Сааскы кус абылаҥа
Халлааммыт сылыйан, сааспыт кэлэн, эр дьон кустуу, балыктыы барыталаан эрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус устар 25 күнүттэн иитиэх кустаах (подсадной) булт көҥүлэ саҕаланна. Кус болдьоҕо улуустарынан атын-атын көҥүллээх, ол иһин булчуттарга анаан СӨ Экология министиэристибэтэ бигэргэппит болдьоҕун таһаарабыт.
Иитиэх кустаах (подсадной) булт болдьоҕо
Атыыр иитиэх куһунан бултааһын муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри көҥүллэнэр. Маныаха биир куһунан иккиттэн элбэҕэ суох булчут бултуохтаах диэн ирдэбил баар.
Анды болдьоҕо
Андыны бултааһыны быйыл эмиэ көҥүллээтилэр. Болдьоҕо (көннөрү уонна хохуора) бэс ыйын 1 – 4 күннэригэр.
Булчут барыта быраабыланы тутуһуохтаах!
Төһө даҕаны норуокка күлэ-оонньуу кэриэтэ “сааскы булт ыһыахха диэри салҕанар” диэтэллэр, хас биирдии булчут сиэри-туому тутуһан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, суобастаахтык бултуура – сокуон эрэ ирдэбилэ буолбатах, өбүгэ суоруллубат үгэһэ.
Бултааһын ирдэбиллэрэ:
1. Нуорма быһыытынан биир булчут сааскы болдьоххо 30 атыыр кустан, 7 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах.
2. Булт көҥүлүн (разрешениетын) кэннигэр баар туоһутун булгуччу толоро, төһө куһу бултаабытын суруйа сылдьыахтаах. Өскөтүн толорбот түгэнигэр, миэрэҕэ уонна ыстараапка тардыллар.
3. Сотуллубат быраабыла быһыытынан куруук атыыр эрэ куһу ытыллар.
4. Ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн ойуур баһаардара саҕаламмытынан барар үгэстээхтэр. Ити кэмҥэ булчут киһи тыаҕа, ойуурга, арыыга уонна өрүскэ сылдьарынан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык, бэйэ бодотун тардынан сылдьара ирдэнэр.
Сиэрдээхтик бултуубут дуу, булчуттары «өйдүөххэ» наада дуу?
Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимнэринэн айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ уонна «күөстэрин эрдэ өрүммүт» булчуттар өйдөспөтөх быһылааннара тарҕанна. Бу быһылаан Нам улууһугар кус көҥүлэ саҕаланыан биир күн иннинэ бултуур сирдэригэр кэлбит эр дьоннор икки ардыларыгар таҕыста.
Аныгы олох сиэринэн булчуттар барытын хаартыскаҕа түһэрэн, сонно тута видеоҕа устан, өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕаттылар. Ити күн оруобуна Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан, быһылаан тула санаатын үллэһиннэ.
— Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр муус устар 25 күнүттэн, иитиэх куһунан бултааһын саҕаланна. Мин бары эр дьоҥҥо ситиһиилээх булду баҕарабын. Ол гынан баран хобдох быһылаан тахсыбыт. Мин Экология министиэристибэтиттэн, быраабыланы кэһии баар буоллаҕына, сэмэҕэ тардарга, ол эрээри сезон саҕаланыаҕыттан дьону сордооботторугар көрдөстүм... Дьон бултуур сиригэр эрдэ кэлбитин, биһиги Сахабыт сирин уратытынан, өйдүөхтээхпит. Бултуур сиргэ диэри өссө айаннаан тиийиэххэ наада. Сорох түгэҥҥэ дьон күөл кытылыгар аҕыйах күн олороору, бултаары, айылҕалыын алтыһаары, суукканы суукканан айаннаан тиийэр, – диэн Айсен Николаев бэйэтин санаатын эпиир кэмигэр эттэ.
Ол курдук, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ кус көҥүлэ саҕаланыан биир күн иннинэ бултуур сирдэригэр кэлбит эр дьон сааларын былдьаатылар. Тоҕо диэтэххэ бултуур сиргэ болдьох иннинэ тиийии син биир бултаабыкка тэҥнээх эбит.
Дьон санаата манна хайдаҕый?
Ити тарҕаммыт видео кэннэ дьон санаата арахсар. Бу матырыйаалы суруйаары, хас да социальнай бөлөххө киирэн, дьон санаатын билсибиппин «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар сырдатабын.
Светлан Федоров:
— Иниспиэктэрдэр үлэлэрин толороллор буоллаҕа дии. Видеоттан көрдөххө, сахалар да буолбуттарын иһин, докумуона, хаһаайына суох “нарезной” буулдьа саа илдьэ кэлбиттэр. Бу манныктара холуобунай дьыала буоллаҕа. Ол “сахаларабыт” диэн баран нүдьү-балай, бас-баттах ыыталаан кээстэхтэринэ, оччоҕо ким үлэлиир? Ис-иһигэр дьыала хайдаҕын билбэппин эрээри, ити дьон буруйдара диэн – “нарезной” саа буоллаҕа, ол иһин былдьаатахтара дии.
Егор Иванов:
— Сололоох дьон аатыран бары да үрдүктүк туттуу, киэбирии бөҕөлөрө. Хайыахпытый, “тот дьон” онтон атыны сатыахтара дуо? Атын омуктары көрдөххө, тоҕо эрэ бэйэлэрин норуоттарын дьонун тыыппаттар ээ, биһиэнэ буолан баран барыта таҥнары.
Иннокентий Пестряков:
— Видеоҕа устааччы атыны этэр, иниспиэктэр киһи «атын киһи саатын ылбыккыт” диир, иннэ-кэннэ соччо биллибэт. Дьиҥэр, иниспиэктэр үлэтин оҥордоҕо дии, онно киһи баайсара туох баарый?
Виталий Петров:
— Дьаабы быһылаан, дьэ маннык туругунан хайдах “бииргэ” буолаары гынаҕыт? Өбүгэ саҕаттан сахалар бултаан кэлбиттэрэ, ама да сокуон баарын иһин, ити баҕас сиэри таһынан быһыы дии саныыбын.
Степан Михайлов:
— Сүүрдээх үүтээн эбит, үчүгэй тутуу барбыт, арааһа, баай тэрилтэ гиэнэ эбитэ дуу, баай киһи үүтээнэ дуу? Кимиэнэ буоларын биллигит дуо?
Иван Иванов:
— Атын киһи саатын уонна ол илдьэ сылдьыбыт киһини илдьэ бардыннар ээ, тоҕо барыларын «паровозтаан» состулар, ити баҕас наһаалааһын дии.
Владимир Сидоров:
— Сокуону билэр дьон буоллаҕа дии, сололоох дьон. Мин көрдөхпүнэ, сөпкө былдьаабыттар. Тоҕо эрдэ тахсаллар, кус баар буоллаҕына уоран кустууллара, «сарсыҥҥыттан көҥүллэнэр» диэн сыппаттара чуолкай. Күн былдьаһык.
Александр Портнягин:
— Сокуон аата сокуон. Бары сокуону кэспэккэ, Байанай хайдах биэрэринэн ылыҥ, ымсыы-обот буолумаҥ.
Онон, күндү булчуттар! Билиҥҥи кэмҥэ төһө даҕаны сэп-сэбиргэл тупсубутун, үрүсээк муҥунан таҥас-сап, мал-сал, кус ыҥырар монуок үөдүйбүтүн иһин, сиэрдээхтик бултуургутугар сүбэлиибит. Булт диэн көрүлүүр дьарык буолбатах. Ийэ айылҕа, Баай Байанай төһөнү биэрэринэн көрөн бултуургутугар сүбэлиибит.