27.04.2021 | 08:40

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла: 365 хонук хаалла!

Бэҕэһээ, муус устар 26 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах эмблема сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу эппиэтинэстээх үлэҕэ ааттаах-суоллаах экспертэр кыттыбыттарын кэпсээтилэр. Тутаах дизайнерынан Ростислав Павловы ааттаатылар.

Үбүлүөй эмблемаларынан үс сүрүн бэлиэ буолла. Биир өттүгэр дьол-соргу, үтүө турук бэлиэтэ – сэргэ ойууламмыт. Ортотугар – Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гиэрбэтэ. Иккис өттүгэр саха үйэлээх халандаара көстөр.  

Киэргэтии истиилигэр өрөспүүбүлүкэ былааҕын, дьүкээбил өҥнөрө, геометрическай формалар уонна судургу пиктограммалар, саха оһуора-мандара туттуллубуттар. Ол курдук, көҕүөр ойуу уостубат уйгуну, быстыбат быйаҥы, үүнүүнү-сайдыыны кэрэһилиир. Сибэкки ойуу хамсааһыны, олоххо күүһү бэлиэтиир. Сүрэх ойуу тапталы уонна өйдөһүүнү туоһулуур.

Бу эмблемэни тэрээһиннэргэ, сувенирнай уонна бэчээт бородууксуйаларыгар, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ туттуохтара.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...