12.03.2020 | 08:54

Саха быһаҕа – омук киэн туттуута

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уус уонна суор биир ситимнээхтэр

Олунньу 22-23 күннэригэр “Куруһаала” атыы-эргиэн киинигэр буолан ааспыт “Дархан Уус” тимир уустар быыстапка-дьаарбаҥкаларыттан эр киһини умсугутар, уол оҕону кэрэхсэтэр түгэннэри билиһиннэриэм.

Олоҥхоҕо бухатыыр киһи ыраах дойдуга кыргыһа барарыгар кутун-сүрүн харабылын – кыыннаах быһаҕын орто тулааһынын көхөтүгэр ыйаан хаалларар уонна этэр: “Дьэ, дьонум-сэргэм, уол оҕо уйана-хатана биллэр улуу охсуһуубун охсуһа барабын, охсуһуу туонатыгар охтор түгэммэр кыыннаах быһаҕым хаанынан ытыаҕа, оттон өрөгөй көтөллөнөн эргиллиэх буоллахпына, ылып-чылып быһыйам кыынын иһигэр толугуруу мөхсүөҕэ”.

Үөстээх быһах силиһэ-мутуга

Ортотунан хайа барбыт кыыл сототун уҥуоҕун санатар быһыылаах үөстээх саха быһаҕын төрдө-ууһа түҥ былыргы үйэлэргэ тиийэргэ дылы.

Дьэ, итинник силистээх-мутуктаах тэрил саҥа үйэҕэ Амынньыкы Уус, Кылаадьы Уус, Мандар Уус, онтон да атыттар өҥөлөрүнэн умнуллубакка, сүппэккэ-оспокко баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕэ. Саха быһаҕа билигин саха эр дьонугар эрэ буолбакка, Арассыыйа, омук дьоннорун сэҥээриитин ылыан ылла диэн туох да саарбахтааһына суох этэбит.

Саха биилээҕин сытыылааһын, кылааннааһын уонна туттуу

Саха өрөспүүбүлүкэтин Тимир уустарын сойууһун төрүттээбит бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, СӨ Духуобунаһын академиятын академига, Платон Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Борис Федорович Неустроев- Мандар Уус:

- Атыылаһаары туран, бу быһаххытынан тугу туттаргытын чопчулуохтааххыт. Холобур, талаҕы-титириги кэрдэн, суол солонор, быһыт, чэҥкээйи охсор идэлээх буоллаххытына, быһаххыт халыҥ  өнчөхтөөх, биилээх, тимир тулуурдаах эрээри, наһаа сытыы буолуо суохтаах. Маһы кыһан, үүттээн, оҥон-хаһан үлэлиир киһиэхэ суптугур уһуктаах, чараас биилээх быһах тирии сүлэргэ табыгастаах. Улахан булка, идэһэ хабарҕатын быһарга улахан “булт быһаҕа” диэни оҕустараллар. Суптугур уһуктаах уһун, модьу быһах хатарыыта – игиинэн аалан кылаан таһаарарга сөптөөх буолуохтаах, оттон ойуу-бичик быһахтарын анаан, ууһу кытта бииргэ олорон оҥотторор ордук.

 Үйэлэртэн үйэлэргэ – боло быһах

Николай Николаевич Степанов, Саха өрөспүүбүлүкэтин маастара, Бүлүү куората:

- Бу оҥорбут композициям аата “Үйэлэртэн үйэлэргэ” диэн ааттаах. Уһуна 47 см, кэтитэ 26 см. Боло быһахпын дьэбиннирбэт тимиринэн оҥорбутум. Гравировкатыгар Мандар Уус оһуорун туттубутум. Быһаҕым уга чубуку, тайах муоһа, туос, удьурҕай. Тайах муоһугар алтантан инкрустация. Үйэлэртэн үйэлэргэ илдьэ кэлбит быһахпыт – бу боло быһах буолар.

Өбүгэ үгэһин сөргүтэн “Сата тимирэ”

Ариан Васильевич Афанасьев, Ньурба улууһа:

- Сата Уустарын үгэһин сөргүтэр композиция. Оһоххо уһаарыллыбыт болгуо тимир. Болгуоттан буспут булаат быһах. Оноҕос төбөтө. Дамаск технологиятынан оҥоһуллубут композиция буолар. “Турецкий дамаск” быһах. Саха сирэ уонна Ньурба улууһун гиэрбэтэ киэргэллээх. Кыптыый “Дикий дамаск”. Хомус уол оҕо, эр киһи харысхаллаах. Икки тимир сэргэлээх.

Байанай алгыһа

Евгений Вальеревич Иванов, Ньурба куората:

- Мас хоппоҕо муос тутаахтаах быһах сытар. Быһах тутааҕа курдары көстөр оһуордаах. Эһэ, бучут, улар, куобах, хотой ойууламмыттар. Хоптоҕо түөрт кытыытыгар уонна хаппаҕар булт-алт, балык ойууламмыттар.

“Сүр көтөҕүү”

Александр Васильевич Протопопов, Нерюнгри куорат:

- Ойуун уонна тимир ууһа быстыбат ситимнээхтэр. Ол ситимин оҥоһукпар көрдөрдүм. Тимир ууһа ойуун кыаһааннарын охсон биэрэр аналлаах. Уус уонна ойуун кута аллараа дойдуга уһуйуллар. Ол курдук, иккиэн саха омугун духуобунай култууратын тирэҕинэн буолаллар. Бу үлэм аата “Сүр көтөҕүү” диэн. Бу ойуун туомун биир көрүҥэ буолар. Сүрэ көтөҕүүлээх эрэ эр киһи толору олоҕу дьоллоохтук олорор, талбыт суолун устун эрэллээхтик хаамар. Бу үлэбин икки ый кэриҥэ оҥордум. Сүрүн өйдөбүлүн укпут киһинэн Сүөдэр Александров – Хара Дархан Уус. Ойууну түөрт куоҕас уонна Өксөкү кыыл түбүрүөннүүр, көмө буолан көтө сылдьаллар.

Саха быһаҕын араас

             (Мандар Уус оҥоһуктара)

Саха эр киһитэ саха быһаҕа элбэх араастааҕын уонна ханнык быһах туохха анаан туттуллуохтааҕын билиэхтээх.

Боло бадаайы “убайа”, өссө бөдөҥ, муус алларарга, эт эттииргэ, чэҥкээйи, быһыт охсорго туттуллар, 230-250 мм усталаах тимирдээх.

Бадаайы – олус улахан (батыйаны эрэ аннынан) быһах. Сүгэни, анньыыны солбуйар аналлаах, орто хатарыылаах, 200-250 мм усталаах.

Үрүөх үрэр быһах (икки тутаахтаах) – биир уктаах, кэдэгэр быһыылаах, кыһыахтан уратыта – кэдэгэрэ кыра.

Булт улахан быһаҕа – улаханы туттарга аналлаах. Кэтит үөстээх, халыҥ өнчөхтөөх, кытаанах хатарыылаах, 180-200 мм усталаах тимирдээх быһах.

Булт улахан быһаҕа – кэтит охсуулаах, чараас өнчөхтөөх, синньигэс охсуу үөстээх, орто хатарыылаах, маска-эккэ дэгиттэр, 180-200 мм усталаах.

Балык кыһар быһах – сыалаах илии халтарыйбатын диэн уһуга хантаччы соҕус охсуулаах, кэтит үөстээх, 180-200 мм усталаах.

Мас ууһун улахан кыһар быһаҕа – кэтит, чараас охсуулаах, хатан хатарыылаах, 150-165 мм усталаах.

Аныгылыы охсуулаах булт быһаҕа – кылгас үөстээх, чараас биилээх.

Булчут орто быһаҕа – охсуу үөстээх, кэтит биилээх, орто кытаанах хатарыылаах, маска уонна эккэ дэгиттэр, 130-150 мм усталаах.

Сүлбэ быһаҕа – аҥаардыы, араҥалыы сүлэн ылан сарыы таҥастыыр, кэдэгэр биилээх, чараас быһах.

Таба сүлэр быһычча – таба өрөҕөтүн тэһэ анньыбат гына умсары халыҥ өнчөхтөөх, суор тумса уһуктаах, 100-130 мм уһуннаах.

Мас ууһун оҥор-хаһар быһыччата – сытыы уһуктаах, маһы хаһарга имигэс, синньигэс, 110-120 мм усталаах тимирдээх.

Иистэнньэҥ быһыччата – сиик көтүрэргэ, сабы, тириини быһарга-оторго туттуллар. Кэтит үөстээх, холбоҕор охсуулаах, 80-90 мм усталаах.

Ойуу быһыччата – суор тумса уһуктаах, умсары өнчөхтөөх, 80-90 мм усталаах.

Дьахтар быһыччата – туос туостуурга, тирии таҥастыырга, ону-маны быстах-остох туттарыгар аналлаах, олус сиэдэрэй кыыннаах, мааны таҥаска көмүс куругар иилинэр быһыччата.

Түүлээх быһаҕа -  ханнык баҕарар түүлээҕи сүлэргэ, таҥастыырга табыгастаах, сытыы уһуктаах, 120-140 мм усталаах тимирдээх.

Отоһут, хаанньыт быһыччата – умсары чараас өнчөстөөх, суор тумса уһуктаах, 50-70 мм уһуннаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....