03.03.2022 | 14:00

Саха киинэтэ Арассыыйа киэҥ эйгэтигэр эрэллээхтик тахсар

Саха киинэтэ Арассыыйа киэҥ эйгэтигэр эрэллээхтик тахсар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ ситимин генеральнай дириэктэрэ Петр Чиряев саха киинэлэрэ санкция да кэмигэр Арассыыйа ырыынагар саҥа сайдыыны ылалларыгар бүк эрэллээх. 
«Саха киинэтэ Арассыыйа ырыынагын таһымыгар эрэллээхтик тахсар. Лиэнтэлэрбит араас киинэ бэстибээллэригэр кытталлар, бириистэргэ тиксэллэр. Билигин түргэтииллэрин курдук ити хайысханан өйүөхпүтүн наада. Киэҥ араҥаҕа ордук нууччалыы хаачыстыбалаахтык тылбаастаммыт (дубляж) киинэлэр тахсаллар. Холобур, „Рядовой Чээрин“, „Тыгын Дархан“, «Пугало»», — диир Петр Чиряев.
Эксперт этэринэн, элбэх сахалыы киинэ нууччалыы тылбааска наадыйар. Кини бэлиэтээбитинэн, киинэ сюжета көрөөччүгэ чугас уонна өйдөнүмтүө буолуон наада. 
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс саха киинэтэ «артхауснай», олохтоох көрөөччүгэ туһаайыллыбыт. Итини тэҥэ сюжеттара олохтоох үгэстэргэ, өйгө-санааҕа олоҕураллар. Петр Чиряев бэлиэтээбитинэн, Москваҕа сотору-сотору «Саха киинэтин күннэрэ» ыытыллаллар. Кинилэр түмүктэринэн киинэ устааччылар тустаах сыанабылы ылаллар. 
«Киинэ уратытын туһунан режиссердар билиһиннэрэр буоллахтарына, холобур,  „Пугало“ киинэҕэ курдук, оччоҕо ааптар тиэрдэ сатаабыт идиэйэлэрэ өйдөнүмтүө буолаллар. Ыччат бэстибээлгэ буолбакка, бэйэтэ көрөр буоллаҕына, «артхауснай» киинэлэри өйдөөбөт. Ити хайысханан үлэлиэхпитин наада», — диэн эбэн эттэ Петр Чиряев.
Кини олохтоох оҥорон таһаарааччылар киинэ киэҥ араҥаҕа тахсарыгар дьулуһуохтаахтар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...