Саха гимназиятыгар — Аҕа сыла!
Бу күн төһө да тымныы тыал үрдэр, күммүт чаҕылыччы тыган, мустубут оҕолор, ыалдьыттар, төрөппүттэр бука бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэ-көтө мустан, оҥостуу, түһүлгэлэри киэргэтии, кэлии-барыы сарсыарда эрдэттэн саҕаланна. Кылааһынан бары биир тэҥ сахалыы таҥастаах оҕолор сир симэхтэрэ буолан сибэккилии киэргэннилэр, алаас күөрэгэйдэринии чуопчаардылар, хонуу ньургуһуннарын курдук толоону симээтилэр.
Владимир Павлович Кылыяров, 6 “А” кылаас төрөппүтэ:
– Быйыл Саха гимназиятыгар Аҕа сыла биллэриллибитэ, ол иһин аҕалар “Эрчимэн Бэргэн” диэн күрэҕи улахан кылаас оҕолоругар тэрийэбит. Бу күрэхтэһиини биһиги кылаас аҕалара оҕолорбут иккис кылааска үөрэнэ сырыттахтарына саҕалаабыппыт. «Үс төгүл үс», ырааҕы быраҕыы, сүүрүү курдук көрүҥнэр киирэллэр. 8-10 кылаас уолаттара кытталлар, онон ыйааһыннаах көрүҥнэри киллэрбэппит, саастарынан, күүстэринэн кыра кылаастар сабырыйтараллар диэммит. Кылаастар икки ардыларыгар эмиэ атын күрэхтэһии баар, иккилии аҕа эмиэ туһунан кытталлар, кыайыылаахтарга Кубок бэлэмнэнэн турар. “Эрчимэн Бэргэн” бирииһин биһиги кылаас аҕалара бэйэбит кыттыһан туруордубут. Бастаабыт оҕоҕо – воздушка саа, иккис миэстэҕэ – утуйар мөһөөччүк, үһүс миэстэҕэ – сыаналаах мээчик.
Инга Валерьяновна Хомподоева, 1 “В” кылаас салайааччыта:
– Ыһыах биһиги оскуолаҕа сылын аайы ыытыллар. Бастакы кылаастан ахсыс кылааска диэри уонна онус кылаас оҕолоро, үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ бары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэбит, бары кылаастарынан тус-туспа түһүлгэ тэрийэбит. Урут түһүлгэҕэ куонкурустар, күрэхтэр буолаллар этэ, саха аһыгар эҥин. Кэнники сылларга көрүү эрэ диэн буолар уонна сахалыы сиэринэн ыалдьытымсах үгэһи тутуһан кэлбит ыалдьыттары сахалыы алаадьынан күндүлээһин, көрсүһүү сиэрэ-туома ыытыллар. Онтон ыһыахпыт үөрүүлээх арыллыытыгар кылаастарынан, оҕолуун, төрөппүттүүн, учууталлыын бары сэлэлии хааман киирэбит. Ол кэнниттэн ырыа-тойук тардыллар, тэрээһин арааһа, оҕолорго оһуохай таһаарыыта, дьиэ кэргэнинэн күрэх уонна “Эрчимэн Бэргэн” диэн улахан кылаас уолаттарыгар күрэхтэһии буолар. Ыһыытынан-хаһыытынан, сорох көрүҥнэринэн бэйэтэ Дыгын оонньуутугар тэҥнээх курдук ыытыллар. Онтон кыра кылаас оҕолоругар уһуну ыстаныы, сүүрүү, эстафета курдук күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, кылаастарынан оһуохайдыыллар. Быйылгы уратыбыт диэн Аҕа сыла биллэриллэн, аҕалар күрэхтэһиигэ кыттыахтаахтар.
Бастакы кылаастар бастакы ыһыахтара буолар, кинилэргэ үтүө өйдөбүлү иҥэрии түһүлгэттэн, киэргэтииттэн саҕаланар, ыытыллар күрэхтэргэ барытыгар кытталлар, кылааһынан бары сахалыы таҥнан кэлэбит, көстүүм тиктэрдибит, салама баайдылар, сахабыт аһын көрдөрүөхпүт, бары бииргэ аһааһын диэн тугун билиэхпит.
Куорат усулуобуйатыгар олорор оҕолор ыһыахха биирдэ эмит сылдьыбыт буолаллар, билбэт оҕолор да бааллар. Мантан ыла кинилэр ыһыах диэни сөбүлээн, сыл аайы кэтэһэн, төрүт үгэстэри билэн, сахалыы таҥнар диэни өйдөөн, саха таҥаһын сыаналаан бараллар. Биһиги кыра эрдэхтэриттэн иҥэрээри бу курдук ыһыахтары тэрийэбит.