29.05.2024 | 10:10

Сааскы халаан хоромньута 1,7 млрд солк. куоһарда

Сааскы халаан хоромньута 1,7 млрд солк. куоһарда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников халаантан эмсэҕэлээбит оройуоннарга чөлүгэр түһэрии үлэтин тэрийэр ыытар штаб мунньаҕар хоромньу кээмэйэ 1,7 млрд тахсыбытын иһитиннэрдэ.

Ситэриилээх былаас уорганнарын, тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах мунньах халаантан ордук эмсэҕэлээбит Ньурба, Өлүөхүмэ, Нам оройуоннарыгар инфраструктураны чөлүгэр түһэрии, нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥоруу боппуруостарын дьүүллэстэ, инники соруктары торумнаата. 

Маны сэргэ быйылгы халаан барыллаан хоромньутун иһитиннэрдилэр. Ол курдук, Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба улуустарыгар уу уопсайа 25 нэһилиэги ылан, барыллаан 857 олорор дьиэ, 3497 киһи эмсэҕэлээбит. 
Ыам ыйын 27 күнүнээҕи туругунан 5000 тахса киһиттэн хоромньуну оһорунар төлөбүргэ сайабылыанньа киирбит. Госуслуги портал нөҥүө төлөбүргэ сайабылыанньалар киириилэрэ салҕанар. Барыллаан ааҕыынан, быйылгы халаан хоромньута 1,7 млрд солк. куоһарбыт, ол иһигэр: тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатыгар – 600 мөл. солк. тахса, энергетикэ уонна хомунаалынай хаһаайыстыба эбийиэктэригэр – 100 мөл. солк. тахса, тутуу эйгэтигэр – 500 мөл. солк. тахса, тыа хаһаайыстыбатыгар – 144 мөл. солк., үөрэхтээһиҥҥэ – 100 мөл. солк. тахса, промышленнаска – 7,5 мөл. солк. тахса.
Бу күннэргэ бары эмсэҕэлээбит оройуоннарга чөлүгэр түһэрии, хомунуу, ыраастаныы, өрөмүөн үлэтэ күргүөмнээхтик бара турар. Муниципальнай суоллары чөлүгэр түһэрии СӨ Суол пуондатыттан үбүлэнэр, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суоллары чөлүгэр түһэрии – суолу көрөр-истэр тэрилтэлэринэн. 
Нам оройуонугар эбийиэктэри – гаас ситимигэр, Өлүөхүмэҕэ электричество уотун ситимигэр холбооһун салҕанар. Сыл аайы ууга баран, чөлүгэр түһэриллибэт гына эмсэҕэлээбит 11 элбэх кыбартыыралаах уонна 4 чааһынай дьиэлээх дьоҥҥо РФ тутууга министиэристибэтэ субсидия көрөр. 34 урбаанньыкка туһааннаах министиэристибэ нөҥүө аадырыстаах көмө оҥоһуллар.
Санатар буоллахха, ыам ыйын 20 күкүгэр Ил Дархан Айсен Николаев сааскы халаанынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрбитэ. Халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ төлөбүрдэр 2-4 төгүл индексацияланан, биир киһиэхэ ананар харчынан суума кээмэйэ 10 тыһ. солк. диэри үрдээбитэ, бастаан утаа туттуллар баайы-дуолу сүтэрбиттэргэ төлөбүр кээмэйэ 100 тыһ. солк. диэри улааппыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...