28.06.2022 | 14:42

Саха кэнгириэһин сүҥкэн оруола

Саха кэнгириэһин сүҥкэн оруола
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 27  күнүттэн «Саха кэнгириэһэ» уопсастыбаннай тэрилтэ II-c сийиэһин үлэтэ саҕаламмыта. Устаапка олоҕуран, хас үс сыл ахсын бэрэссэдээтэли, сүбэни уонна салалтаны саҥаттан талабыт. Онон сийиэс бастакы күнүгэр делегаттар бэрэссэдээтэлинэн Уйбаан Уйбаанабыс Шамаевы таллылар. Оттон Кэнгириэс сүбэтигэр Дьокуускайтан 25, улуустартан 45, салалтаҕа 15 киһи тылылынна.

Мунньахха Саха кэнгириэһин үс сыллаах отчуотун иһиттибит. Тыҥаан турар балаһыанньа, сытыы кыһалҕалар тула хорутуулаах ырытыылар, сэргэх тыл этиилэр, ыҥырыылар иһилиннилэр.  

Бүгүн, бэс ыйын 28 күнүгэр, инники үлэ былаана оҥоһуллуохтаах. Эбии кэмитиэттэр тэриллиэхтээхтэр уонна улуустарга салаалар үлэлэрэ торумнаныахтаах. Кэнгириэс бастакыта 9 кэмитиэтинэн үлэлэээбитэ.

Улахан мунньах түмүгэ туһаайыы сурук быһыытынан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар барыахтаах.

Мунньахха төһө да билиҥҥи былаас чөмчөкөлөрүн бэрэстэбиитэллэрэ соччо-бачча көстүбэтэхтэрин иһин, саха судаарыстыбаннаһын көмүскүүр, сахалыы тыыннаах дьон интэриэһин туруорсар уорган быһыытынан кэнгириэс сүҥкэн оруоллаах. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...