Сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии хайдаҕый?
Өлүөнэ мууһа быйыл Дьокуускай аннынан ыам ыйын 15-18 күннэригэр ааһа турар. Иллэрээ күн баһылык Евгений Григорьев куорат прокурора Виктор Умеренконы кытта халаан уутугар бэлэмнэнии туругун бэрэбиэркэлээтилэр.
Ол курдук, сыл аайы Даркылаах оройуонугар уу ылар сиригэр турар I-кы Пристанская уонна II-ис Пристанская уулуссалары көрдүлэр. Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, территорияны МЧС үлэһиттэрэ хонтуруолга туталлар. Сыл аайы ууга барар территорияҕа турар 14 дьиэ олохтоохторугар иһитиннэрии оҥоһуллар, 13№-дээх оскуола дьиэтигэр быстах кэмҥэ олорор пуун тэриллэн турар.
МЧС тус састааба, анал тиэхиньикэ муҥутуур бэлэмнэр. Өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр, чуолаан «Якутскэнерго» үлэһиттэрэ эмиэ суукканы эргиччи дьуһуурустубалыыллар.
Куорат баһылыга уонна прокурора салайааччылаах бөлөх маны сэргэ 4№ уонна 6№ уу ааһар тутууларын, Сыырдаахха уона Тулагы Киллэмҥэ тэриллибит быстах кэмнээх пууннары эминэн-томунан хааччыллыыга тиийэ көрдүлэр.
Тулагы Киллэм нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Егор Попов иһитиннэрбитинэн, нэһилиэк халаан уута ылар түгэнигэр муҥутуур бэлэм. Ууга барар кутталлаах тиэргэннэринэн эриэйдэ ыытыллыбыт, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр анал үөрэх ыытыллыбыт.
Гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэни уонна территориялары ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр харыстыыр аналлаах управление салайааччыта Николай Егоров нэһилиэнньэни көһөрөр тырааныспар бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн куорат прокурора Виктор Умеренко сааскы халаан уутуттан көмүскэнэр дьаһаллар ымпыгар-чымпыгар тиийэ ылыллыбыттарын бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.