САХА БИИР ЧАҔЫЛХАЙ УОЛА – ИСИДОР БАРАХОВ
Ачыкылаах, хара бараан сирэйдээх киһи ойон турар:
- Табаарыстар! – Барахов саҕалыыр – өрөбөлүүссүйэ пролетарскай диктатуратын дьулуурунан, контрреволюционнай буржуазнай уобаластааҕы сэбиэт сиртэн симэлийдэ, үүрүлүннэ. Дьокуускайга былаас барыта оробуочай дьокутааттар Сэбиэттэригэр бэрилиннэ.
Араатар тохтоон ылла. Мустубут дьон кини нууччалыы ырааһа суох саҥарарын уонна “контрреволюционнай” диэн тылы этэригэр “р” буукубаны хайдах эрэ уратытык, күүстээхтик этэрин бэлиэтии көрөллөр.
Г.М. Чудинов “На Заре” сэһэниттэн быһа тардыы.
Исидор Барахов 1898 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр Никифор Иванов диэн кыахтаах, баай дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ.
Эһэтэ Бараах (Кулик) диэн хос ааттааҕа, интэн Барахов диэн араспаанньа тахсыбыт. Исидор бэйэтин араспаанньатын (Ивановтан Бараховка) аҕатын кытта утары көрүүлээхтэриттэн уларыппыт буолуон сөп диэн санаа баар. Кини аҕата саха уопсастыбатын бигэ үгэстэрин бэриниилээх батыһааччыта, оттон уола ону утарар, баай уонна дьадаҥы диэн арахсыбакка социальнай өттүнэн кырдьыгы тутууга дьоһун суолталаах уларытыылары көрдүүр, манна дьон бары биир бырааптаах, хас биирдиилэрэ үлэлээх буолуохтаахтар, ханнык да баай төрүттэриттэн, удьуордарыттан тутулуга суох диэн.
Исидор үчүгэй үөрэҕи Бүлүү педучилищетыгар ылар, манна кини учууталларынан саха литературатын аҕалаатар аҕата Алексей Елисеевич Кулаковскай уонна инникитин муусука бөдөҥ деятелэ, оччолорго эдэр Марк Жирков этилэр.
Ол кэмнэрдээҕи ыччат курдук, Исидор Бүлүү кэннэ Дьокуускайдааҕы семинарияҕа үөрэнэр. 1917 сыл балаҕан ыйыгар бассабыыктар баартыйаларыгар киирэр уонна өрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах сабыытыйаларыгар эриллэ түһэр. Бу кэмҥэ эдэр идеалист Бараховы Сэбиэскэй Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ барыны-бары сөптөөхтүк сыаналыыр, толкуйдуур, политиканы баһылаабыт уонна судаарыстыбаннай деятель гына оҥорон таһаарар.
Кылаассабай утарсыыга тирэҕирбит бассабыыктар баартыйаларын бырагыраамата дойдуну гражданскай сэриигэ тиэрдибитэ, оттон Саха сиригэр сэрии 1920-с сылларга саҕаламмыта. Байыаннай утарыта туруу түргэтэтэр күүһүнэн Иркутскай губерниятын Саха оройуонугар ыытыллар байыаннай коммунизм политиката буолбута, манна баайдар арааһынай үүрүүгэ, баттабылга түбэспиттэрэ. Бастаанньа күүһүрбүтүн, кыаҕырбытын кэннэ Иркутскайтан олохтоох ревкомҥа көмөҕө диэн анархист Нестор Каландарашвили салайааччылаах Кыһыл аармыйа бөдөҥ этэрээтэ тэриллэн ыытыллыбыта. Бу этэрээт штабын кытта Дьокуускайтан чугас Арҕаа-Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр кыргыллыбыта. Каландарашвили этэрээтин кытта өрөбөлүүссүйэ буойуна, кыһыл хамандыыр Иван Строд уонна сотору соҕус комиссар Сергей Широких-Полянскай кэлбиттэрэ. Кинилэр, чинчийээччилэр быһаарыыларынан, Исидор Бараховка Саха сирин салалтатыгар переворот оҥоһуллуутугар, байыаннай коммунизм сирдьиттэрин, салайааччылар Лебедевы, Козловы уонна Агеевы тутууга көмөлөспүттэр. Онон Саха сиригэр былаас соһуччу уларыйар, онно эбии киин күүтүүлээх-кэтэһиилээх автономияны биэрэр, маныаха киэҥ далааһыннаах боломуочуйаны ылбыт Исидор Никифорович (Совнарком бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин быстах кэмҥэ салайан олорор) биир өйдөөх-санаалаах дьонун көмөтүнэн политика олоҕор гражданскай сэриини былааннаахтык тохтотон эйэлээх олоҕу киһилии сыһыанынан ыытарга ылсар. Бастатан туран, бэриммит бастаанньаһыттары амнистиялааһын биллэриллэр, маныаха кинилэри эккирэтиспэккэ эйэлээх олоххо, үлэҕэ төннүүлэригэр көмөлөһөргө эрэннэрэллэр. Иккиһинэн, дойду олоҕор Саҥа экономическай политика ыытыллар, манна ырыынак сыһыаннаһыыта, чааһынай бас билиигэ быраап мэктиэтэ киирэр, ону таһынан гражданнар бэйэлэрин бас билэр тэрилтэлэрин оҥостор кыах тэринэллэригэр Гражданскай кодекс киирэр.
Бастаанньаһыттар, чуолаан улахан байыаннай кыайтарыы кэнниттэн, салгыы утарыта туран туһа суоҕун билинэн харса суох бэринэллэрэ, дьиэлэригэр тарҕаһаллара, манна Совнарком үөһэ этиллибит аныгы миэрэлэрэ эмиэ төһүү буолбуттара, эбиитин эдэр өрөспүүбүлүкэни тутууга баартыйата суох интеллигенция эрээтигэр киллэрии этэ (онтон сорохторо бастаанньаһыттар диэки этилэрэ). Ол курдук, холобур, Барахов сыылкаттан саха норуотун биир бөдөҥ уонна биллиилээх деятелин Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүрү ыҥырар, Хочо (билигин Сунтаар) улууһуттан биир да ытыалаһыыта суох амнистия көмөтүнэн бастаанньаһыттар салайааччылаах Петр Трофимович Павлов этэрээтэ кэлэр.
Маннык ыытыллыбыт политика бастаанньаһыттарга сөптөөх сыһыанын оччотооҕу хаартыскалартан көрүөххэ сөп. Ол курдук эйэлэһии хаартыскаларыгар өрөспүүбүлүкэ салайааччылара уонна бастаанньаһыттар сорох салайааччылара, ол иһигэр Михаил Артемьев бөлөҕүнэн түһүүгэ илиитин ыга тутуһан олорор. Михаил Константинович Сэбиэскэй былаас бүтэһиктээхтик эйэлэспитин туоһулуур кыһыл аармыйа форматын кэппит. Хаартыска 1925 сыллаахха оҥоһуллубут, бу кэмнэргэ Тунгусскай бастаанньа саба тутуллан эйэ түһэриллибитэ, Михаил Константинович бэриммитэ уонна амнистияламмыта, кини бу бастаанньа биир сүрүн салайааччыта этэ.
Исидор Никифорович саха бырабыыталыстыбатын салайааччыта буоларынан бу кэмнэргэ сахалары өйүүргэ араас элбэх социальнай миэрэлэри киллэрбитэ, чуолаан тыа сирин олохтооҕор, кинилэр оччолорго өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэхтэр этэ. Олортон олоххо суолталаахтары ылан чорботор буоллахха: бу өрөспүүбүлүкэ экономиката оннун буларыгар харчынан улахан сууданы биэриини ситиһии – 800-тэн тахса тыһыынча солкуобай, өрөспүүбүлүкэ промышленнай сирдэрин түргэнник баһылааһыҥҥа Дьокуускайга Горнай управлениены арыйыыны туруорсуу уо.д.а. Исидор Никифорович бэйэтин үлэтинэн сыаналаатахха тыа хаһаайыстыбатын холкуостааһыныгар буолбакка, кэпэрэтиип диэки өйдөөх-санаалаах этэ. “Саҥа экономическай политика” (НЭП) быстах миэрэ быһыытынан кылгас кэмҥэ ыытыллыбыта, дойду оччолорго бэйэтин экономикатын син бөҕөргөппүтэ, онон федеральнай киин сэлиэнньэлэри бэйэтин бас билиитигэр ылан, кэлэктиибинэй хаһаайыстыбаларга судаарыстыбаннай систиэмэни тэрийэн холкуостары тэрийэн барбыта. Холкуостарга материальнай баазаларыгар сэлиэнньэ кыахтаах дьонуттан баайдарын былдьаан үллэрбиттэрэ, кулаактар үксүлэрэ репрессияламмыттара.
Холкуос салайааччыларынан оччолорго ырааҕы соччо көрбөт, ыраҥалаабат, үөһэттэн бирикээһинэн эрэ сылдьар дьон буолаллара. Сэлиэнньэлэри судаарыстыбаннай халааһын саҕаламмыта, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын былаанын толорорго диэн сыананы үүнэ-тэһиинэ суох ыараппыттара (манна тыйыс айылҕалаах хоту дойдубут да тымныыта учуоттамматаҕа), ол түмүгэр тыа сирин олохтоохторугар отутус сыллар бүтүүлэригэр дьадайыы, хоргуйуу саҕаламмыта, бу Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бастакы сылларыгар тиийэ салҕаммыта.
Маны Исидор Никифорович барытын олус ыараханнык, чугастык ылыммыта. 20-с сылларга өрөспүүбүлүкэни салайарыгар кини уонна соратниктарын көмөтүнэн Саха сирин нэһилиэнньэтигэр ынах сүөһү киһи дууһатыгар таһаардахха ахсаанынан өссө өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи таһымы кыратык куоһарбыта (ынах сүөһү ахсаана 1917 с. – 487.500, 1928 с. – 494.300). Оттон ынах сүөһү оччолорго саха норуотугар баайдык, кыахтаахтык олоруу туоһута этэ.
Репрессия
1938 сыллаахха Исидор Никифорович Москваҕа сымыйа буруйдааһынынан тутуллан ытыллыбыта. Кини оччолорго Киин толорор кэмитиэккэ үлэлиирэ (онно кинини уонна кини Саха АССР тэрийбит соратниктарын тутан эмиэ репрессиялаабыттара, арааһа, үчүгэйдик кэтээн көрөөрү буолуо, кылаабынайа Саха сиригэр суох буолуохтаахтар диэн). 1956 сыллаахха реабилитацияламмыта.
Виктор Борисов, олунньу 12 күнэ, 2021 с.