25.02.2022 | 12:00

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт култуура тэрээһиннэрэ

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт култуура тэрээһиннэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ театрдара Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан кулун тутар саҥатыгар премьералары уонна кэнсиэртэри бэлэмнииллэр. Ити туһунан Саха АССР 100 сылыгар анаммыт сайтка этиллэр. 
Сайт информациятынан, кулун тутар 1 күнүттэн опера уонна балет Театрыгар «Якутия. Классика. Современность» диэн улахан кэнсиэр бырагыраамата саҕаланар. Кулун тутар 3 күнүгэр Олоҥхо Театрыгар «Уоттаах болот оонньуурдаах Улуу Даарын бухатыыр» премьерата буолар. 
Кулун тутар 4 күнүгэр А.С. Пушкин аатынан Нуучча театрыгар Япония драматурга Коки Митани пьесатынан «Академия смеха» туруоруу, онтон кулун тутар 11 күнүгэр Бунин, О. Генри уонна Куприн айымньыларынан «Весна души» испэктээк-кэнсиэр премьералара буолуоҕа. 
Кулун тутар 12 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» романынан испэктээк премьерата буолара күүтүллэр (туруорааччы Сергей Потапов). 
Каассаларга билиэттэри атыылааһын саҕаланна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...