08.04.2020 | 19:20

Саамай уустук нэдиэлэ күүтэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн киэһэ, муус устар 8 күнүгэр, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин регионнар салайааччыларын кытта онлайн мунньаҕын киин ханааллар быһа эфиргэ көрдөрдүлэр. Бэрэсидьиэн бар дьонугар туһаайбыт этиитин сүрүн тезистэрин аҕалабыт:

– Хас биирдии региоҥҥа дьон олоҕун туһугар охсуһуохтаахпыт. Бириэмэни харыстаан, барытын кэмигэр быһааран истэхпитинэ эрэ коронавируһу кыайыахпыт.

– Регионнар көрүллэр үптэрин бэйэлэрэ, ханна туһалаах буолуо дииллэринэн, тутталлар. Көрүллүбүт үбүнэн “маневрдуур көҥүл” бэрилиннэ.

– Быраастарга, сиэстирэлэргэ, балыыһа үлэһиттэригэр эбии төлөбүр көрүлүннэ. 10 млрд. тахса солк. федеральнай бүддьүөттэн тыырыллар. Муус устартан, 3 ый устата, ыарыһахтары кытта ыкса үлэлиир специалистарга эбии төлөбүр: быраастарга 80 тыһ.солк., орто медперсоналга 50 тыһ. солк., алын медперсоналага 25 тыһ.солк. Суһал көмө быраастарыгар 50 тыһ.солк., биэлсэрдэргэ, суоппардарга о.д.а. - 25 тыһ.солк.

– Сэбилэниилээх күүстэр страховкаларын курдук страховканы эмчиттэргэ эмиэ мэктиэлиэххэ.

– Бөдөҥ федеральнай медицинэ кииннэрин күүскэ үлэлэтиэххэ. Бырабыыталыстыба икки күн иһигэр федеральнай клиникалар куойкаларын регионнарга биэрэргэ дьаһаллары ыларыгар сорудахтаата.

– Регионнар коронавируһу утары үлэ былаанын оҥостубут буолуохтаахтар.

– Коронавируһу утары биир шаблонунан үлэлиир табыллыбат. Миэстэтигэр дьон олоҕун харыстыыр дьаһал ылыллыахтаах.

– Тэрилтэлэри маассабайдык барытын сабан кэбиһэр, тохтотор табыллыбат. Экономикаҕа охсуулааҕын бары өйдүөхтээхпит.

– Тэрилтэлэр үлэлиир усулуобуйаларын толкуйдаахтык тэрийиэхтээхпит. Ыарыы тарҕанар кутталлаах тэрилтэлэрэ эрэ тохтууллар.

– Кризис содулун кыччатарга кыһаллыахха. Региональнай испииһэгинэн суолталаах тэрилтэлэргэ көмөлөһүөххэ.

– Аччыгый уонна орто бизнескэ усунуостара кыччаата. Эбии дьоҕус бизнес тэрилтэлэригэр барыларыгар страховой усунуостарын төлөбүрүн болдьоҕун уһатыахха. НДС алта ыйга уһаата. Алта ыйынан хампаанньалар иэстэрин барытын биирдэ сабар кыахтара суох буолуоҕа, реструктизация схемата наада.

– Бырабыыталыстыбаҕа Центробааны кытта биир суолу тобулан, бизнескэ эбии кирэдьиит биэриини быһаарарыгар сорудахтаата. Бастатан туран үлэһиттэрин илдьэ сылдьар, дьону үлэнэн хааччыйар хампаанньаларга көмөлөһүөххэ диэтэ.

Дохуоттара кыччаабыт дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл туһунан:

  1. 3 сааһыгар диэри оҕолоох, Ийэ хапытаалын ылар бырааптаах ыалларга муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар - ыйга 5000 солк. төлөнөр.
  2. Бэс ыйыттан 3-7 саастаах оҕолоохторго көмө харчыны, кыаммат эрэ ыалга буолбакка, быйыл дохуоттара кыччаабыт дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар биэриэхтэрэ.
  3. Үлэтэ суох хаалбыттарга, учуокка кулун тутар 1 күнүттэн турбуттарга, босуобуйалара  хамнас алын кээмэйин саҕа  төлөнүөҕэ. Докумуоннарын барытын дистанционнайдык уһатарга. Болдьоҕо ааһан эрэр суоппар бырааба, пааспар барыта үс ыйга  уһуур.
  4. Дохуота кыччаабыт дьиэ кэргэҥҥэ хас биирдии оҕотугар 3000 солк. бэриллиэҕэ.

– Ипотека кирэдьиититтэн сынньалаҥы элбэх киһиэхэ биэрэргэ.

– Аан дойду уопутун үөрэтэбит. Саамай уустук маҥнайгы 1-4 нэдиэлэ буолар. Бу кэлэр 2-3 нэдиэлэбит ордук ыараханнык ааһыаҕа. Кытаанах ирдэбиллэри толордохпутуна эрэ кыһалҕаны быһаарыахпыт.

– Тэтимнээхтик уонна дьүккүөрдээхтик үлэлиэхпит. Резервэлээх үптээхпит, кризиһи туоруур уопуттаахпыт. Экономика кризистэн айгыраабыт эйгэлэрин өйүөхпүт, үлэтэ суох хаалбыт араҥаҕа көмөлөһүөхпүт.

“Арассыыйа олохтоохторо сылайбыттарын өйдүүбүн. Дьиэҕэ олорор салгымтыалаах. Ол эрэн талар кыахпыт суох. Биһиги эппиэтинэстээх сыһыаммытыттан, ыарыыны төһө түргэнник кыайарбыт тутулуктаах. Биһиги обществобыт сомоҕолооҕо билигин көстөр кэмэ кэллэ. Туох барыта ааһар. Печенегтэр, половецтар кытта саба түспүттэрэ. Ону да этэҥҥэ туораабыппыт. Арассыыйа барытын тулуйбута. Бары бииргэ барытын туоруохпут”, - диэтэ бэрэсидьиэн.

http://kremlin.ru/events/president/news/63176

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....