08.07.2022 | 14:00

Саха кэнгириэһэ: саха сайдыытын тобула

Саха кэнгириэһэ: саха сайдыытын тобула
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 27-28 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха кэнгириэһин II сийиэһэ буолан ааста. Сийиэс бэрэссэдээтэлинэн Уйбаан Уйбаанабыс Шамаев талылынна. Санатан эттэххэ, Саха кэнгириэһэ ыытар үлэтинэн аҥаардас төрөөбүт дойду инники дьылҕатыгар кыһаллар, ыалдьар эрэ дьон баҕа өттүнэн дьарыктанан кэллилэр.

Кэнгириэс, национальнай өрөспүүбүлүкэ буоларбыт быһыытынан, тылбыт сүппэтин, саха саҥалаах дэлэйэрин, ханнык даҕаны сайдыы саха норуотун үгэһин, толкуйун, ийэ тылын симэлиппэтин туһугар туһаайылынна. Икки күн устата араас этиилэр, сонун санаалар этилиннилэр.

 

Ульяна Винокурова, соц. наука доктора: «Саха кэнгириэһэ 30 сыл устата Саха суверинитетын кэрэһитэ буолан, саҥа 100 сыл биэтэгэр үктэннибит. 1992 сыллаахха Софрон Данилов эппитин, өтө көрбүтүн курдук, каадырдары бэлэмнээһин ураты суолталаах уонна Азия киин дойдутун кытылларыгар олорор омук судаарыстыбаларын кытары дьүөрэлэһии соруга билигин даҕаны сытыытык турар. Ааспыт 100 сыллаах сайдыыбыт былаана Өксөкүлээх, Ойуунускай, Аммосов, Софрон Данилов, Михаил Николаев толкуйдарынан олоххо араас өрүттээхтик киирбиттэрэ. Быйыл биһиги Өксөкүлээхпит 145 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтии сылдьабыт. Салгыы 10 сыл кини нэһилиэстибэтин ырытыахпыт, кини этиилэрин олоххо киллэрэргэ дьулуһуохпут. Онуоха үс суолу ырытарга этэбин: 1. Оччотооҕу кэм цензуратын, туттуллубут тыллар ис хоһооннорун, суолталарын чиҥэтэн өйдүүрбүт уонна ылынарбыт эрэйиллэр. Холобура, Өксөкүлээх ыҥырар культивациятын нуучча норуотугар баҕа өттүнэн суураллыы курдук ылынар дьон баар. Улуу дьон этиилэрэ хас да төгүл хаттыгастаах, кистэлэҥ өйдөөх-санаалаах, кэмигэр эрэ аһыллар күлүүс тыллардаах буолаллар. Урукку этиилэри аныгы кэмҥэ дабайан өйдүөххэ, быһаччы цитаталары кэмнээн, көрөн-истэн туттуохха. 2. Судаарыстыба дьылҕата уонна олох дьылҕата араастар. Быйыл биһиги судаарыстыбаннаска олук буолбут 100 сылбытын бэлиэтии сылдьабыт. 1921 сыл алтынньы 23 күнүгэр “Декларация прав и обязанностей трудящихся ЯАССР” ылыллан турар. Онтон 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр “Декларация о государственном суверинитете Якутской Саха Советской социалистической республики” диэн ылыллыбыта. Бу хайалара даҕаны саха омук декларацията буолбатах. Саха омук бэйэтин уопсастыбаннай-гражданскай күүстэринэн салайынарга дьулуһар. Онтон биирэ бу – Саха кэнгириэһэ. Биһиги, сахалар, Сибиир, Арктика кыра омуктарын куолаһа буолабыт. Биир ураты миссиялаахпыт. 3. Саха кэнгириэһин сүрүн туһаайыыта – норуоту кытта бииргэ буолуу. Олохтоох дьаһалталар истэригэр, бэйэни салайыныы таһымыгар Саха кэнгириэһин туһаайыыта киириэхтээх. Сайдыы стратегията кырата 6 араас суолу тэлиэн сөп».

 

Анатолий Чомчоев, физик-ядерщик: “Саха тыла түҥ былыргы хоро тыла. 60 сыл устата археология түмүктэрин түмтэххэ, аан дойдуга бастакы киһи тыла, сахалар кэлии дьон буолбатахтар диэн тахсыаҕа. Отто Бетлинг саха тылын үөрэтэн баран улахан монографиялары суруйбута. Олортон биир эрэ кинигэтэ нууччалыы тахсыбыта. Онно сахалар тыллара төрүт былыргы тыл, Индия тылларын кытта майгыннаһар диэн ыйбыта. Радлов эмиэ суруйан турардаах».

 

 

Уйбаан Шамаев, уопсастыбанньык, Саха кэнгириэһин тэрийээччи: «Бастакы тэрээһиммит 2019 сыллаахха буолбута. Онно Устаап ылыммыппыт. Төһө даҕаны Саха кэнгириэһэ регистрациялана илигин иһин, ити Устаабы тутуһабыт. Кэнгириэс Сүбэтэ, бэрэссэдээтэлэ талылынна. Сүбэ Бырабылыанньатын талла. Үс сыл ыытыллыбыт үлэни оччуоттаатым. Дойду үрдүнэн уопсастыбаннай үлэ намыраан турар кэмигэр Саха сирин уопсастыбаннаһа өйбүтүн-санаабытын түмэн, үлэ ньыматын тобулуохтаахпыт. Кэнгириэспит устаабыгар ити балаһыанньалары уган кэллибит. Ол балаһыанньалар сөптөөхтөр эбит диэн түмүккэ кэллим. Бу туоһутунан бүгүҥҥү Кэнгириэс буолла, 24 улуустан 180 киһи кытынна. Кэлэр үс сылга өссө уустук соруктар тураллар, үлэлиир ньымабыт олус судургу, билиҥҥи кэмҥэ хоруйдаабат, элбэх киһини үлэлэтэр-хамнатар ньыманы тобулуохтаахпыт».

 

Егор Жирков, уопсастыбанньык: «Кэнгириэс уочараттаах иккис сийиэһин ыытта. Ааспыт үс сыллааҕы үлэ отчуота оҥоһулунна. Бырабылыанньа өттүттэн хорутуулаах үлэ барбыт. Үлэ салгыы барыахтаах. Билиҥҥи быһыы-майгы, үп, сыана өттүгэр уустуктардаах кэмҥэ ситими быспакка үлэлиэхтээхпит. Саха саҥалаах, саха дьылҕатыгар ыалдьар, кыһаллар дьон кыахтарынан саҥа сайдыы суолугар киириэхтээхпит. Хайдах буолабыт диэн ыйытыыга бэлэмнээх буолуохтаахпыт. Аһаҕас кэмҥэ саҥа күүстэр тахсыахтара, саха санаата түмүллүөҕэ диэн эрэнэбин».

 

Александр Боотулу, Дьэһиэй сахата: «Биһиги Кэнгириэскэ ыҥырыынан кэлэн олоробут, таарыччы Туймаада ыһыаҕар сырыттыбыт. Красноярскай кыраайга соҕотох саха нэһилиэгэ баар, 95 % сахалар олоробут. Икки сылынан нэһилиэкпит 400 сылын бэлиэтиэхпит. Араспаанньабыт сахалыы – Боотулу, Чордуу, Эспек (Өспөх), Оһоҕостоох, Маймаҕа. Олох уу сахалыы кэпсэтэбит. Саҥа кэм сибээһэ киирэн эрэр буолан, тылбытыгар кутталлаах быһыы-майгы үөскээтэ. Сирбит булдунан, үчүгэй балыгынан баай. Тылбытын уонна сирбитин былдьаппат туһугар олорон кэллибит. Төһө да нуучча сиригэр олордорбут, сахалыы саҥарабыт. Барыта 11 киһи кэллибит”.

 

 

Февронья Шишигина, Олоҥхо ассоциацията: «Политическай олоххо ыччат кыттыыта күүһүрүөхтээх. Уопсастыбаннай түмсүүлэри элбэтиэххэ, бииргэ үлэлээһини тэрийиэххэ наада. Бүгүн талыллыбыт Сүбэ салааларын улуустарынан тэрийэн үлэлэтиэххэ. Олоҥхо дьиэлэрэ, балаҕаннара өйү-санааны түмэр, саха үгэстэрин тутуһуннаран иис-уус ньымаларын тарҕатар, саха тылын эйгэтин тэнитэр, тиэрдэр кииҥҥэ кубулуйдулар. Онон бу Сүбэ салаата кинилэри кытта үлэлиэн наада. Саха тылын учууталларын статуһугар үлэ барыан наада. Саха тылын уруоктарын чаастара кыччаан, учууталларбыт онтон мөлтөөн, симэлийэн истэхтэрин аайы, тылбыт эмиэ оннук туруктанар. Саха тылын учууталларын өрө тутуохтаахпыт. Оскуола, нэһилиэк, улуус таһымыгар ньымалары булан, өрө таһаарыах тустаахпыт. Кэнгириэс каадыр политикатыгар үлэлэһиэн наада. Тылбытын харыстыахтаахпыт. Ыһыахтарбытын бу сылларга күүскэ таһаардыбыт. “Бастыҥабыт баспытыгар быһа киириэр, ырбаахыбыт кубарыйыар диэри ыһыахтыыбыт” диэн бэйэбит бэйэбитин күлүү-элэк оҥостон кэпсэтэбит. Ыһыах – бу ньыма. Саха эйгэтин, саха тылын харыстыыр, тарҕатар ньыма. Ыһыах элбэх диир тыл суох буолуохтаах. Ыһыахтары өссө элбэтиэх тустаахпыт. Биир өттүнэн, ыһыах хамнастанар эйгэ. Таҥас тигээччилэр, уустар уо.д.а. хамнастанар кэмнэрэ. Атын сирдэргэ анаан карнаваллары, бэстибээллэри тэрийэллэр. Дьыссаат, оскуола ыһыахтарын регламеннарын оҥоруохтаахпыт”.

 

Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал, норуот дьокутаата: “Егор Жирков Саха Концепциятын оҥорон, биһиги сахалыы тыыннаах, сахалыы толкуйдаах ыччат буола улааппыппыт. Уйбаан Шамаевка улаханнык махтанабыт. Маннык дьонноох буоламмыт, сахалар туохтан да толлубакка, куттаммакка, үйэ-саас тухары тылбытын, эйгэбитин тутан кэллибит. Саха сирин дьокутааттара саха эйгэтин, тылын туһугар үлэлэһэбит, үлэлиибит, хамсанабыт. Быйыл 3 сыллаах бүддьүөппүтүн ылыныахтаахпыт, онно сыл ахсын 50 мөлүйүөнү көрөрү туруорсуохтаахпыт. Тыл туһунан бырайыактар биир эрэ сылга туһуламматтар. Ол иһин 3 сылы өтө көрөн үлэ ыытыахтаахпыт. Биир улахан үлэ күүтэр, ол курдук, тыл өтө көрүүтэ (стратегията) 2050 сылга диэри хайдах ыытыллыахтааҕар, барыахтааҕар барыллааһыны оҥоруохтаахпыт».

Афанасий Максимов, урбаанньыт: «Култуура» диэн тылы латыыннар таһаарбыттара. «Сельскохозяйственная культура» диэн тылтан үөскээбитэ. Биһиги ыһыахпыт култуура буолбатах. Ыһыахпыт, олоҥхобут итэҕэлбит буолар. Итэҕэли өрө тутуохха наада. Барыта итэҕэлтэн турар. Итэҕэлбит нөҥүө үгэс тутуһуллар».

 

 

Лариса Кулаковская, Өксөкүлээх сиэнэ, Сербия олохтооҕо: “Саха кэнгириэһин уруккуттан кэтээн көрөбүн, наһаа ымсыырабын. Биир тылынан саҥарар, биир санаалаах дьону кытта инникини торумнаспыт киһи диирим, бүгүн туолла. Мин атын дойдуга сырыттахпына, тылларын, култуураларын, олохторун-дьаһахтарын кэтээн көрөбүн. Сербия омуга бэйэлэрин тылларын төһө илдьэ сылдьалларын үөрэтэбин. Американан, Италиянан, Германиянан уо.д.а. сирдэринэн олороллор. Ол эрээри дойдуларыгар кэллэхтэринэ бары сербиялыы саҥараллар. Рестораннарга, кэнсиэртэргэ сырыттахха, барыта бэйэлэрин ырыалара ылланар. Биир да атын омук тылынан ыллаабаттар. Тэлэбиисэринэн биэриилэригэр хааччаҕа суох уһуннук кэпсэтэллэр. Сахалар курдук. Төрөппүт оҕоҕо сабыдыала кинилэргэ күүскэ турар. Иитии дьиэттэн саҕаланар. Сахалар ураты өйдөөх дьон. Ханна да сырыттарбыт, саха буоларбытын кэпсии сылдьабыт. Мин сахабын диэн өйдөбүллээх ыччаты иитэн таһаарыахтаахпыт”.

 

Кира Аммосова, Нам улууһа, урбаанньыт: «Элбэх оҕолоох ийэбин. Биһиги үс буолан 2013 сыллаахха Нам улууһугар сахалыы дьыктааны тэрийбиппит. Оскуолаларга, библиотекаларга тахсан, элбэх киһини түмпүппүт. Эһиилигэр, 2014 сылтан, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар буолбута. Биир көлүөнэ оҕону куоттаран эрэбит. Мин саха оҕолорбун дэриэбинэҕэ сахалыы оҕо уһуйааныгар биэрбитим. Онтон сахалыы оскуолаҕа саха кылааһыгар суруйтаран ыыппытым. Билигин тылларын аҥаара барыта нууччалыы. Дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит. Оттон оҕолор кылааска, бөлөххө тиийдилэр да, нууччалыы кэпсэтэллэр. Сорох төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, оҕолорун кытта нууччалыы кэпсэтэллэр. Сахалыы үөрэнэр оҕолор нэдиэлэҕэ 6-та, нууччалыы үөрэнэллэр – 5-с күн үөрэнэллэр. Маннык үөрэниини таллардахха, төрөппүт өрөбүл күннээх үөрэҕи талар. Дэриэбинэҕэ босуобуйаттан босуобуйаҕа олорор төрөппүт саха тылын сөргүтэр туһунан толкуйдаабат. Ол иһин сахалыы эйгэни тэрийиини өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тэрийиэххэ наада. Оҕолорбутугар сөптөөх литэрэтиирэ да суох. Бастакы кылаастан саха тылын учуобунньуктарыгар барыта билбэт эйгэлэрин туһунан. Оттуур-мастыыр, куйуурдуур, сүөһү көрөр туһунан, бэйэм да оттообутум ахсааннаах. Холобура, “Этиини салҕаа, эбэм Маҕааччыйаны...” диэн сорудах. Билиҥҥи оҕо Маҕааччыйаны хантан билиэй? Ол Маҕааччыйаны хайыылларын хантан билэрий? Эһиги билэргит буолуо, оҕолор билбэттэр. Минсельхоз көмөтүнэн Маҕааччыйаларгытын барытын эһэн баран олороҕут. Математика судургу холобурдартан турар, онтон саха тыла билбэт эйгэлэртэн саҕаланар. Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллар. Хоһоону үөрэтиигэ биир оннук. Тута олоҥхолоон барбакка, оҕоҕо чугас эйгэттэн саҕалыахха наада. Оччоҕуна эрэ оҕо төрөөбүт тылын сэҥээриэҕэ».

 

Бу курдук, төрөөбүт тылтан саҕыллан, саха киһитин олоҕун бүгүҥҥү тыын кыһалҕалара таарыйылыннылар. Кэнгириэс кыттыылаахтара туруоруллубут соруктары олоххо киллэрэр сыаллаах тарҕастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...