Сааскы Ньукуолун — күөххэ үктэнии өрөгөйө
Ыам ыйын 22 күнэ – сааскы Ньукуолун. Кыһыҥҥы Ньукуолун ахсынньы 19 күнүгэр бэлиэтэнэр (День святого Николая Чудотворца) Таҥара дьиэтин бырааһынньыга.
Саха дьонугар былыр-былыргыттан сааскы Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх. Бу күн уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Мөккүөрдээх соҕус да буоллар, бу күнү сорохтор өссө саха Саҥа дьылынан ааттыыллар.
Ол иһин да буолуо, биһиги өбүгэлэрбит Ньукуолун күн айылҕаҕа тахсан сири-дойдуну аһатан, Айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ, кырыа кыһын кэнниттэн налыччы, астына-дуоһуйа айылҕалыын алтыһаллара.
Ньукуолун иннинэ күн хайа сатанарынан суунан-тараанан, киртэн-хохтон ыраастанан, саҥа эбэтэр ыраас таҥаһы кэтэр үгэс баар. Ити – туох баар кири, хара дьайы киэр кыйдаан, тэйитэн баран, саҥа дьылга, саҥа олоххо саҥалыы үктэнэбит диэн ис хоһоонноох. Ытыктанар сиэртэн-туомтан биирдэстэрэ – салама ыйааһына. Салама айыыларга тахсар далаһа, кинилэр бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх. Итэҕэл быһыытынан, бу күн үрдүк Айыылартан Иэйиэхсит Хотун сиргэ түһэр. Ол иһин өбүгэлэрбит айылҕаҕа тахсан, сир-дойду иччитин Аан Алахчын Хотуну алҕаан, ытыктаан, хатыҥ маска салама ыйыыллар. Үгэс быһыытынан, сайылыкка көһөн тиийэн баран, саламаны халдьаайыга тахсан хатыҥ маска баайаллар. Салама икки көрүҥнээх: салама уонна дэлбиргэ. Дэлбиргэ булка ананан оҥоһуллар. Дьахталлар сылгы сиэлинэн эриэн ситии хаталлар. Уһуна 10-12, 17 миэтэрэ буолуон сөп. Туостан ынах, ат, ыаҕайа томторук оҥороллор. Ону таһынан саламаҕа маҥан сиэл кыбытыллыахтаах уонна айылҕа өҥнөөх таҥас кырадаһынын, тэҥ гына тутан баайыллыахтаах. Саламаҕа хара өҥ киирбэт. Былыр салама ыйаммыт сирэ «ытык сир» дэнэр эбит. Ону мээнэ тыытыа, алдьатыа, үрэйиэ суохтааххын. Тоҕо диэтэххэ, салама дьону харыстыыр, көмүскүүр аналлаах уонна киһиэхэ саҥа тыыны биэрэр. Бу саха киһитэ төрөөбүт айылҕатын кытта ситимэ.
«Бичик» кинигэ кыһатыгар 2015 сыллаахха тахсыбыт «Айылҕа кистэлэҥэ» кинигэ ааптара, суруналыыс, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Дмитрий Дмитриевич Собакин «Ньукуолун» кэпсээнигэр айылҕа биир саамай кэрэ кэмин олус үчүгэйдик дьүһүйбүтэ киһи хараҕар субу баардыы көстөргө дылы.
«Сааскы Ньукуолун сахаларга улахан бырааһынньык – сырдык дууһа, айыы санаа, илгэлээх олох бэлиэтэ. Сайыҥҥы күннэр саҕалананнар, көтөр кынаттаах бииһин-ууһа кэлэн, киҥкиниир халлааҥҥа көрүлүү туойаллар. Күн киириитэ ип-ичигэс ардах түһэн, от-мас хамсыы-хамсыы тылларга дылы. Бэҕэһээ харааран көстөр тыа бүгүн хойдон, хайдах эрэ көҕөрүмтүйэн көстөр буолла. Сыһыы-толоон сымнаан, хаас аһылыга күөх от биир тэҥник үүнэр чинчилэммит. Нап-нарын, ып-ыраас сэбэрэлээх саха эдэркээн кыргыттарын санатан, ньургуһуннар хойуу дьөрбөлөрө күөгэйэ нусхайаллар. Уулаах ыас хара былыттар өрөһөлөнөн тахсаннар, дохсун ардах омуннаахтык түһэн баран, арыый сэллээн, сыыйа тохтоон хаалла. Быһытталаммыт былыттар быыстарыттан күн күндээриччи күлбүтүнэн, ардахтан суунан, көҕөрө чэлгийбит сири эбии сып-сылааһынан угуттаабытынан барда. Ааһан эрэр былыты кыһарыйа, кустук араас өҥүнэн иилии иэҕиллэн турбахтыы түстэ».
Саха дьоно былыр-былыргыттан уһун кыһыны быһа кэҕэ этэрин ахтар-саныыр, кэтэһэр идэлээх. Оҕо сырыттахха дьоммут Ньукуолуҥҥа кэҕэ этэрин истэн, «Оо, бүгүн кэҕэ этэрин иһиттим ээ, үчүгэйиэн» диэн үөрүү-көтүү буолалларын саныыбын. Ол саҕана кэҕэ биир дьикти кэмэлдьилээҕин туһунан биһиги, оҕолор, билээхтээбэт этибит. Ол туһунан Дмитрий Собакин эмиэ наһаа үчүгэйдик суруйбут.
«Кэҕэ барахсан самаан сайын салаллан эрэрин уруйдуурдуу кэлэҕэйдээбэккэ чоргуйар, иккис тэбис-тэҥҥэ түһэрсэр. Сааскы күҥҥэ сыламнаан, иэннэрэ ирэн, айаннаан кэлбит сылаалара тахсан, сылаас хааннара тыгыалыы оонньоотоҕо. Ол эрээри төһө да хайҕаан сурукка-бичиккэ киллэрдэрбит, кэҕэ көтөр бииһин ууһугар баттыгастаах чыычаах буоларын үөрэхтээхтэр кэтээн көрөн маннык быһаарбыттар. Кэҕэ тумсугар от-мас ытыран көтөн иһэн, уйа туттар дьоҕура суох буолан ыһыктан кэбиһэр эбит. Үрдүк маска олорон чыычаахтар ханна уйа туттан сымыыттыылларын, уларыйа сылдьан, хас эмэ күнү быһа кэтээн көрөр. Ийэ чыычаах тахсан кыратык да дьалты буоллар эрэ, тиийэн сымыытын түһэрэ охсор, ол кэмигэр атыыра алларааттан быыстала суох кукууктуур. Ити курдук тыһыта атын-атын чыычаахтар уйаларыгар 15-кэ тиийэ сымыыттыыр. Ол барыта тэстэн оҕо буолбаттар эбит. Чыычаахтар хаһыа да буолан кэлэннэр үүрэ сатыыллар. Сорохтор кэҕэ сымыытын уйаларыттан быраҕаллар, эбэтэр хаалларан баран сымыыттарын атын сиргэ көһөрөллөр. Кэҕэ оҕото 11-12 хонугунан тахсаат, чыычаах сымыыттарын уйа таһыгар түһэртиир, ийэ чыычаах аһас, улахан баҕайы оҕону күннэри-түүннэри ас таһан аһатар, биэбэйдиир. 20-чэ хонугунан ситэн-хотон, кэҕэлэрдиин үөрдүһэр. Хор, ити курдук хамсыыр харамайы Айыы Тойон таҥара араастаан айар.
Сахабыт сиригэр сайын барахсан салаллан кэлбитин аҕыйах хонукка киһи үөрэ истэр дорҕоонунан уруйдуур күүтүүлээх кэҕэ кыылбыт киһи сөҕөр солоҕой олохтооҕо дьэ дьикти», - диир Дмитрий Дмитриевич.
2019 сылтан, ыам ыйын 22 күнүгэр, Ньукуолун уонна Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. 2018 сыл сэтинньи ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтиир туһунан уураах таһаарбыта. Ньукуолунтан саха халандаарынан сайыҥҥы күн ааҕыллан барар. Саха дьоно уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр Ньукуолун күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһаталлар, Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр, ыраастаналлар уонна сайылыкка көһөллөр.
Ньукуолун күн алгыстаах алаадьы астаан сыт таһааран, сатанар буоллаҕына, сир-дойду иччитин күндүлүүр үчүгэй. Бу күн кус миинэ, собо, сахалыы аһылык астанар үгэс билиҥҥэ диэри баар. Күүтүүлээх, үөрүүлээх бырааһынньыкпытыгар сахалыы аһылыкта астаныаҕыҥ.
Сахалыы алаадьы
2 ыстакаан үүт;
1 ыстакаан уу;
2 сымыыт;
1 чайнай ньуоска туус;
2 остолобуой ньуоска саахар;
бурдук.
Састааппытын барытын холбоон баран бурдукпутун эбэбит, үчүгэйдик ытыйабыт, тиэстэбит сүөгэй курдук хойуу буолуохтаах. Хобордооххо үүнээйи арыытын кутан ититэн баран орто хомуоһунан тиэстэбитин кутаттыыбыт. Эргитэ сылдьан саһарчы буһарабыт.
Лэппиэскэ
200 мл аһыйбыт үүт (сибиэһэйи эмиэ туттуохха сөп);
100 мл уу;
1 чайнай ньуоска сода;
2 ыстакаан үрүҥ бурдук;
1 ыстакаан хара бурдук;
туус (ким төһөнү сөбүлүүрүнэн).
Миискэҕэ убаҕаспытын уонна содабытын, тууспутун кутабыт. Бурдукпутун эбэн тиэстэбитин кытаанах буолуор диэри мэһийэбит. Онтон пленканан сабан, тиэстэбитин үллэ түһэрин курдук, 20-30 мүнүүтэ сытыарабыт.
Ити кэнниттэн 4 өлүүгэ араарабыт, хас биирдиитин төгүрүк пуормалаан тэнитэбит, халыҥын 1,5 см гынабыт. Үрдүлэрин үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн сотобут, биилкэнэн тэһитэ кэйэбит уонна 190 кыраадыс итийбит духуопкаҕа уган буһарабыт. Ортотунан 20-25 мүнүүтэнэн бэлэм буолаллар.
Буспут лэппиэскэлэрбитин хостуубут, итиитигэр ынах арыытынан сотор үчүгэй.
Быырпах
Быырпахпытын 3 л оҥоруоҕуҥ, онтон элбэҕи оҥоруон баҕалаахтар састаабын элбэтэҕит.
1 бааҥка сгущенка;
1 литр кефир (суорат);
1 ыстакаан саахар;
итии уу.
3 л иһиккэ састааппытын кутабыт, онтон аҥаарыгар диэри итии ууну кутабыт, хабахтар тахсыахтарыгар диэри күүскэ ытыйабыт. Хаалбыт уубутун толору кутабыт. Хаппахтаан баран сылаас сиргэ икки хонукка туруорабыт, онтон хаппаҕын арыйан эмиэ дэлби ытыйабыт уонна өссө биир күн туруорабыт. Көөнньүбэтэх буоллаҕына, өссө биир хонноробут. Ол кэнниттэн сэрэнэн булкуйабыт уонна бытыылкаларга кутаттаан холодильникка туруорабыт.
Собо миинэ
500 г собо;
2 л уу;
2 остолобуой ньуоска үүт;
туус, тума ким төһө сөбүлүүрүнэн.
Балыкпытын хатырыктыыбыт, сууйабыт, үөһүн, оһоҕоһун хостуубут.
Мииммит оргуйбутун кэннэ мөлтөх уокка чаас курдук буһарабыт. Буһарын чугаһыгар тууспутун-тумабытын, үүппүтүн кутабыт. Буспутун кэннэ миинигэр күөх луугу кутуохха сөп.
Барыгытын кэлэн иһэр Ньукуолун күнүнэн! Бар дьоммут, чөл туруктаах, иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!