02.10.2021 | 15:00

Саха автономиятын бастакы ситиһиилэрэ

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар өрөбөлүүссүйэ, промышленнай, өҥнөөх, пролетарскай биитэр буржуазнай да диэн ааттанар буоллун, бастатан туран, уларыйыыларга туһуланар, чуолаан ураты, туруору, дьон олоҕун тупсарар уонна судаарыстыбаны бөҕөргөтөр сыаллаах.

 

Ыраахтааҕы кэмигэр Саха сирэ экономика, оҥорон таһаарыы да өттүнэн олус хаалынньаҥ регион этэ, нэһилиэнньэтэ үксэ үөрэҕэ суоҕа, тордохторго олороллоро, манна ыраастык, чэбэрдик олоруу сэдэхтик көстөрө, доруобуйа харыстабыла, үөрэх эйгэтэ систиэмэтэ суоҕа. Олох ыараханыттан уонна санитарнай турук мөлтөҕүттэн оҕо өлүүтүн көрдөрүүтэ олус үрдүгэ. Нэһилиэнньэ бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарарынан, сүөһү-ас иитэринэн тиийинэн олороро, сири бас билии, нүөлсүтүү, онно тугу эрэ үүннэрии улаханнык сайда илигэ. Саха норуота чуолаан ынах уонна сылгы иитэрэ, бу былыр-былыргыттан, өбүгэлэриттэн кэлбит үгэскэ кубулуйбут дьарыга, хаһаайыстыба тэринэн олорууларын биир көрүҥэ этэ.

***

ХХ үйэ саҕаланыыта эрэ, 1914 сыллаахха Дьокуускайга губернатор Иван Иванович Крафт электростанция туттарбыта, ол маһынан оттуллара, бастакы култуурунай тэрилтэлэр, ону таһынан бибилэтиэкэ, киинэ тыйаатыра, сыылынай Приютов тэрийиитинэн тутуллубута, 1911 сыллаахтан төлөпүөн станцията үлэлээбитэ. 

Улуустарга духуобунай култуурунай кииннэринэн өр кэмҥэ таҥара дьиэлэрэ эрэ турбуттара, манна сулууспалары ыытыыны таһынан өссө приходской оскуолалар үлэлииллэрэ, үөрэх, сайдыы кииннэринэн буолаллара. Таҥара дьиэтэ өссө саҥа төрөөбүт оҕолору учуоттуур (регистрация) социальнай соруктарынан дьарыктанара. Миэтирикэ кинигэлэригэр саҥа төрөөбүт оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин суруйаллара. Үөрэх эйгэтэ, тэрилтэлэрэ XIX үйэ бүтүүтэ, XX үйэ саҕаланыыта эрэ актыыбынайдык саҕаланан, сайдан барбыттара.

Нэһилиэнньэ үгүс араҥата олус дьадаҥытык олороро, араас ыарыыга түргэнник хаптарара, мөлтөхтүк аһыыра, биир тылынан эттэххэ, чуолаан, матырыйаалынай балаһыанньа өттүнэн соччото суоҕа. Ол курдук түһээнин сатаан төлөөбөт да этэ, сорох улуустарга хата меценаттар төлүүллэрэ. Холобур, бэйэтин биир дойдулаахтарыгар түһээннэрин атыыһыт Никифоров-Манньыаттаах уола төлүүрэ. 1907 сыллаахха Саха сирин нэһилиэнньэтэ түһээн төлөбүрүгэр 267 тыһыынча 471 солкуобай иэстээҕэ биллэр.

Ол эрэн ХХ үйэ саҕаланыытыгар Саха сирин нэһилиэнньэтэ атыынан-эргиэнинэн дьарыктанан хапытаала атаҕар туран барбыта. Атыыга барар биир сүрүн табаарынан күндү түүлээх этэ, сылга 2 мөлүйүөн суумаҕа тиийэ эргинэллэрэ. Маны таһынан, билиҥҥи курдук, сэлии муоһун эмиэ батараллара. Саха сирин атыыһыттара Иркутскай уобалас атыыһыттарын кытта хардарыта үлэлэһэллэрэ, онно сүөһүлэрин этин таһаллара, Саха сиригэр табаар Айаан суолунан аҕалыллара. Бу суол көннөрү биир хайысхалаах буолара, Амма улууһунан чуолаан ааһара, манан аты уонна табаны көлө оҥостон обуостарга табаары тиэйэн айанныыллара. Айаан, Нелькан, Охотскай сирэ-уота, Бодойбо эмиэ оччолорго Саха сиригэр киирэрэ, кэлин дойдубут атын регионнарыгар холбоспуттара. Үксүгэр чуолаан бородуукта кэлэрэ, ол курдук чэй, саахар, таҥас-сап, кыраһыын уонна нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйар, наадалаах сүрүн мал-сал аҕалыллара.

Маны таһынан атын айан суоллара эмиэ бааллара, холобура, Ленскэй суол (урут барыта тракт диэн ааттанар), бу улуу Өлүөнэ өрүспүт тоҥмутун кэннэ муус устун сырыы. Суол айанын тухары анал сирдэргэ дьаамсыктар пууннара бааллара, манна дьиҥэр айан дьоно сылайбыт, быстыбыт аттарын уларытыахтаахтара, сынньанан, иттэн, хонон-өрөөн, аһаан барарга диэн этилэрэ. Ол үксүгэр, биллэн турар, суоҕа. Маннык сорох пууннар кэлин сэлиэнньэлэргэ кубулуйбуттара, холобур, Еланка эбэтэр Табаҕа курдук.

***

Саха сирэ Сибиир атын регионнарын курдук политическай уонна холуобунай дьыалаҕа түбэспит сыылынайдар миэстэлэринэн буолара. Биһиги дойдубутун оччолорго эрэһээҥкитэ суох хаайыы диэн ааттыыллара, тоҕо диэтэххэ, сыылынайдары накаастааһын систиэмэтэ мөлтөх буолан буруйдаахтары ыалларга олордоллоро. Поляк чинчийээччитэ Вацлав Серошевскай “Хаайыылаах” диэн  сэһэнигэр холуобунай буруйдаах сыылынайы ыалга олордоллор, онтон ол дьиэ кэргэн олоҕо ыарахан дьылҕаланарын туһунан кэпсэнэр. Бу сэһэнинэн икки уус-уран киинэ уһуллубута, ону көрөн оччотооҕу кэми, туох буолбутун билиэххэ сөп.

***

1917 сыллаахха олунньу ыйга, Петербурга, дойду киин куоратын килиэбинэн хааччыйыы мөлтөөбүтүнэн аймалҕан саҕаламмыта, маассабай демонстрациялар буолуталаабыттара, онтулара өрөбөлүүссүйэҕэ кубулуйбута, ол түмүгэр дойдуга Романовтар династияларын былааһа түмүктэммитэ. Былаас Быстах бырабыыталыстыба илиитигэр бэриллибитэ, ону кытта тэҥинэн оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын Сэбиэтин былааһа баар буолбута. Түмүккэ, оробуочайдар уонна саллааттар өрө тахсыбыттара, онон дойдуга уһун, киэҥ хабааннаах гражданскай сэрии кэнниттэн былаас хаҥас баартыйалар илиилэригэр киирбитэ, онтон социал-демократтар – бассабыыктар былааһы ылбыттара.

Саха сиригэр бассабыыктар былааска бүтэһиктээхтик 1919 сыллаахха ахсынньы ыйга кэлбиттэрэ. Бассабыыктар баартыйалара дойдуга норуот бэйэтин салайынарыгар көҥүл биэрбитэ, ол иһигэр саха норуотугар автономия ылынарыгар. Маныаха бу боппуруоһунан дьарыктанар тэрилтэ тэриллибитэ – омуктар дьыалаларыгар Норуодунай комиссариат. Өрөспүүбүлүкэбит тэриллиитинэн саха норуотун бастакы бассабыыктара Максим Аммосов, Степан Аржаков уо.д.а. дьарыктаммыттара. Онон, 1922 сыллаахха, Саха сиригэр гражданскай сэрии усулуобуйатыгар Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр бэйэ салайыныытын көҥүллээһин уонна бастаанньаһыттары амнистиялааһын, эбиитин Кыһыл Аармыйа Саха сирин сиригэр-уотугар сэриигэ кыайыылара, Сэбиэскэй былааһы утары бастаанньалары аччаппыттара. Бу 20-с сылларга өрөспүүбүлүкэ былаастарыгар бассабыыктар баартыйаларын концепциятын кытары сибээстээх социальнай уларыйыылары киллэрэргэ төһүү буолбута, ол түмүгэ кэнники уон сылга, о.э. 30-с сылларга биллэ көстүбүтэ.

Бастатан туран, үгүстэри долгутар сир боппуруоһа быһаарыллыбыта, бу, биллэн турар, сиргэ ордук наадыйааччыларга үөрүүлээх сонун этэ. Бу боппуруос баай төрдүлээх-уустаах дьонтон сирдэрин туура тутан былдьаан баран дьадаҥы, сирэ-уота суох дьоҥҥо түҥэтиллэринэн быһаарыллыбыта. 20-с сылларга судаарыстыбаҕа Саҥа экономическай бэлиитикэ ыытыллыбыта, манна эргиэнинэн (коммерция) дьарыктанар дьон хайҕанара, өйөнөрө, кинилэргэ сууда бэриллэрэ, бу боппуруоһунан сир оҥоруутун (земледелие) бастакы наркома Семен Николаевич Донской 1-й дьарыктаммыта. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кэмнэргэ экономическай бэлиитикэ саха дьонун олохторун уйгутун хаҥаппыта, ол курдук, холобур, 1939 сыллаахха Саха сирин соҕуруу өттүгэр 1216 дьиэ кэргэн баара, 30 уонна онтон элбэх ынах сүөһүлээх хаһаайыстыбалар элбээбиттэрэ. Биир хаһаайыстыба орто дохуота оччолорго кыһыл көмүһүнэн икки сүүс солкуобайга тэҥнэһэрэ.  Тыа хаһаайыстыбатын нолуога биллэ аччаабыта. Оттон хоту уокурук олохтоохторо бу нолуоктан олоччу босхоломмуттара.

 

Виктор Борисов-Алтан Түһүнэй, кыраайы үөрэтээччи

(салгыыта бэчээттэниэ)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...