Сааскы үлэ оргуйар
Дьокуускайга сааскы халааны сэрэтии үлэтэ саҕаланна – “Якутдорстрой” Рыдзинскай – Пекарскай, Тимирязев – Л.Чайкина уулуссаларга ууну аһардар турбалары тимирдии үлэтин ыытар. Маны таһынан Ильменскэй, Парковай уулуссалартан хаары тиэйии, лотуоктары ыраастааһын бара турар.
Кулун тутар 9 күнүнээҕи туругунан, “Якутдорстрой” араас кыамталаах тиэхиньикэтэ уонна үлэһиттэрэ Ойуунускай, П.Алексеев, Можайскай, Уустаах Избеков, Мерзлотнай уулуссаларга, “Эллэй Боотур” спорт дыбарыаһын таһыттан, Лермонтов, П.Алексеев, Боотурускай уулуссалар тротуардарыттан хаары тиэйдилэр.
Үлэҕэ 3 “Бобкэт” мини-погрузчик, фронтальнай погрузчик, “ТКМ 237-02” погрузчик, “Беларусь” тыраахтар, 15 КАМАЗ массыына, 11 суол үлэһитэ таҕыстылар.
Хаары ыраастааһын уонна тиэйии “Туймаада саллаата” мемориальнай комплекска, Киров–Аржаков уулуссаларыгар “Силуэт” атыы-эргиэн кииниттэн саҕалаан, Лермонтов уулуссатыгар диэри ыытыллар.
Куорат уулуссаларыгар халтарааны утары үрэх кумаҕа кутуллар, онно 8 КО-806 ПМ массыына сүүрэр.
“Якутдорстрой” бөх ууруналарын ыраастыыр – икки КАМАЗ, 4 үлэһит сылдьаллар.
Оптуобус тохтобулларын ыраастааһыҥҥа 2 КАМАЗ, 2 оробуочай үлэлииллэр.