕаны бэлэмнэнэргэ бириэмэ баар.

Бастакы түһүмэх – саамай уустук уонна ыарахан. Манна эссе суруйаҕын уонна преподователлэргиттэн сурук ылаҕын. Преподавателлэри тиэтэтэр ордук, тоҕо диэтэххэ хамыыһыйа онно ордук болҕомтотун уурар. Бэйэҕин арыйар эссеҕэр Фулбрайт бырагыраама эйиэхэ сабыдыалын суруйуоххун наада.

Иккис түһүмэх – TOEFL экзаменын туттараҕын. Үрдүк баалы ыллаххына, «Фулбрайт” хамыыһыйатын кытта интервьюга киирэҕин. Мин санаабар, бу саамай уустук түһүмэх. Аттыгар наһаа өйдөөх, барытын билэр, саҥалаах-иҥэлээх, талааннаах оҕо бөҕө баар, ол эрэн миэстэҥ 35-40 эрэ. Манна эн тылы төһө билэргин көрөллөр.

Үһүс түһүмэх – Америка үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар докумуоннаргын туттараҕын. Бэйэҥ идэҕин уонна ханнык эйгэҕэ бэйэҕин сайыннарыаххын быһаарынаҕын.

Оччотугар эн иккис түһүмэххин эрэ бэлэмнэнниҥ дуо?

– TOEFL эксээмэни туттарарбар биир ый устата репетиторга дьарыктаммытым. Кырдьыгынан эттэххэ, биир ый диэн олус кыра. Эн төһө да английскай тылыҥ үчүгэй буоллаҕына, бэл, мин таһыммар саҥарыы ыарахан этэ. 15 сөк. иһигэр ыйытыыга хоруйдуоххун наада.

TOEFL диэн тугуй?

– Өскөтүн эн омук тылыҥ төрөөбүт тылыҥ буолбатах буоллаҕына, бу эксээмэни туттарарыҥ хайаан да ирдэнэр. Эрдэттэн хамыыһыйа туох ыйытыылары биэрэрин билсэр, онон көрөн бэлэмнэнэр ордук. Холобура, 6-7 киһи истэн турдаҕына тохтоло суох 20 мүн. дьарыктаныаххын сөп. Бу түһүмэххэ дьарыгыҥ суох буоллаҕына, салҕыы ааспаккын.

АМЕРИКАҔА ҮӨРЭХ СИСТИЭМЭТЭ

– Биһиги  үөрэнэр систиэмэбититтэн быдан атын эбит. Холобура, хаһан, ханнык предмети үөрэтэргин,  ону ааһан преподавательгын  бэйэ4 талаҕын. Босхо репетиторга, эбии тылы сайыннарар куурустарга суруйтарыахпын сөп. Биир “ноото” диэн, үөрэх барыта төлөбүрдээх. Арассыыйаҕа үрдүк үөрэх босхотуттан олус соһуйаллар. Үөрэх төлөбүрдээх буолан, киһи барыта үөрэххэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.  ХИФУ-га элбэх билиилээх учуонайдарга, уопуттаах преподавателлэргэ үөрэммит буоламмын, тылбар моһуогурбаппын. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим тылы билэрим иһин наһаа хайҕыыллар, онтон үөрэбин.

САХАЛАР БААЛЛАР ДУО?

– Кэнники сылларга манна элбэх киһи көһөн кэлэр буолла. Олох усулуобуйата ордук. Сахалар атын куораттарга бааллар эбит, мин куораппар, хомойуох иһин, суохтар. Бииргэ алтыһар дьонум нууччалар, кинилэрдиин доҕордоһобун.

САХА СИРЭ УОННА АМЕРИКА СЫҺЫАНА

– Сахам сирин туһунан үөрэтэр устудьуоннарбар куруук кэпсиибин. Сорохтор билэллэр эбит. Икки нэдиэлэ аннараа өттүгэр устудьуоннарбар презентация оҥорбутум, кэрэхсээбиттэрэ, кэлиэхтэрин баҕараллар.

ТЫЛЫ ҮӨРЭТЭР ДЬОҤҤО БАҔА САНАА

– Киһи сайдарыгар, элбэҕи билэригэр-көрөрүгэр туохтан даҕаны толлуо суохтаах уонна бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах. Ханнык баҕарар киһини кытта кэпсэтэргэ аһаҕас буолуохха наада. Тас дойдуга үөрэммит киһи уопутун байытынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ көхтөөхтүк сыһыаннаһыҥ. Эдэр эрдэххэ сири-дойдуну көрүҥ, дьону кытта билсиҥ диэн сүбэлиибин.

Саха оҕото киэҥ сиргэ тиийэн бэйэтин төрөөбүт тылын, култууратын уонна дьонун-сэргэтин туһунан кэпсии сылдьарыттан мин олус үөрдүм. Күннэй аҕыйах сылынан дойдутугар кэлэн туһалаах исписэлиис буолуо диэн эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...