Саха киһитэ киэһэ элбэҕи аһыыр
Аныгы тэтимнээх олоххо аһылык састааба уларыйыытыттан уонна сыыһа-халты аһыыртан киһи доруобуйата айгырыыр, олох уһуна кылгыыр. “Сөпкө аһааһын диэн тугуй? Бастатан туран, эрэһиими тутуһуу”, – диэн учуонайдар бигэргэтэллэр.
Федор Алексеевич ПЛАТОНОВ, мэдиссиинискэй наука доктора:
– Биһиги доруобуйабыт, бастатан туран, тугу аһыырбытыттан улахан тутулуктаах. Ити олохпут тосту уларыйбытын кытта сибээстээх.
Аныгы киһи үксэ дьиэ иһигэр үлэлиир, көмпүүтэргэ хам хатанан олорор, элбэхтик хамсаммат. Маҕаһыыннарбыт кэлии аһылыгынан эрэ туолаллар. Урут киһи үксэ хатыҥыр буолара, билигин уойбут, сонообут дьон элбээтэ. Ити туох да үчүгэйгэ тириэрдибэтэ буолуо дии саныыбын.
Сөпкө аһыахха
– Аһылык туһалаах уонна сөбүгэр кээмэйдээх буолуохтаах. Сүрүнэ, энергияны мунньунуу уонна ону ороскуоттааһын баланса тутуһуллуохтаах. Киирбит энергияны хамсанан-имсэнэн туттуллуохтаах. Ити баланс кэһилиннэҕинэ, киһи уойара саҕаланар. Ол иһин, киһи сөбүгэр аһыахтаах, онно хамсанар нуормаҕа эппиэттиэхтээх. Оннооҕор тыа киһитэ хамсанара-имсэнэрэ аҕыйаата курдук.
Сыыһа аһааһын –
ыарыыга хардыы
– Олохпут-дьаһахпыт уларыйан, сүрэх-тымыр ыарыыта, саахарынай диабет элбээтэ. Саахарынай диабет үксүгэр уойууттан саҕаланар. Билигин 2-с тииптээх саахарынай диабет эдэр дьоҥҥо үөскүүр буолла. Уойар киһи этигэр-хааныгар сыа мунньуллар. Аны ити сыа мээнэ сыа буолбатах. Бастатан туран, ити сыа араас биэсэстибэни үөскэтэр, көбүтэр.
Уойуу аан дойдуга барытыгар өрө турда. Ордук олохторун укулаатын эмискэ уларыппыт, циркумполярнай эргимтэ норуоттара уойуу көстүүтүттэн эмсэҕэлээтилэр.
Эти-хааны үөрэтэргэ элбэх бириэмэ наада. Уопсастыба киһи аймахха олус элбэх ноҕуруусканы сүктэрэр. Ону тулуйбакка киһи ыгым буолара, уйулҕата уларыйара доруобуйаҕа охсуулаах. Хаанын баттааһына уларыйар, сүрэх ишемическэй ыарыыта, ньиэрбэ үлэтин кэһиллиитэ элбиир. Эбиитин, биир ыарыы атын ыарыыга кубулуйар куттала улахан.
Сыалаах аһылыгы сиэри таһынан сиэһин холецистит, панкреатит ааһан-араҕан биэрбэт ыарыыга кубулуйууларыгар тириэрдэр. Сахаҕа куртах-оһоҕос ыарыыта олус элбэх. Онон, саха киһитэ сөпкө уонна туһалаахтык аһыахтааҕын хаһан да умнуо суохтаах.
Араас диеталар
– Кытаанах диетаны тутуһуу туох да үчүгэйи аҕалбат дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, диета – аччыктааһын. Диета кэнниттэн киһи аһыыр баҕата өссө күүһүрэр, сиэри таһынан наадата да суоҕу аһыыр.
Саха киһитэ киэһэ элбэҕи аһыыр. Ол эрэн, күннээҕи тэтимигэр сөп түбэһэрдии аһыыр буоллаҕына, улахан буортуну аҕалбат. Күҥҥэ наадыйар энергиятын ыла сатыыр буоллаҕа. Арай, күнүс аһаабат киһи аһара аччыктаан, нуорманы таһынан симинэрэ сыыһа. Ол иһин, сарсыарда, күнү быһа кыра-кыралаан аһыы сылдьыллыахтаах.
Урут аччык олоҕу билбит саха киһитигэр “суон киһи – тот” диэн өй-санаа баара. Ити сыыһа өйдөбүл. Доруобай киһи эмис буолуохтаах дии саныылларыттан сылтаан, биллэ ырбыт, дьүдьэйбит киһини сорохтор: “Оо, ыраахтаабыт. Арааһа, ыалдьара буолуо...”, – дииллэр. Итинник өйү-санааны сыыйа-баайа суох оҥорорго үлэлэһиэхтээхпит.