12.01.2023 | 12:00

«Саха графиката: саҥалыы көрүү»

2022 сыл ахсынньы 22 күнүттэн 2023 сыл кулун тутар 5 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай музейыгар «Саха графиката: саҥалыы көрүү» салаа үлэлиир.
«Саха графиката: саҥалыы көрүү»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быыстапка саха искусствотын визитнэй карточкатын – графиканы араас тиэхиньикэнэн уонна матырыйаалынан көрдөрөр. Маннык үлэлэри музейга дэҥҥэ түбэһэн көрүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ графическай лиистэри сырдыктан уонна сииктэн харыстаан, киэҥ араҥаҕа сэдэхтик таһаараллар.

Саха график худуоһунньуктарын ааспыт үйэ 60–70-с сылларыгар Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ситиһиилэрин төрүөтүнэн саҥа эстамп ньымаларын баһылааһыннара буолбута; аан дойду, тулалыыр эйгэ кэрэтин саҥалыы көрүүгэ олук уурбута.

1980-1990 сылларга худуоһунньуктар төрүт култуураҕа тирэҕирэн, олох-дьаһах философскай өрүтүн таарыйаллар. Аныгы графиктар уобарастара биир халыып быһаарыллыбат уонна көрөөччүгэ хартыынаны бэйэтэ ситэрэригэр кыах биэрэллэр.

Сонун быыстапка үс тиэмэҕэ арахсар: «Алаас», «Алгыс» уонна «Арктика».

«Алаас» диэн от күөҕэ саалаҕа туруоруллубут айымньылар киһи күннээх, тыыннаах эйгэтин көрдөрөллөр, композициялар сырдык, үтүө энергетикалаахтар.

«Алгыс» диэн кыһыл саалаҕа былыргы номоххо, фольклорга, саха култууратыгар үгэс буолбут сиэргэ-туомҥа анаммыт сюжеттар киирбиттэр, айымньылар эпическэй ис хоһоонноохтор.

 «Арктика» халлаан күөҕэ саалаҕа худуоһунньуктар уһук хоту туһунан өйдөбүллэрэ уустук, дьикти холбоһук быһыытынан көрдөрүлүннэ. Арктика ийэ айылҕатын уобарастара норуот, култуура уратытыгар арылхайдык көстөр, маны барытын концептуальнай хайысхаҕа көрүөххэ наада. 

Экспозицияны саха ааптардарын скульптуралара силигин ситэрэн, ис хоһоонун байытан биэрэллэр. Н. Федулова гобелена быыстапканы уратытык саҕалыыр уонна түмүктүүр, төрүт үгэстэргэ хорсун, сонун идиэйэлэри булар кыаҕы кэрэһилиир.

Музей үлэтин эрэсиимэ: сэрэдэ – 12.00-20.00 чч. (каасса 19.30 чааска диэри үлэлиир), чэппиэр-баскыһыанньа – 10.00-18.00 чч. (каасса 17.30 чааска диэри үлэлиир), бэнидиэнньик-оптуорунньук – өрөбүл күннэр.

Билсэр төлөпүөннэр: 8 (4112) 33-52-79, 8 (4112) 33-52-80 (каасса).

Быыстапка үлэлиир сирэ: Дьокуускай куорат, Киров уул., 9, Национальнай художественнай музей.

Соргоева А.Л.
Шапошников Е.М.
Васильев В.Р.
Васильев В.Р.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)