Саха автономиятын бастакы ситиһиилэрэ
Ханнык баҕарар өрөбөлүүссүйэ, промышленнай, өҥнөөх, пролетарскай биитэр буржуазнай да диэн ааттанар буоллун, бастатан туран уларыйыыларга туһуланар, чуолаан ураты, туруору, дьон олоҕун тупсарар уонна судаарыстыбаны бөҕөргөтөр сыаллаах.
(Салгыыта. Иннин “Киин куорат” балаҕан ыйын 30 күнүнээҕи нүөмэригэр көр)
Норуодунай комиссардар Сэбиэттэрин ыйааҕынан 1922 сыл атырдьах ыйыттан өрөспүүбүлүкэ 1-кы кэрдиистээх оскуолаларыгар саха оҕото элбэх буоллаҕына оҕолору сахалыы үөрэтэргэ, оттон 2-с кэрдиистээх оскуолаларга сахалыы саҥарар оҕолорго саха тылын сүрүн предмет быһыытынан киллэрбиттэрэ.
Нэһилиэнньэни сахатытыы былаан быһыытынан ыытыллан испитэ. Бу сыл балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэ былаастара, Саха сирин кииннэммит толорор кэмитиэтэ дьыаланы-куолуну сахалыы тылга көһөрүүгэ дьаһал таһаарбыта. Саха тылын билиигэ эксээмэн тутуутун хамыыһыйалара тэриллибиттэрэ, ол түмүгэр сулууспалаахтар үлэлиир дуоһунастарыгар төһө сөп түбэһэллэригэр аттестация ыыталлара. Саха алпаабытын латиницаҕа олоҕуран бастакы төрүттээбит киһинэн Семен Новгородов ааттанар. Кини төрөөбүт күнэ, олунньу 13 күнэ, билигин саха тылын, сурук-бичик күнүнэн буолар.
***
1924 сыл ахсынньы 22 күнүгэр дьахталлар олохторун тупсарыы куурустара үлэлэрин саҕалаабыттара. Халыым диэни уларыппыттара, дьахталлар үөрэхтэнэллэрин туһугар барыларын эр дьону кытта тэҥҥэ үөрэтэр буолбуттара. Кэрэ аҥаардар былаас уорганнарыгар талыллан барбыттара. 20-с сыллар ортолоруттан, испиктээхтэр репертуардарыгар дьахтар тиэмэтэ таарыллар этэ. “Хомуньуус Вера”, “Улуус дьахтарын олоҕуттан” уо.д.а. пьесалар туруоруллубуттара. Халыымы суох оҥоруохтарыттан саха патриархальнай уопсастыбатын хас да үйэтээҕи үгэһэ кэһиллибитэ. Онон боростуой дьиэ хаһаайкатыттан саха дьахтара сыыйа-баайа кыралаан Саха сирин уопсастыбаннай олоҕун сүүрүгэр тардыһан барбыта. Ол курдук, саха дьахталларыттан биир бастакы салайааччы Софья Сидорова аата киэҥник биллибитэ. 1923 сыллаахха Дьокуускай уокуруктааҕы кэмитиэтигэр дьахтар салаатын инструкторынан саҕалаан баран 1938 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Оттон кини баара-суоҕа баай дьон хамначчыта этэ.
Бассабыыктар култуурунай бэлиитикэлэрэ олоххо киирбитэ. Ол сыалга 20-с сылларга “Саха омук”, “Ыраас олох” диэн уопсастыбаннай тэрилтэлэр тэриллибиттэрэ. Бассабыыктар иитэр-үөрэтэр үлэни ыыталлара, олорор дьиэни, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы туһунан лиэксийэлэри ааҕаллара, илии суунарга туһунан урукумуонньуктары ылыы, хотону балаҕантан араарыы о.д.а.
***
Сэбиэскэй литература төрүттэммитэ, ону Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай саҕалаабыта. Оччолого Эрилик Эристиин, Эллэй, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Күндэ, Кудрин-Абаҕыыныскай, Бэс Дьарааһын курдук саха сэбиэскэй суруйааччыларын уһулуччулаах бөлөхтөрө үүнэн-сайдан барбыта.
Тыйаатыр үлэлээн, сайдан барбыта, саха литературатын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Анемподист Софронов-Алампа өрөспүүбүлүкэҕэ тыйаатыр эйгэтигэр салайааччы буолбута, “Саха Омук” култуурунай-сырдатар уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, “Манчаары” (1921-1922 сс.) сахалыы тылынан тахсар бастакы сэбиэскэй хаһыат эрэдээктэрэ, “Саха Кэскилэ” Саха Научнай Чинчийэр Уопсастыбатын чилиэн-тэрийээччитэ (1925 с.) этэ. Софронов маны таһынан “Чолбон” (1936) бастакы литературнай-художественнай сурунаал тэрийээччитинэн уонна эрэдээктэринэн, Саха тыйаатырын бастакы дириэктэринэн (1926) уонна өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай Киинэтин (1926) дириэктэринэн үлэлээбитэ. Онон бассабыыктар култуурунай өрөбөлүүссүйэлэрэ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ миэрэлэри ыытыы эрэ буолбакка, култуура эйгэтин сайыннарыыга улаханнык үлэлээбитэ.
Манна даҕатан эттэххэ, саха сэбиэскэй автономиятын бастакы сүрүн уларыйыылара Саха сирин нэһилиэнньэтин социальнай-култуурунай сайдыытыгар үтүө өттүнэн дьайбыта. Бу, этиллибитин курдук, Саҥа экономическай бэлиитикэни ыытыы, үөрэхтээһиҥҥэ бастакы хардыылары оҥоруу, нэһилиэнньэ култуурунай-социальнай олоҕун сайдыытыгар саҥа саҕахтары киллэрии этэ.
Ити барыта 1926 сыллаахха, Пепеляевы кытта сэрии, тоҥустар бастаанньалара, конфедералистар хамсааһыннарын кэмигэр ыытыллыбыта. Конфедералистар Сэбиэскэй Саха сирин гражданнара, Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин статуһун РСФСР-га Саха Сэбиэскэй Социалистичекай союзнай өрөспүүбүлүкэтигэр тиийэ үрдэтэр туһунан этии киллэрэ сылдьыбыттара. Кинилэр бэйэлэрэ туһунан тэрилтэлээхтэрэ – “Младоякутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства” диэн, маны дойду салалтата билиммэтэҕэ, өйөөбөтөҕө. Конфедералистар бырачыастыыр аакта ыыппыттара – сэрии сэптээх демонстрация, санныларыгар саа сүгэ сылдьан улуустарынан төттөрү-таары айаннаан бэйэлэрин баартыйаларын бырагырааматын быһаараллара, кэпсииллэрэ. Кыһыл аармыйаны кытта хапсыһыыттан кинилэр куота сатыыллара. Ол да буоллар кинилэри самнарбыттара, актыыбынай өттүлэрин ытыалаабыттара, оттон үгүстэрэ араас болдьоххо хаайыыга угуллубуттара. Конфедералистар хамсааһыннарын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ салайааччылара дуоһунастарыттан уһуллубуттара, ол курдук Максим Аммосовы уонна Исидор Бараховы Москваҕа атын үлэҕэ көһөрбүттэрэ.
***
Саха сирэ автономияны ылбыт бастакы хардыыларын кэннэ салгыы сайдан испитэ, бу түргэн тэтиминэн, чуолаан индустриальнай өттүгэр этэ. Тыа хаһаайыстыбата сайдыбыта, тупсубута, олохтоохтор тимир көлөнөн хааччыллыбыттара, наука уонна култуура сайдыбыта. Алдаҥҥа көмүһү хостооһун бэрээдэктэммитэ уонна “Алданзолото” трест тэрилтэни кытта судаарыстыба бас билиитигэр киирбитэ. Бу бөдөҥ тэрилтэни тэрийиигэ бассабыык Степан Васильев үлэлээбитэ. Килиэп буһарар бэкээринэлэр уонна төрүүр дьиэлэр тутуллубуттара, ол дьахтар аймах олоҕун биллэрдик чэпчэппитэ.
Ити барыта, кэлин, отутус сылларга этэ.
Манна бэлиэтиэҕи баҕарыллар, бассабыыктар реформалара судаарыстыбаны олохтооһуҥҥа барыта эриэ-дэхси буолбатах этэ, ыксал-тиэтэл, сыыһа-халты баара. Холобур, кылаастарынан араарыы, манна баай уонна кыахтаах дьону атын кылаастарынан биллэрбиттэрэ, социальнай уларыйыылары утарсааччылар диэн. Ол курдук, баай төрүттээх-уустаах атыыһыттары уонна бааһынай аймаҕы суох оҥорбуттара, кинилэр, дьиҥэр, нэһилиэнньэҕэ бэйэлэрин кыахтарынан син көмөлөһөллөрө, иэс да биэрэллэрэ, үлэнэн, аһылыгынан хааччыйаллара. Ол быыһыгар сорохторго сыһыан аһара кытаанаҕа, сыылкаҕа да ыыталлара, куоластарын быһаллара, сорохторун олох да байыаннай коммунизм бэрэстэбиитэллэрэ ытан өлөртүүллэрэ.
Бу, манна диэн эттэххэ, судаарыстыба уопсай судаарыстыбаннай бэлиитикэтигэр сыһыаннааҕа, чопчу Саха сэбиэскэй автономиятын хамсааһыннарыгар буолбакка.
Виктор Борисов – Алтан Түһүнэй, кыраайы үөрэтээччи