13.12.2021 | 13:00

Саха балаҕана сандаарда, саламаат сытынан туолла

Саха балаҕана сандаарда, саламаат сытынан туолла
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Саха сирин амтана» бэстибээл сыл аайы ис хоһооно байар. Үгэскэ кубулуйбут үтүө тэрээһин хас да сиринэн ыытыллар, ыраахтан-чугастан ыалдьыттары түмэр, дьону-сэргэни сомоҕолуур.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Емельян Ярославскай аатынан Саха музейын балаҕаныгар ыалдьыттаатыбыт. Былыргы уонна билиҥҥи кэми ситимниир ас култууратын тула көрсүһүү алгыстан, аал уот иччитин аһатыы сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Арчыламмыт, ыраастаммыт дьон сирэйдиин-харахтыын, санаалыын сырдаатыбыт. Манна кинигэ, иһит-хомуос, булт тэрилин быыстапката тэрилиннэ, кэрэхсэбиллээх кэпсэтии түһүлгэтэ түстэннэ. Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун “Долун” фольклорнай кэлэктиибэ тэрээһини чыыбы-чаабы чабырҕаҕынан киэргэттэ.

 

Асчыт билэрин кэпсиэхтээх

Бу күн “Саха балаҕана” энтографическай киин шеф-повара Евдокия Эверстова саламааты астыыр кистэлэҥнэрин арыйда. Кини мустубут ыалдьыттарга саламаат ордук киэҥник тарҕаммыт көрүҥүн астаан көрдөрдө. Балаҕан иһэ минньигэс сытынан туолла.

– Сахалар саламааты үксүн дьиэ малааһыныгар, оҕо төрөөтөҕүнэ астыыбыт. Ийэ үүтэ киирэригэр олус туһалаах. Аныгы үйэҕэ саламаат көрүҥэ элбээтэ. Мин ыһыахха ыытыллар куонкуруска элбээбитэ 20-тэн тахса көрүҥү астаабытым. Эттээх, балыктаах, тыллаах оҥоруохха, отон арааһын кутуохха сөп, – диэн кэпсээтэ.

Евдокия Семеновна этэринэн, сахалар “Айыыһыт” саламааты ордук сөбүлээн сииллэр.

“Мин саламааты сахалар бэйэлэрэ таптайан оҥорбут арыыларынан астыыбын. Бастаан күүстээх уокка уулларабын, венчигинэн булкуйабын. Хаһан да бачча грамм диэбэппин, хараҕым көрүүтүнэн астыыбын. Үүт, бурдук кутабын, кыратык туустуубун. Бурдугу кыра-кыра кутар ордук. Маныаха түргэнник туттуохха наада, бытааннык булкуйдаххына, хомуоктанан хаалар”, – диэн сүбэлээтэ. 

“Саха балаҕанын” мааны астаах хаһаайката этэринэн, атын дойдуларга саламаакка майгынныыр соус араас көрүҥэ баар. Холобур, французтарга “Бешамель”. Ол эрээри кинилэр киэннэрэ тууһа-тумата элбэх. Биһиги саламааппыт натуральнай. 

Евдокия Семеновна уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтигэр үлэлээбитэ 42 сыл буолбут. Онон билэрэ-көрөрө, кэпсээнэ-ипсээнэ үгүс:

– Саха дьахтара барыта алаадьыны астыыр. Ол эрээри алаадьы киһи настарыанньатын, кини тугу саныырын кытта таайар курдук. Бэл диэтэр, кимиэхэ астыыргын кытта билэр. Үнүрүүн Саха театрын үлэһиттэрэ ыалдьыттаан барбыттара. Алаадьы сакаастаабыттара. Ырыа-тойук аргыстаах олорон астаабытым, алаадьым барыта киһи “сирэйэ” буолбута. Үөрбүт “сирэй”, көрбүт-истибит “харах”. Биирдэ биир дьахтарга астыы олорон көрбүтүм, “сүрэх” бөҕө тахсыбыта. Киниэхэ бэйэтигэр: “Сотору кэминэн олоххор үчүгэй уларыйыы буолууһу”, – диэн түстээбитим.

Саламаат эмиэ оннук. Асчыт доруобуйатын, санаатын, ону таһынан үлэспит киһи туһунан элбэҕи этиэн сөп.

Евдокия Семеновна саламаакка оргуйбут ууну эбэр эбит. Итиэннэ бэйэтэ этэринии, “кэмэ кэллэҕинэ” туустуур. Ууну кытта тэҥҥэ кутар ордук диэн бэлиэтээтэ. “Хаһаайка саламаат төһө хойуу эбэтэр убаҕас буоларын бэйэтэ билэр, илиитинэн булкуйан көрөн быһаарар”, – диэтэ.

Ааттаах асчыт киһи билэрин-көрөрүн кэпсиэхтээх, кистэлэҥин арыйыахтаах диэн санаалаах.

– Сорох дьон “Ырысыабынан астыыбыт да, табыллыбата. Тоҕо оннугуй?” – диэн үгүстүк ыйыталлар. Чуолаан саха лэппиэскэтэ мээнэ сатаммат. Кыратык эмэ кыыһыра, хомойо сылдьар буоллаххына эбэтэр төбөҥ ыалдьарын барытын билэр.

Мин бэрэски тиэстэтин охсо туран ырыа-тойук бөҕө буолабын. Кыра оҕо эмэһэтин таптайар курдук, аргыый мэһийэбин уонна көрдөһөн ботугуруубун. Оччоҕуна тиэстэм бытыгырыы-бытыгырыы тахсар. Ол иһин туох баар санааҕын ууран туран астыахтааххын.

 

Евдокия Эверстова тэттик сүбэлэрэ:

Үүтүҥ төһөнөн сыалаах да, саламаатыҥ соччонон минньигэс буолуо.

Чугуун иһиккэ буспут саламаат ордук минньигэс.

Арыыта аллан таҕыстаҕына, ол аата үтүөнү түстүүр, үчүгэй бэлиэ.

 

Ас ураты амтаннанар

“Көмүлүөк” хампаанньа туой иһиттэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ сүрэхтээтэ. Дириэктэр Ольга Григорьева бу иннинэ үс оҕону Узбекистаҥҥа ыытан үөрэппиттэрин кэпсээтэ. Ону таһынан быйыл саас Арассыыйа биллэр-көстөр маастардарын ыҥыран, 50 киһини уһуйбуттар.

– Гончарнай устуудьуйабытыгар түөрт кыыс уонна икки эр киһи үлэлиир. Маныаха сүрүн сыалбыт-сорукпут – историческай иһиппитин сөргүтүү. Биир бэйэм университекка ылбыт билиибин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕата сылдьарбыттан дьоллоохпун, – диэтэ кини.

Ольга Григорьевна “молочение” диэн ньыманы туһаналларын кэпсээтэ.  Кини тэҥнээн көрөргө диэн муфельнай оһоххо буспатах иһити аҕалбыт.

“Билигин сүүрбэччэ улууска туойу хостууллар. Сорох улуус туойа маҥан, сорох киэнэ оруосабайдыҥы эбэтэр кыһыл буолар. Маны таһынан, хоҥор өҥнөөх эмиэ баар”, – диэн кэпсээтэ Ольга Григорьевна.

Хампаанньа худуоһунньуктара историяны үөрэтэллэр, библиотекаларга үгүстүк сылдьаллар. Үлэһиттэр араас ньыманы туһанан, эксперименнээн көрөллөр.

Ольга Григорьевна Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулары көрдөрөр үс хаттыгастаах чороон туһунан үгүһү кэпсээтэ. Кэриэн ымыйаны чорооннооҕор даҕаны күндү диэн сыаналаата. Кини Эллэй эһэбит эрдэхтэн, Тыгын Дархан саҕаттан күн хаамыытынан кымыһы кэритэн иһэрдэр иһиппит дьоҥҥо или-эйэни түстээбитэ диэн быһаарда. Сомоҕолоһуу иһитэ буоларын эттэ.

– Биһиги музейга эбэтэр серваҥҥа турар иһити оҥорбоппут. Саха дьоно күннээҕи олохторугар тутуннуннар диэн санаалаахпыт. Холобур, кэриэн ымыйабытын арыый кыччатан, ол эрээри оһуорун-ойуутун тутуһан оҥоробут. Биһиги билиибитин оҕолорбутугар иҥэрэргэ дьулуһабыт. Сэбиэскэй кэмҥэ сахалыы иһити музейга эрэ көрөр эбит буоллахпытына, билиҥҥи оҕо чороону, көмүлүөгү, кытыйаны сүрдээҕин билэр. Хас биирдии ыалга сахалыы иһит элбээтэ. Фарфор буоллун, мас да буоллун.

Туой иһиккэ ас амтана ордук минньигэс. Ол оҕо сааспытын санатар. Кыра сылдьан кыргыттар бадарааны булкуйан, “бэрэски”, “алаадьы” буһаран оонньуурбут. Ону кыратык эмти тутан амсайарбыт. Аны туран, хат дьахтар битэмиинэ тиийбэт буолан, оһоҕу хаһан туой сиирэ баар. Биһиги иһиппититтэн ол амтан кэлэр.

Ольга Григорьева этэринэн, туой геннэй информацияны илдьэ сылдьар. “Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит тэпсибит сирдэрэ дьапталҕаланан, туойга кубулуйан, хас да үйэ тухары тугу-тугу көрбөтөҕө баарай?”– диэн санаатын үллэһиннэ.

Ону таһынан от уматар иһити дьон-сэргэ сэргиирин, дьиэни ыраастыырга туһанарын эттэ. “Далбары” диэн саҥа иһиттэрин билиһиннэрдэ, онно буспут ас амтана ураты буоларын кэпсээтэ.

 

Кучу сирбитин эмтиир

Тэрээһиҥҥэ Кучу Туйаара саха чэйин туһунан кэпсээнин кэрэхсээбит киһи элбэх буолан биэрдэ. Кини балаҕаҥҥа мустубут ыалдьыттары минньигэс чэйинэн күндүлээтэ уонна: “Кучу оту Үрдүкү Айыылар анаан үүннэрбиттэр. Кини алдьаммыт-кээһэммит сири оһорор, эмтиир. Баһаар кэнниттэн бастакынан үүнэн тахсар. Ол аата биһиги сирбит кучу көмөтүнэн эмтэнэр”, – диэн санаатын үллэһиннэ. Кучу Туйаара былырыын биһиги хаһыаппытыгар ыалдьыттаабыта. Ол матырыйаалы булан ааҕыаххытын сөп.

М. К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын доцена Капитолина Яковлева сахалар эмтээх үүнээйилэри аска хайдах тутталларын сэһэргээтэ.

Бу күн Саха музейын балаҕаныгар саха аһын-үөлүн, чэйин, иһитин-хомуоһун тула олус туһалаах түһүлгэ буолан ааста

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...