10.12.2022 | 17:00

Саамай улахан оскуола дьылҕата

Дьокуускайга саҥа тутуллубут өрөспүүбүлүкэ саамай улахан оскуолатын ийэ тыл туһугар туруулаһааччылар, оҕолорун сахалыы үөрэттэриэн баҕарар төрөппүттэр толору сахалыы тыыннаах, ийэ тылынан иитэр уонна үөрэтэр эйгэлээх буоларын туруорсаллар.
Саамай улахан оскуола дьылҕата
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Хас да мунньах буолан ааста, билигин илии баттааһынын хомуйуу бара турар. Бу нэдиэлэҕэ туруорсуу сурук киин куорат баһылыга Е.Н. Григорьевка уонна Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, СМИ-гэ уонна түмэт тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышеваҕа тиийиэхтээх.

Дьокуускай «Прометей» дьоҕус оройуонугар (68-с кыбаарталга) 990 миэстэлээх Саха сиригэр саамай улахан оскуола тутулунна. Оскуола дьиэтэ хас даҕаны силбэһэр блоктан турар. Алын сүһүөх кылаастар үөрэнэр блоктара туспа киирэр ааннаах, 12 кабинеттаах, туһунан технология уонна логопед-дефектолог хосторо бааллар. Үөрэнээччилэргэ аналлаах рекреационнай зонаны таһынан, анал оонньуур уонна сынньанар зоналардаах. Орто уонна үрдүкү сүһүөх кылаастар үөрэнэр блоктарыгар 20 кылаас баар. 3 этээстээх оскуола уопсай иэнэ – 13 тыһ. кв. м. тахса. Саҥа оскуола бу ыйга үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Эһиил күһүҥҥүттэн оҕолору ылан, тигинэччи үлэлээн барыаҕа.

 

Саха оскуолата аҕыйаҕыттан

Оскуолаҕа миэстэ тиийбэт кыһалҕата Дьокуускай куоракка быһаарыллыа ыраах. Ол иһигэр сахалыы эйгэлээх оскуола ахсаанын элбэтэ сатааһын – уопсастыбанньыктар биир сүрүн соруктара.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оскуолаҕа тылы үөрэтии 3 көрүҥэ баар: 1) Үөрэтии нуучча тылынан (төрөөбүт тыла – нуучча тыла, судаарыстыбаннай тыл быһыытынан) ыытыллар. Манна сахалыы эйгэ тэриллибэт, сорох кылааска саха тылын уонна литэрэтиирэтин биридимиэт быһыытынан аҕыйах чаас үөрэтэллэр; 2)Үөрэтии төрөөбүт тылынан (саха тылынан) ыытыллар. Үрдүкү кылаастарга икки тылы тэҥҥэ туттан үөрэтиллэр. Ол эбэтэр сахалыы эйгэҕэ иитэр, үөрэтэр, сахалыы эрэ кылаастардаах; 3)Үөрэтии нуучча тылынан барар, төрөөбүт тылы биридимиэт быһыытынан үөрэтии киирэр.

Официальнай чахчынан, киин куорат 58 оскуолатыттан 5-һэ саха оскуолата: Айыы кыһата, Саха гимназията, Чиряевтар ааттарынан национальнай гимназия, 2 №-дээх национальнай политехническай, 14 №-дээх Саха политехническай оскуолалар. Ис-иһигэр киирдэххэ, балартан дьиҥ сахалыы тыыны 3 эрэ оскуола тутан олорор. Атыттар сахалыы кылаастардаахтар эрэ, маны төрөппүттэр уонна тылы туруулаһааччылар “албын сахалыылар” диэн ааттаабыттара ыраатта...

Ол иһин бу саҥа тутуллар улахан оскуола дьылҕата ийэ тылы туруулаһааччылары, төрөппүттэри дьиҥнээхтик долгутар боппуруос.

 

Төрөппүттэр оскуола саҥа көрүҥүн туруорсаллар

Прометейга” саха тыллаах нэһилиэнньэ быдан баһыйарын быһаарбыт, саҥа оройуоҥҥа үксэ улуустан көһөн кэлээччилэр уонна Дьокуускай атын муннуктарыттан дьиэ атыылаһааччылар олохсуйбуттарын чинчийбит “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина:

 – “Прометей” түөлбэтигэр нууччалыы кылаастаах эрээри, сахалыы эйгэлээх уонна сахалыы, нууччалыы, английскайдыы араас биридимиэттэри үөрэтэр оскуоланы тэрийэри, үрдүк таһымнаах иитиини-үөрэтиини хааччыйар кыахтаах, оскуоланы салайбыт уопуттаах дириэктэри аныыры туруорсабыт.

Олох көрдөрөрүнэн, чинчийиилэр бигэргэтэллэринэн, онно эбии федеральнай үөрэххэ тыл бэлиитикэтин оҥорооччулар (М.Н. Кузьмин, О.И. Артеменко, К.А. Бичелдей) этэллэринэн, оҕо биир тылы билэр, онтон иккис тылы эбии үөрэтэр буоллаҕына, төрөөбүт тылын толору баһылыыр, иккис тылын сөпкө иҥэринэр, чиҥ билиини ылар, өй өттүнэн, киһи быһыытынан, айар дьоҕура бэркэ сайдар. Оттон нэдиэлэҕэ биир-икки чаас төрөөбүт тылын биридимиэт эрэ курдук үөрэтэр, иккис тылынан иитиллэр буоллаҕына, оҕо бастакы тылын сүтэрэр. Ол кини толору сайдыытыгар балачча мэһэйи оҥорор.

Ол иһин оҕоҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр-үөрэнэр эйгэни тэрийии улахан суолталаах. Ол курдук, сыччах нууччалыы эрэ үөрэтэр оскуолалар омук тылын мөлтөтөргө “үлэлииллэр” эрэ буолбатах, инники олоҕу оҥоруохтаах саха ыччаппыт кэхтэр суолун тэлэллэр, норуот дьылҕатын сарбыйаллар. Оттон сахалыы эйгэлээх уһуйааннары, оскуолалары сайыннарыы – омук кыаҕырар тосхоло.

Дьокуускай куоракка оҕолорун нууччалыы үөрэттэриэн баҕалаах төрөппүттэр баалларын болҕомтоҕо ылан туран, оскуола саҥа көрүҥүн тэрийэргэ этии  киллэрэбит. Сахалыы эйгэлээх, сахалыы иитиилээх эрээри нууччалыы кылаастардаах оскуолалар баар буолалларын ситиһиэххэ. Ол курдук, уопсастыбаннас «Прометей» түөлбэтигэр саҥа оскуола оннук буолара табыллар кыахтаах дуо?” диэн туруорсан, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ “Арктика тылларын экологията” норуоттар икки ардыларынааҕы билим-чинчийэр лабораторията бу кыбартаалга олорор төрөппүттэр ханнык үөрэх тылын ордороллорун билэр соруктаах чинчийиини ыытта. Чинчийиигэ 57,6 %  – 26-35 саастаах, 36% – 36-50 саастаах, 6,4 % – 50-60 саастаах дьон кытыннылар.

Олортон сахалар – 86,4 %; нууччалар – 8,1 %; хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар – 5,17 %. Ыйытыкка 18,7% эрэ эр киһи хоруйдаабыта хомолтолоох. Онон бу тахсыбыт түмүк, сүрүннээн, дьахтар аймах санаата буолар.

73% киһи – төрөөбүт тылынан саха тылын, 13 % – нуучча тылын, оттон нуучча уонна саха тылларын тэҥинэн 13 % ааттаабыт. Хас тылы баһылыылларый: 6,7% – биир тылы, 53,2 % – икки, 36,7% – үс, 3,4% – түөрт.

Саха тылын баһылыыр таһымнара: холкутук саҥарааччыта – 68,38%, саҥарар, ааҕар эрээри, сатаан суруйбат – 7,35%, саҥарар эрээри, аахпат, суруйбат – 2,94 %, куһаҕаннык саҥарар – 2,2%, өйдүүр эрээри, саҥарбат – 1,96%, кыратык өйдүүр, саҥарбат – 5,39%, билбэт – 4,41%.

Бу кыбартаалга киин улуустартан – 38,4 %, хотугу улуустартан – 10,1 %, Бүлүү улуустарыттан – 18,3%, бырамыысыланнастаах оройуоннартан – 2 %, Дьокуускай куорат атын сириттэн 28,2 % киһи көһөн кэлбиттэр. Биир оҕолоох – 35,5 %, икки оҕолоох – 39,2 %, үс оҕолоох – 11,7 %, түөрт оҕолоох – 2 %, биэс оҕолоох – 0,7 %, оҕото суох – 10,9 %.

Төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолоругар маннык тыллаах оскуолалары талаллар:

35,7% – саха тылын биридимиэт быһыытынан уонна омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр нууччалыы иитэр-үөрэтэр оскуоланы;

18,5 % – алын сүһүөххэ сахалыы иитэр-үөрэтэр, улахан кылаастарга сыыйа нууччалыы үөрэтиигэ көһөр, саха тылын биридимиэт быһыытынан наар үөрэтэр оскуоланы;

16 % – алын сүһүөххэ сахалыы иитэр-үөрэтэр, омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр оскуоланы;

16 % – саха тылын биридимиэт быһыытынан үөрэтэр нууччалыы оскуоланы;

5,7% – омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр нууччалыы оскуоланы;

3,7 % – сахалыы эрэ иитэр-үөрэтэр оскуоланы;

2,7% –  нууччалыы эрэ иитэр-үөрэтэр оскуоланы;

1,7% – хоруйдуурбун ыарырҕатабын.

Түмүктээн эттэххэ, бу түөлбэҕэ ыйытыыга хоруйдааччыта 89,9% үөрэххэ этнокультурнай тутулугу, 57,4%  – омук тылын дириҥэтэн үөрэтиини, 38,2% сахалыы иитиини-үөрэтиини талбытын учуоттаан туран, элбэх тылы дириҥэтэн үөрэтэр, элбэх тыллаах эйгэлээх, сахалыы иитиилээх эрээри, нууччалыы кылаастардаах оскуола арыллыахтааҕа арылыччы көстөр. Баҕар, үрдүкү кылаастарга атын биридимиэттэри үһүс тылынан үөрэтии киириэн сөп.

***

Төрөппүттэр туруорсуу суруктарын эт атахтарынан хааман, кыбартыыралары кэрийэ сылдьан баттаталлар. “Прометей” Салайар хампаанньа биллэриилэри ыйыыры кытаанахтык боппутунан сибээстээн.

Биллэрин курдук, маннык туруорсуунан, суругунан киирсиинэн быйыл “Прометейчик” уһуйааҥҥа эбии сахалыы бөлөҕү арыттарбыттара. Онон оҕолорун ийэ тылынан үөрэттэриэн баҕалаах төрөппүттэр санаалара бөҕөх. Сахалыы буолла да, барыта киирсиилээх, моһоллору туорааһыннаах диэн хом санааларын тиэрдэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...