04.07.2024 | 12:00

Саха инновация: Креативнай Саха сирэ

Саха инновация: Креативнай Саха сирэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 29 күнүгэр Туймаада ыһыаҕын чэрчитинэн Үс Хатыҥҥа “Саха инновации: Креативная Якутия” өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка 12-с төгүлүн ыытылынна. Быйылгы тэрээһиҥҥэ “Якутия” технопаарканы сэргэ «Үлэ кыбаартала» кластер кытынна.
Быыстапкаҕа туох көстүүгэ турбутун билсиэххэ.

Оҕолору босхо үөрэтэр бырагыраама

Быыстапка арыллыыта үөрүүлээх сонуннаах буолла. Ол курдук “Куб-А” АНО РЦРИТ “ИгроЛаб” диэн үөрэх бырагырааматын үлэҕэ киллэрдэ. Бу лаборатория көмөтүнэн улуустарга оҕолору компьютер оонньуутун оҥорорго буор-босхо үөрэтиэхтэрэ. Былырыын “Кынат” диэн анимацияҕа үөрэтэр бырагыраама кэмигэр оҕолор IT салаатын сэргииллэрин өйдөөн, салгыы геймдев өттүнэн үөрэтэргэ быһаарыммыттар. “Куб-А” кураатара Петр Лукачевскай этэринэн, аны күһүҥҥүттэн IT-кииннэрдээх улуустарга 7-стэн үөһэ кылаас оҕолорун үөрэтэн саҕалыахтара. Оттон мөлтөх интэриниэттээх улуустары кытта кэпсэтии үлэтин ыытыахтара.

 

Ыччат таҥаһыгар сахалыы оһуор

Ыччаттар сахалыы ойуулаах-бичиктээх таҥаһы улаханнык биһирээбэттэрэ кистэл буолбатах. Николай Николаев тату устуудьуйата 2016 сылтан бу «хаалыыны» туоратар сыаллаах таҥас линейкатын саҕалаабыт. Харысхаллары оҥорор уонна татуировка уруһуйдуур уопутун холбоон, таҥаска ойуу түһэрбитин ыччат тута сэргээбитэ. Николай билигин “КолдИнк” корпорация куонкуруһугар кыттар эбит. Бэлиэтээн эттэххэ, бу куонкурус Арассыыйа таһымыгар тахсарга көмөлөһөр.

Дьоҕус погрузчик

“Батрак” универсальнай мини погрузчик араас туттар тэриллээх: тротуар хомуйар суоккалар, таһаҕаһы көтөҕөр палетта атырдьахтар уонна ковш. Кээмэйэ дьоҕус буолан, куорат иһигэр суолу-ииһи алдьаппакка үлэлиир. Бу хаачыстыбатын Дьокуускай “Ыраас куорат” аахсыйаларыгар көрдөрбүт, ону таһынан, ааптар Геннадий Сергеевич этэринэн, хотоҥҥо, дьиэ тутуутугар кытта туттуллуон сөп.

Көһө сылдьар уу фильтрдара

“Саха фильтр” үлэһиттэрэ быыстапкаҕа уу ыраастыыр фильтрдары аҕалбыттар. Улахан модульнай бырысыап фильтр 250 лиитэрэ ууну биир чаас иһинэн 7 түһүмэҕинэн ыраастыыр. Ыраах сытар бөһүөлэктэргэ, көһө сылдьар тэрээһиннэргэ бырысыап генераторын, фильтрдарын, уу кутар турбатын, оборор мотуорун тиэнэ сылдьар. Фильтр номнуо бу саас Нам улууһугар ууга барбыт Хатырык бөһүөлэгин олохтоохторун иһэр уунан хааччыйбытын инженер Иван Артамонов бэйэтэ эрэ буолбакка, ыалдьыттар эмиэ бэлиэтээн ааһаллар. Ону таһынан СВОҕа 30-ча фильтры ыыппыттар. Оттон кыра фильтр чааска 150 лиитэрэ ууну ыраастыыр, туттарга элбэҕи ирдээбэт: күөлгэ туруордуҥ да, уутун оборон ылар.

Айанньыт, булчут доҕоро көһө сылдьар дьиэ

“Сахакемпер” хампаанньа ас атыылыыр фудтрактары оҥорон саҕалаабыт буоллаҕына, быйыл кемпери көрдөрдүлэр. Бу — булчуттарга, айылҕаҕа сынньалаҥы сөбүлүүр дьоҥҥо аналлаах дьоҕус дьиэ. Кемпер балааккаттан дуу, үүтээнтэн дуу уратыта диэн, көннөрү хонор эрэ буолбатах, аныгы киһиэхэ олус наадалаах электротиэхиньикэлээх, ас буһарар миэстэлээх, биллэн турар, остуоллаах, утуйар ороннордоох буолуон сөп. Күн уотуттан үлэлиир, өкүмүлээтэри, бэнсиини ирдээбэт. Хампаанньа салайааччыта Маркель Буртахов этэринэн, сакаасчыт тугу баҕарбытын туруоран биэриэхтэрэ.

Кыра көтөр аал — дрон

“Саха дрон” үлэһиттэрэ FPV уонна сөмөлүөт көрүҥнээх дроннары хомуйаллар, атыттары үөрэтэллэр. Бу дроннар ойуур баһаардарын кэтээн көрүүгэ, дьону көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ көмөлөһөллөр.

Электрическэй көлөлөр

“Зеленая энергия” хампаанньа электричество уотунан иитиллэр көлөлөрү оҥорор. Биирдэстэрэ — суола-ииһэ суох сиргэ сылдьарга аналлаах эндуро матасыыкыл, 3 кВт кыамталаах мотуордаах, 40 ампер-час батареялаах, биирдэ ииттэрэн баран 50 км куһаҕан суолунан айанныыр кыахтаах. Салайааччы Виталий Прокопьев этэринэн, көлө тыаһа-ууһа суох, арыы куттар наадата суох, туттарга судургу. Билиҥҥитэ бу көлөнү СВОҕа тутталлар эбит, инникитин бэйэбитигэр сүүрэр көрүҥүн оҥорор былааннаахтар.

Оттон доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах быыстапкаҕа электрокэлээскэ турар. Тыа сиригэр, мөлтөх суоллаах сиргэ табыгастаах дииллэр. Өкүмүлээтэрэ 3 чаас иитиллэн, күнү быһа сылдьыан сөп эбит. Маны таһынан ЯК-14 пилота суох электроэвакуатор баар, тиэхиньикэ кыайан сылдьыбат эбэтэр киһиэхэ кутталы үөскэтэр усулуобуйаҕа малы-салы, эчэйбит дьону таһарга ананан оҥоһуллубут.

«Тундра» ойуулук устуудьуйата

Устуудьуйа икки ойуулугу таһаарары былаанныыр. Кылгас кээмэйдээх ойуулук урут көрбүт дьоруойдар ыһыахха сырыыларын кэпсиэҕэ. Ону таһынан толору кээмэйдээх киинэни устар туһунан кэпсэтиилэр бара тураллар эбит. Саха сиригэр кэлбит инопланетянин мүччүргэннээх сырыыларын туһунан. Устуудьуйа үлэһиттэрэ этэллэринэн, инопланетянины бэйэтин эрэ көмпүүтэр көмөтүнэн уруһуйдуохтара уонна дьиҥнээх дьону кытта сылдьарын курдук устуохтара.

Бу курдук “Саха Инновации: Креативная Якутия” быыстапка биири көрдөрөр — Саха сиригэр маннык араас тиэхиньикэни, айар үлэни барытын оҥорон таһаарыахха сөп, сүрүнэ — санааҕытын ыһыктыбакка, үөрэнэн, үлэлээн, баҕарбыккытын олоххо киллэриҥ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....